Холобур буолар Далбар Хотуттар
Эмис нэһилиэгин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтэ Анастасия Степанова Алтан нэһилиэгин уонна Амма улууһун бочуоттаах олохтооҕо Екатерина Никитина салайааччылаах «Чысхаан» Саха сирин хайыһардьыттарын спортивнай кулуубун састаабыгар киирэн, Челябинскай уокурук Златоуст куоратыгар ыытыллар норуоттар икки ардыларынааҕы хайыһар күрэҕэр айаннаата. Өрөспүүбүлүкэттэн уопсайа 27 кыттааччы көттө.
Анастасия Степановна аҕыс ийэлээх улахан дьиэ кэргэн күн күбэй ийэтэ буоларын таһынан өссө уһун тыыннаах бастыҥ хайыһардьыт, марафонец быһыытынан биллэр.
— Бэйэм Сатаҕай нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Хайыһардыырбын наһаа сөбүлүүбүн. Урут сүүрүүнэн утумнаахтык дьарыктаммытым. Уопсайынан, таһырдьа дьарыктанарбын ордоробун. Киһи доруобуйатыгар олус туһалаах. Сөбүлүүр дьарыкпынан хас сыл аайы күрэхтэһиигэ кыттабын. Онон «Чысхаан» спортивнай кулуупка киирбиппиттэн наһаа үөрэбин. Биһигини, хайыһардьыттары, барыбытын түмэн иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьар Екатерина Семеновнабытыгар наһаа махтанабын, — диэн Анастасия Степанова кэпсээтэ, спордунан дьарыктанарга ыҥырда.
Бастыҥ хайыһардьыт, биллэр марафонец Анастасия Степанова ситиһиилэрэ: 2020, 2022 сылларга Амма уонна Бороҕон спартакиадаларыгар марафон кыттыылааҕа. Киргизияҕа 10 км хайаҕа сүүрүүгэ 3 миэстэлээх. Казань куоракка ыытыллыбыт марафон икки төгүллээх кыттыылааҕа. «Полюс холода» экстремальнай кыһыҥҥы сүүрүүгэ 2019, 2021, 2022 сылларга бэйэтин саастыылаахтаргар кыайыы өрөгөйүн билбитэ. Кыһыҥҥы спартакиадаҕа Амма улууһун чиэһин хайыһар күрэҕэр элбэхтик көмүскээн бириистээх миэстэлэргэ тиксибитэ. Уфа, Ижевск куораттарга Саха сириттэн 2021, 2022 сылларга күрэхтэспитэ элбэҕи этэр.
Анастасияны кытта бииргэ күрэхтэһэ айаннаан иһэр, олохторун спорду кытта ыкса ситимнээбит, ыччаттарга чахчы холобур буолар Сахабыт сирин ытык-мааны Далбар Хотуттара хайыһар күрэҕин призердара, чемпионнара санааларын үллэһиннилэр. Уус Алдан улууһун Бээрийэ нэһилиэгиттэн төрүттээх, зоотехник идэлээх Чурапчы улууһун Кытаанах нэһилиэгин олохтооҕо 78 саастаах Зинаида Андреева сүүрүүнэн даҕаны, хайыһарынан даҕаны күн бүгүнүгэр диэри дьарыктанар.
— Чысхаан» кулуупка киирэммин төрдүс сылбын Арассыыйа күрэҕэр кытта баран иһэбин. 2014 сыллаахха Сыктывкарга 10 км иккис, 5 км үһүс миэстэлэри ылаттаабытым. Өрөспүүбүлүкэҕэ бэйэм саастыылаахтарбар өрүү миэстэлэһэбин. Хайыһарга эмиэ оннук, наар чемпионнуу сылдьабын. Хайыһардыыр, чөл олоҕу тутуһар дьон өрүү эдэр буолаллар. Хас күн аайы сүүрэбит, хаамабыт. Төһө да тымныы буоллун, -50 кыраадыска даҕаны син биир дьарыктанабыт. Онон төһө кыалларынан сөбүлүүр дьарыкпын бырахпаппын. Спорт киһини бэрээдэктиир, режимҥэ үөрэтэр, — диэн Зинаида Семеновна этэр.
Хайыһар делегациятын састаабыгар Арассыыйа үс төгүллээх, Уһук Илин түөрт төгүллээх чемпиона биһиги биир дойдулаахпыт Сулҕаччыттан төрүттээх Чурапчы улууһун Мындаҕаайы нэһилиэгин олохтооҕо Екатерина Павлова (Рязанская) баар. Екатерина Николаевна хайыһарынан алтыс кылаастан сөбүлээн дьарыктанар. Онтон ылата олоҕун аргыһа оҥостон күн бүгүнүгэр диэри араас таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттар.
— Биһиги салайааччыбыт Амма Алтаныттан төрүттээх Екатерина Семеновна Никитина буолар. Кини биһиги «Чысхаан» спортивнай кулууппутун тэрийбитэ ыраатта. Онон сыл аайы араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттабыт. Тымныыттан толлубакка хайыһардаан диэн ыҥырыам этэ. Хайыһар наһаа туһалаах, өйдүүн-санаалыын чөл, эт-сиин чэгиэн буоларыгар көмөлөһөр, — диэн Екатерина Николаевна биир дойдулаахтарын ыҥырар.
Спорду өрө туппут биир дойдулаахтарбытыгар ситиһиини баҕарабыт. Өрүү да маннык ыччаттарга холобур буола турдуннар.
+7 (999) 174-67-82