«Хапсыһыы» киинэни көрөн кэлэйдим: Аата сүрүн!
«ХАПСЫҺЫЫ» КИИНЭНИ КӨРӨН КЭЛЭЙДИМ:
Аны биир ый бардарбын 85 сааһым туолуо этэ даҕаны олоххо тардыһыым уҕараабат. Ол иһин, эндирдээх олоҕу да олордор, Саха сирэ барыта,ордук биһиги чурапчылар киэн туттар,убаастыыр,сахалартан бастакынан оҕолорго Сэбиэскэй Сойуус чемпиона В.П.Карпов туһунан «Хапсыһыы»диэн киинэни көрдүм. Ол кэннэ, быһаччы эттэххэ, кэлэйдим. Тоҕо?
Вячеслав Карпов Эрэлик Эрэстиин суруйбутунуу уруккута «дьаҕа баһа»Чурапчы Чакырыттан төрүттээҕин ким да мэлдьэспэт.Ол эрээри мин кэлин төрдүлэрбин хаһан,альбом-кинигэ оҥорорбор билбитим,кини ийэтэ Дьэбдьиэ эһэтэ төрүт биһиги Кытаанах нэһилиэгин Чуопчаар Көстөкүүн (Абрамов) диэн номоххо киирбит сымса,тустуук киһи эбит.Онтон мин ийэм Аана (Абрамова)төрөппүт эһэтэ Авва кум Чуопчаар Көстөкүүннүүн убайдыы-бырааттыылар эбиттэр.Онон мин Вячеславтыын ийэлэрбитинэн 4-с көлүөнэҕэ Ньукулай Абрамов диэн биир киһиттэн кэлбиппит
Таарыччы аҕыннахха мин аҕам сэриигэ өлөн, ийэм Аана В.Н.Захаров диэн эмиэ сэрии кыттыылааҕар ойох тахсан 4 оҕоломмута.
Олортон соҕотох уола быраатым Афанасий, норуокка, тустууктарга биллэринэн Хоос Оппуонньа тустууга Сойуус маастара, биир сыл өрөспүүбүлүкэ бастыҥ спортсмена буола сылдьыбыта.Кини Вячеслав ааттаах табаарыһа этэ.Ол иһин билигин кэлэн ,кинилэр аймахтыы буолалларын билэллэрэ эбитэ дуу,суоҕа дуу диэн санаан ылабын.Онон мин В.П.Карповы аҥардас сахалары ааттаппыт чулуу тустуук,өрөспүүбүлүкэҕэ дуобат,саахымат сайдыытыгар улахан кылааты киллэрбит киһинэн эрэ буолбакка,кэнниттэн,хойутаан да буоллар, хаан аймаҕым курдук истиҥник саныыбын.Кини туһунан 2011 с.тахсыбыт бэйэтин кэпсээнинэн, Саха народнай суруйааччыта Е.Неймохов эрэдээксийэлээн 301 сирэйдээх «Ат өрөҕөтүнэн,уорҕатынан олох» диэн бэртээхэй кинигэтиттэн элбэҕи билиэххэ сөп.
Бу санааларбын суруйаары ол кинигэни иккистээн көрдүм,аахтым.Кинигэ кэннигэр кини туһунан ойоҕо Татьяна Карпова,бииргэ үөрэммит,үлэлээбит доҕотторо А.И.Поисеева, Л.Д.Барашкова, Петр Калачев, Егор Пудов, Петр Портнягин , Афанасифй Романов,Афанасий Кириллин уо.д.а.истиҥ ахтыыларын киһи долгуйбакка эрэ аахпат.
Мин, кырдьыгынан эттэххэ, Вячеславы кытта илэ элбэхтик алтыспатах киһим. Суруйбутум курдук,кырдьыахпар диэри кинилиин төрдүбүт биир буоларын билбэт этим.Ол эрээри кинини уруккуттан убаастыыбын,ытыктыы саныырым.
Ол санааларым дуобат оонньуутун фаната,маастара,өрөспүүбүлүкэ чемпиона,элбэх күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара И.С.Пинигин бэйэтин олоҕун уонна дуоб ат туһунан бэртээхэй кинигэтин эрэдээксийэлээн оҥорорбор өссө күүһүрбүтэ.Онно Иван Семенович Вячеслав киэҥ билиилээҕин,үгүс кэпсээннээҕин,ордук элбэх анекдоту билэрин,олору олус сатабыллаахтык кэпсиирин, ханна баҕарар «душа компании» буоларын тоһоҕолоон бэлиэтээн истиҥник суруйбут.
Дьэ,итинник өйдөбүллээх «Хапсыһыы»киинэни көрө тиийэн баран улахханнык хомойдум.
Киинэ художественнай дэммитин да иһин үксэ документальнай курдук. Быһаччы эттэххэ, В.Карпов олоҕун,үлэтин,дьиэтээҕи балаһыанньатын туһунан улахханнык кэпсэммэт. Арай бүтэһигэр экраҥҥа кини дуобат кулуубун үлэлэппитин туһунан элэс курдук суруллан ааһар. Киинэ саҕаланыытыгар Слава Сойуус чемпиона буолан самолеттан а түһүүтүгэр аҕыйах киһи уруйдаан-айхаллаан көрсүһүүлэрэ көстөр.Салгыы улахан эрээри кураанах кэриэтэт заалга тырыбыт наттан, биир тойон быһылаах киһи чөмпүйүөн буолбутунан үөрэн-көтөн эҕэрдэлиир. Аны ол эҕэрдэлии турдаҕына чөмпүйүөммүт заалтан тахсан баран хаалар. Аата хобдоҕун!
Онтон салгыы киинэ устатын тухары кэриэтэ эдэр чөмпүйүөммүт арыгылаах бытыылканы тута сылдьан куолайыттан хантатан иһэ сылдьара,итирэрэ көстөр.Ол иһэрин быыһыгар урукку олоҕун, тустууларын түгэннэрэ көстүтэлииллэр.
Саамай өйдөөбөтөҕүм, кыһыйбытым, ол итириктии сылдьан чугас доҕоро Роман Дмитриев олимпийскай чөмпүйүөн буолбутун туһунан хаһыакка ааҕан баран мичик гынан үөрбэт даҕаны. Хаһыаты дэлби кумалаан сутуругар суулаан баран илдьэн умайа турар оһоххо быраҕар. Аны туран ол сууламмыт хаһыаппыт оһох иһигэр киирэн тэнийэн «Роман Дмитриев..»диэн суруга чуолкайдык көстөн уот төлөнө ол суругу сиирэ олоччу көһүннэ.
Ону көрөн этим тарта! Аата сүрүн! Баар суох маҥнайгы олимпийскай чөмпүйүөммүт суруллубут аатын уокка сиэтии! Төрүт итэҕэйбэппин! Ама оннук буоллаҕай!
Өссө ити кырата. Биирдэ эмиэ итирэн баран улуу тренербит Дмитрий Петрович дьиэтин иннигэр кэлэн хаһыытаан-ыһыытаан «эн миигин манныкка тиэртин»диэбит курдук саҥара,хаһытыы турара истиэххэ олус олуона.
Өссө онно бэйэтэ буолбакка кини оннугар диктор нууччалыы «ты»,»ты» дии-дии ыххайан,хаһытыы былаан,күргүйдээбит курдук саҥара истэргэ олус сүрдээх!Маны улуу киһибитин- Бөтүрүөбүһү холуннарыы курдук сыаналаатым. Сүрэ бэрт!
Аны Слава чөл олоххо төннүүтүгэр кини олоҕун аргыһа, тапталлаах ойоҕо Татьяна Петровна тулуура, дьулуура,дьахтар,ийэ быһыытынан холобура суох бэриниилээҕэ улахан оруолу ылбыта мөккүөрэ суох.Онтон киинэҕэ кини оруола кыратык да көстүбэтин. кэриэтэ.Арай иккитэ хаста книлэр саҥата суох имиллибит таҥастаах тимир ороҥҥо хоонньоһо сыталлара көстөр.Ону тэҥэ биирдэ холуочук туран «миигиттэн араҕыс»диэбитэ иһиллэр.Онтон ордук туох да оруннаах көстүү мэлигир.
Киинэҕэ Вячеслав оруолун төрүт маарыннаабат, быдан үрдүк уҥуохтаах, ыйааһыннаах сынаарыйын суруйбут,режиссер сахалыы Ох Санаа диэбит курдук ааттаах киһи бэйэтэ оонньуур. Онтон Татьяна Петровна оруолун быдан уһун,көнө уҥуохтаах ырыаһыт Кэрэчээнэ Туприна толорбута төрүт барсыбат.
Аны киинэ өҥнөөх(цветной) буолбатах. Былыргылыы хара-үрүҥ (черно-белай) пленкаҕа уһуллубута олус болоорхой. Биирдэ да күн,сырдык, ыраас күн көстүбэтэ.Дьиэ иһинээҕи сценалар барыта имик-самык лаампа уотугар уһуллубуттара курус санааны үөскэтэр.Маны таһынан артыыстар сахалыы саҥалара биирдэ эмэ симиктик иһиллэр.Үксүн кинилэр оннуларыгар диктор нууччалыы саҥарар.Ол тоҕо эбитэ буолла?Атын сирдэргэ,нууччалыы саҥалаахтарга көрдөрөөрү бэлэмнээбит буолуохтарын сөп.Маннык нууччалыы диктор саҥарар киинэтин хаһан да түбэһэн көрө иликпин.Онтон ити омуктарга тиийэ аатырар киинэлэрбитигэр бары сахалыы саҥаралларын синхроннай тылбааһа экран аллараа өттүгэр нууччалыы суруллан тахсаллар этэ буолбатах дуо? Онтон бу киинэҕэ артыыстар сахалыы саҥараллара кэннигэр биирдэ эмэтэ сэмэйдик иһиллэр. Тоҕо?
Түмүгэр,өссө төгүл бигэргэтэбин.Бу киинэни төрүт сөбүлээбэтим. Арыгы куһаҕанын өйдөтө сатаабыттара буолуо дуо? Маны атын дьон,ыччаттар көрдөхтөрүнэ Карпов арыгыһыт,куһаҕан да киһи эбит.Онтон улуу Бөтүрүбөспүтүн кини бүдүрүйбүтүгэр төрүт кыһаллан да көрбөтөх киһи курдук көрдөрө сатаабыттарын курдук өйдөбүлгэ тиэрдэр. Ол иһин бу киинэни прокаттан устуохха диэччилэргэ сөбүлэһэбин.Ол кэннэ киинэни таһаарыччаларга сынаарыйын бигэргэтэр,маҥнайгы сүрэхтэниитин эҥин дьүүлэһэр кэмииссийэ,сүбэ эҥин суох буоллаҕа дуу диэн саннааҕа кэлэбин.
Бу санааларбын киэҥник тарҕатан дьүүллэһэргит буоллар маннык саҥардыы тахсан эрэр сахабыт киинэтин түһэн биэрэр үлэлэр тахсыылара тохтуо этэ диибин. Эһиги санааҕыт?
+7 (999) 174-67-82