Хапсыһыы

Награждение победителей. Слева направо: Валентин Макаров, артист Саха театра, Федор Турантаев, победитель конкурса, София Булчукей, главный редактор издания SakhaLife.ru

Федор Тимофеевич Турантаев — один из победителей нашего конкурса «Мое знакомство с театром». Его рассказ «Хапсыһыы» продолжает наш цикл публикаций о первой встрече с прекрасным.

Мин Иркутскай куоракка үөрэнэр кэмнэрбэр, сайыҥҥы сынньалаҥмар дойдубар – Уус-Алдан Тандатыгар кэлэ сылдьан, Саха тыйаатырын артыыстарын аан бастаан «тутан олорон» көрбүтүм диэххэ сөп. Ити 1985 сыл бэс ыйыгар этэ, үрүҥ түүннэр үгэннэригэр (мин онно 23 саастааҕым, сулууспалаан кэлэн баран сопхуоска үлэлээбитим, онтон үөрэнэ барбытым). Ол саҕана тыаҕа артыыстар кэлэр сурахтара: кимнээх, хантан, хаһан кэлэллэрэ, эрдэттэн биллэннэр, бөһүөлэги түргэнник «толорон» кэбиһэллэрэ. Олохтоохтор, кыра-кыралаан үлэлэрин-хамнастарын үмүрүтэ сылдьаннар, ол буолар күнү истэригэр кэтэһэллэрэ, оҥостоллоро. Онтон сопхуос сайылыктарыттан үлэһиттэри анаан автобуһунан, массыынанан аҕалаллара уонна илдьэллэрэ (манна даҕатан эттэххэ, индийскэй киинэ буолар күнүгэр ити көстүү эмиэ хатыланара, киинэни киэһээ 9-10 чаастан оҥороллоро, сайылык дьонун кэтэһэн).

Ити сырыыларыгар артыыстар биһиэхэ икки күн оонньообуттара. Бастакы күн Егор Петрович Неймохов сэһэнинэн, Андрей Саввич Борисов туруоруутунан «Хапсыһыы» диэн испэктээкили көрбүппүт. Онтон сарсыҥҥытыгар ырыалаах-тойуктаах кэнсиэр буолбутун күн бэҕэһээ курдук өйдүүбүн. «Хапсыһыыга» сүрүн оруоллары толорбут артыыстар (алҕаһаабат буоллахпына) Герасим Семенович Васильев уонна Кирилл Михайлович Семенов олус итэҕэтиилээхтик, кэрэхсэбиллээхтик итиэннэ ылыннарыылаахтык бэйэлэрин уобарастарын арыйан оччотооҕу көрөөччүгэ толору тиэрдибиттэрэ. Ити мин эрэ санаам буолбатаҕа чуолкай. Ол саҕанааҕы эдэр артыыстар айымньыга ойууланар 70-нус сыллар ортолорунааҕы тыа сирин олоҕун, тустуу, саха тустуук уолаттарын, кинилэр олохторун (эрчиллиилэрин, күрэхтэһиилэрин итиэннэ ситиһиилэрин) уонна дьылҕаларын тустарынан үрдүк таһымҥа оонньоон сөхтөрбүттэрэ. Бу туруорууга көстөр дьоруойдар, мин ол саҕанааҕы «эдэркээн» көрүүбэр, улахан спорка эрэ хапсыспакка, оччотооҕу сэбиэскэй кэми төһө да сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээҕинэн ааттаатарбыт, сарсын, өйүүн үүнэр күннэр олохторугар, ол күннэр ситиһиигэ сирдиир хапсыһыыларыгар эмиэ бэлэмнээх курдук буолар суолу тутуһуулара, онно барытыгар дьулуурдаах уонна тулуурдаах туруу ыллыгы тэлиилэрэ айымньы сыалын-соругун өссө толору арыйан, ситэрэн-хоторон, толорон биэрбиттэрэ…

Өссө биир түгэҥҥэ тохтуубун, ол Дьокуускай ол кэмнээҕи аэропуордун олоҕо кыратык да буоллар мин эдэркээн дууһабын «таарыйан» ааспыта буолар. Ааспыт үйэ 70-нус сылларыгар Дьокуускайтан дойдубут тэбэр сүрэҕэр – Москваҕа (эбэтэр атын киин да куораттарга) көтүү буолаары турарын туһунан биллэрии хайдах эрэ уратытык иһиллиитэ (объявление о регистрации рейса), Ил-18 сөмөлүөт тыаһа-ууһа, айан дьонун кыратык да буоллар харахпар ойуулаан оҥорон көрөн ылыым эҥин барыта холбоһоннор, хайдах эрэ, оччотооҕу салгынынан айан олоҕо тыа сирин кулуубун сыанатыгар, кыл да саҕа түгэҥҥэ, «бу буола турара», социализм знамятын аннынан күнүскү күүстээх үлэттэн сынньана кэлбит үлэһит дьон иннигэр өйтөн дэбигис сүппэттии ойууламмытын туһунан киһи манна хайдах да ахтан аһарбат буолуон табыллыбат. (ТУ-154 көтөр аал биһиги Сахабыт сиригэр 80-нус сыллар саҥаларыгар кэлбитэ, ол иннинэ Ил-18 сөмөлүөт бүтүн олохпутун, олохпут устатын тухары барбыт-кэлбит айаммытын арыаллаан кэлбитэ диэтэхпинэ улахан алҕас буолбата буолуо, ол дойдум кулуубугар көстөн ааспыта тус бэйэбэр долгутуулаах курдук этэ.)

Ити кэмтэн ыла 36 сыл ааста, ол усталаах туоратыгар саха суруйааччыларын айымньыларын ааҕан, саха артыыстарын оруолларын көрөн кэллим. Ол эрэн, этэргэ дылы, бастакы туохтааҕар да күндү (первое впечатление дороже всего). Бу сыллар тухары ордук Ефим Степанов, Герасим Васильев, Кирилл Семенов курдук артыыстар оонньуур испэктээкиллэрин киһи астына-дуоһуйа көрөн күнүскү түбүктэн сынньанар. Саха сирин аар-саарга аатырдыбыт кыргыз омук улуу суруйааччыта Чингиз Айтматов «Хаарыан хампа күөх кытылым» сэһэнинэн А. С. Борисов туруорбут испэктээкилин туһунан бүгүн манна ахтан ааһар тоҕоостоох, дии саныыбын. Атын омук туһунан суруллубут уонна туруоруллубут бу айымньы элбэҕи санатар, толкуйдатар ураты аналлаах. Манна ордук норуот ис туругун тутула, санаатын күүһэ кыайаллар (здесь побеждает духовная сила народа). Ону барытын арылхайдык оонньоон көрөөччү дьүүлүгэр тиэрдии – бу артыыс ис арыллыыта, кини соруга, бүтүн олоҕо да буолар диэххэ сөп. Көрөөччү ылыныыта – бу артыыс ситиһиитэ.

Ити курдук олохпор аан аһар Саха тыйаатырын испэктээкилин дойдубар көрүүм, саха артыыстарын кытары бастакы «билсиим» ыраах хаалбыт эдэр саапыттан саҕаламмыта. Билигин Васильевы уонна Семеновы көрдөхпүнэ тута «Хапсыһыыны» саныы түһэбин, онтон «Хапсыһыы» айымньы туһунан ханна эмэ аахтахпына, көдөхпүнэ харахпар, хайдах эрэ, ити артыыстарым элэҥнээн ааһар курдуктар.

Барыгытыгар улахан махтал! Өссө да ситиһиилэр кэккэлии турдуннар!

Федор Тимофеевич Турантаев, Дьокуускай к.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх