Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр ураты киэһэ буолан ааста

“АЙАРГА” суруйааччы көстүүнэйэ

Бээтинсэ күн Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр Намҥа ураты киэһэ буолан ааста. “Чороон” норуот айымньытын дьиэтигэр дьон-сэргэ урут буолбатах улахан үөрүүгэ тоҕуоруста. Бастатан туран, бу күн  РФ уонна СӨ үтүөлээх бырааһа, Наука уонна тиэхиньикэ эйгэтигэр СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, СӨ ытык киһитэ, медицинскэй наука доктора, биллиилээх кардиохирург, “Сүрэх хирург хараҕынан” кинигэ ааптара Петр Иванович Захаров ыалдьыттаата. Иккиһинэн, кини үөрэнээччитин, бу дойдуттан төрүттээх эмиэ кардиохирург идэлээх Василий Иванович Павловы илдьэ кэлбитэ намнарга улахан киэн туттуу уонна өссө үрдүк үөрүү үктэлэ буолла.

“Айарга” суруйааччы көстүүнэйэ” эҥинэ бэйэлээх идэлээх дьону ыалдьыттатан уонна кинигэни суруйар ааптардары билиһиннэрэн, кинилэр кэскиллээх, сүмэлээх тылларын-өстөрүн  норуокка иһитиннэрэллэрэ хайы-үйэ иккис сылын кэрэхсэнэр. Көстүүнэйгэ ыалдьыттыы кэлбит истээччилэр-көрөөччүлэр СҮРЭХ анал үөрэхтээҕэр сүгүрүйэн, луохтуур Петр Захаров киирэригэр ким да ыйыыта суох сүһүөхтэригэр туран ытыстарын таһына айхаллыы-махтана көрүстүлэр.

Улахан бырааһы, киһи-аймахха тыын уорганы, сүрүн мотуору көрөөччү-истээччи, эмтээччи-абырахтааччы курдук сэдэх идэни баһылаабыт, сахаларга аан бастакынан аһаҕай сүрэххэ эпэрээссийэни оҥорбут, атын сүрэҕи олордор ньымаҕа тиийэ уһулуччу сэдэх сатабыллаах киэн туттуубутун эҕэрдэлии Нам улууһун баһылыга Ю.И.Слепцов уонна Хатыҥ Арыы баһылыга И.Д.Ноговицын тиийэн кэлбиттэрэ олохтоохтору долгутта. Кинилэр дьоннорун-сэргэлэрин  аатыттан  истиҥ махталларын   тиэртилэр. “Айар” кинигэ кыһатыттан генеральнай дириэктэри солбуйааччы В.Н.Луковцев уонна кылаабынай эрэдээктэр М.Г.Макеева оҥоһуллан тахсыбыт кинигэ ааҕааччытын булбутуттан үөрэллэрин эттилэр, Петр Иванович тыа сирин дьонугар сылдьар сэдэх түгэнинэн эҕэрдэлээтилэр.

Көрсүһүүгэ уонна кинигэни атыылаһан ылан автограф суруйтаран ылар баҕалаахтар уочаракка түбэстилэр. Маннык тоҕуоруһуу мэлдьи буолбат, буолаары буолан мэдисиинэ уустук тиэмэтигэр уу сахалыы ураннык, судургутук ыарыы туһунан суруллубуту сэҥээрээччи элбэҕэ соһутта, үөртэ. Быраас эрэ барыта мэдисиинэҕэ сыһыана суох дьоҥҥо анаан итинник суруйбат. Ону ааҕааччы эндэппэккэ өйдөөбүт, наһаа чараастык ылыммыт. Ол иһин даҕаны кинилэр ааптартан өссө салгыы атын кинигэни эрэйэллэрин эппиттэрэ истэргэ олус долгутуулааҕа. Ким эрэ атын улуустан тиэтэйэн, тутуу баттаһан, ким эрэ атын нэһилиэктэн, үбүлүөйтэн акаастанан туран, П.И.Захаровы илэ көрөөрү,  тиийэн кэлбиттэрэ, махталларын сылаас тылларын эппиттэрэ, ама киһини долгуппат буолуо дуо?

Сүрэх туһунан кэпсэтии уустук. Тустаахха ыарахан. Кыһалҕалаахха тыын наадалаах. Чэгиэн киһи сэрэнэригэр эмиэ элбэх холобуру истибитэ туһалаах. Онон ситинник кэпсэтии быыһыгар эмиэ сүрэх туһунан бириистээх биктэриинэ ыытылынна, оҕолор ырыалара-тойуктара ыраахха диэри дьиэрэйдэ. Бу сылларга араас кэнсиэргэ элбэҕи истибит дьоһун публиканы СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ырыаны, айааччы, толорооччу, академическай ыраҕы Бүтүн Россиятааҕы куонкурустар лауреаттара Николай Спиридонов кэнсиэр кэриэтэ хас эмэ ырыаны толорон астыннарда, соһутта, сүрэҕи сүүдүттэ, ырыанан угуттаата, дьоллоото.

Оттон “Айардар” үгүс сүпсүгүрүүтэ суох уу-чуумпутук үлэлэрин барытын оҥорон кэллилэр. Хатыҥ Арыы нэһилиэгин дьаһалтатын, мэлдьи көх-нэм буолар Е.И.Стручкованы,  бибилэтиэкэр В.Д.Носкованы, кытта түптээх, былааннаах үлэни салгыы ыытарга Киэҥ араҥаҕа анаммыт таһаарыылар эрэдээксийэтин сэбиэдиссэйэ Н.П.Андросова анаан кэпсэттэ, олохтоох ханаалга интервью биэрдэ. Эрэдээктэрдэр Т.И.Федорова, А.А.Бурцева тэрээһин үлэ тимэхтэрэ буолан барыны ыпсардылар, атыыны көҕүлээтилэр, оттон Огдо тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытта. Менеджер Б.В.Сильвестрова уоннатүргэн сыыдам сырыылаах ыытааччы Г.А.Лазарев буоланнар кинигэ ааҕааччытыгар тиийэригэр бары кыахтарын туһаннылар.

Итинник. Хаһан эрэ улуу суруйааччы эппитинии “Дьону үөрдэ сырыттарбыт”, ааҕааччыларбытын түмтэрбит, истээччилэрбитин үксэттэрбит!

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх