Эти-сиини чэбигирдэр хамсаныыларга арааьынай ньымалар бааллар. Куннээ5и олоххо (хаамыы, дьиэ иьигэр улэлииргэ хамнаныы). Актыыбынай хамсаныылаах сынньалан (ункуу, о5олору кытары оонньуу, бэлэсипиэтинэн тэбии). Успуорт (фитнес, эрчиллэр ьааллар, бассейн, футбол, волейбол и уо.д.а.)
Доруобай буолуу оҥкула сиэр-майгы, өй-санаа киһи этин-сиинин кытта быһаччы сибээстээх. Соптоох хамнаныы олохпутугар олус туьалааах. Хас биирдии быччынмыт хамнанна5ына, киьи дуоьуйууну ылар. Дуоьуйуу буолар кэмигэр, уоруу- котуу гормонун уьугуннарар, ол тумугэр туох баар ыгылыйыы, хом санаа, сылаабыт барыта ааьан, этэргэ дылы киьи тынатынан толору тыынар буолар.
Аныгы уйэ5э, тимир коло сайдан хамсаныыны а5ыйаттылар. Киьи кэлэригэр барарыгар хаампат буолла, барыта тимир коло онотун туьаныы буолла, киьи биир сиргэ олорон ой- санаа оттунэн улэлиир буолла. Холобур, дьиэбитигэр танас уонна иьит сууйар массыына, а5ыйах кунуопканы баттаатын да5аны кылыгыр уу курдук ыраас гына сууйан кэбиьэллэр. Дьиэбитин пылесос сууйар, «ойдоох» дьиэ баар буолан, дьон уотун холбуу, чайник да холбуу суурбэккэ, санатынан биир сиргэ олорон эрэн холбуохтарын сеп.
Быччыны улэлэттэххэ, киьи ис туругар чолго туьуу, бары уорганнарын улэлэрэ, мэйиитин улэтэ сайдыылаах, таьаарыылаах буолар, хаан эргиирэ тургэтиир, сурэ5э сепке тэбэр, ити тумугэр киьи тас корунэ тупсар, араас тобо ыарыытын ыраа5ынан аьардар буолар. Элбэхтэ хамнанар киьи улэлиир таьыма улаатар. Онтон буолла5ына а5ыйахта хамнанар киьи ойдоон кордоххо эрдэ кырдьар кэриэтэ, ыарыыга ылларымтыа буолар, уойуу, уйул5а оонньуутугар ылларыы (стресс).
Улахан хамсаныыны онорбот буолуу, киьиэхэ ис туругар охсулаах буолар. Киьи этэ-сиинэ быччына куннэтэ элбэх но5уруусканы эрэйэр. Организм куннээ5и олоххо но5уруусканы ылбат буолла5ына, туттуллубат эттиктэри ке5урэтэн барар (санаатыгар наадата суох, кыттыыны ылбат былчыннары), ол тумугэр киьи этигэр-сиинигэр кэьиллиини а5ылыан сеп. Бастатан туран сурэх, тымыр эйгэтигэр. Саппаас тымырдар, кыра тымырдар а5ыйыыллар, эти-сиини хааччыйар тымырдарбыт сурэххэ уонна мэйиигэ а5ыйыыллар. Ол тумугэр кыра да5аны кыараабыт тымырга хаан мустуута олорор улэлээх улаханнык хамсаммат киьиэхэ сурдээх улахан буортуулаах буолар. Бу маннык хамнаммат дьонно тымырдарын саппааьа сайдыбат буолан биир эмэ сиргэ тымыр кыараан хаан эргиирэ тохтоо5уна, аьыахтаах килиэткэ улахан участага оло5ун эргиирэ тохтоон хаалар.
Онтон куннээ5и олоххо, элбэх хамсаныылаах дьон, саппаас тымырдара чол буоланнар, улахан да но5орууска кэннэ, начаас урукку челлеругэр туьэллэр. Тымыр кыарааьына, ол онно хаан мустуута да5аны кинилэргэ отой дэннэ кестеллер, то5о диэтэр куннэтэ хааннарын эргиирэ тургэн буолан куьа5аны барытын организмнара сай5ана сылдьар. Авитоминостаа5ар, аччыктыырдаа5ар, былчын аччыктааьына саамай сэрэхтээх. Киьи доруобуйата битэмиинэ буттэ5инэ эбэтэр аччыктаата5ына тутатына биллэрэр.
Уруккаттан кэлбит ос хоьооно, мээнэ5э этиллибэтэх эбит. Куьа5ан учугэйдээх, учугэй куьа5аннаах диэн.
Кыракый субэлэр:
— Тута аьаан баран хаама тахсыма, ас тар5анар кэмэ ыараан хаалыа, 50-60 мунуутэ кэнниттэн биирдэ хамнанар ордук.
-Кытаанахтык сымна5астык утуйар туьугар, утуйбуттаахха барыан иннинэ 10-15 мунуутэ дьаарбай.
Чэбигирдэр хамсаныылар киьи киьиэхэ атын буолар. Бэйэн нуорма5ынан дьарыктаныаххын наада:
-5-17 саастаахтар- куннэ 60 мунуутэ.
-Эдэр ыччат 18 уонна орто саастаах дьон 64 саастаахтарга диэри- нэдиэлэ5э 150 мунуутэ.
-А5а саастаах дьон 65 уоьээ- ханнык ба5ар хамнаныы онороллоро ордук. Тоьоннон элбэхтэ хамнанар, соччоннон олус учугэй. 150 мунуутэттэн уоьээ- нэдиэлэ5э. Эбэтэр анаара 73 мунуутэ.
Онон доруобуйа култууратын сайыннаран, араас ньыманы куннэтэ туьаннаххытына, муус доруобай, уьун уйэлээх буоларгыт саарбахтаммат.
Уопсайынан, киьи бэйэтэ уйул5атын кууьун, духуобунаьын, ойун- санаатын араас ньыманы туьанан, бо5оргото сылдьыахтаах.