ХААЙЫЫТТАН СУРУК: Миигин балыйбыттар үөрэ-көтө сылдьалларыттан абарабын…

Телеграм-канал «Кырдьык иhин! За правду» опубликовал письмо Николая СИВЦЕВА, педагога из Екюндю, признанного судом педофилом, которому был вынесен суровый приговор — 16 лет колонии строгого режима с запретом заниматься педагогической деятельностью 12 лет, с принудительным лечением. Дело педагога из Екюндю получило огромный общественный резонанс. За него заступались родители, ученики, коллеги со всей республики, указывая, что сейчас педагоги беззащитны перед оговором.      

Күндү аһыныгас, амарах санаалаах үтүө-мааны дьонум-сэргэм, дорооболоруҥ! Бастатан туран, миигин өйүүр-өйдүүр, убаастыыр, ахтар-саныыр дьоммор-сэргэбэр күүс-көмө, өйөбүл буолбуккутугар улахыын-улахан баһыыба, махтал! Эһиги баар буолаҥҥыт баччаҕа диэри тулуйан, эрэлбин сүтэрбэккэ, ыһыктыммакка, чөл туруктаах тиийдим уонна 16 сыл олоруохтаах сирбэр – Дьокуускай куорат 1№-дээх холуонньатыгар кэллим. Эһиги эппит тылларгыт, үтүө санааҕыт уон оччонон, үтүөнэн, сырдыгынан эһиэхэ бэйэҕитигэр төннөн кэллин!

Ханна да дьоннор олороллор, хаайыыга — эмиэ. Икки сыл түрмэҕэ олорбут кэммэр аттыбар баар дьонум (ордук биир дойдулаахтарым, бу ыстатыйанан түбэспит дьон) наһаа өйөөтүлэр. «Син биир босхолонуоҥ, бу дьыаланы алдьатыаҥ, эн бу көстө сылдьар сымыйаны кыайбат буоллаххына, биһиги хайдах буолабыт», — дииллэр… Хомойуох иһин, сорох дьон тулуйбакка араас төрүөтүнэн “суох” буоллулар. Киһи уһуннук түрмэҕэ олордоҕуна, чахчы, доруобуйата айгырыыр, түргэнник кырдьар эбит. Сибиэһэй салгын тиийбэт, хамсаныы суох, эгэ, телевизор, интернет кэлиэ дуо, оттон хаайыы диэн оннук буолуохтааҕа буолуо. Бүтэһиккэ диэри эрэллээх сылдьыбытым, кырата, дьыаланы прокуратураҕа, СК-ҕа төнүннэриэхтэрэ диэн… Кэргэним барахсан миигин таһаарыахтара диэн ол күн куоракка кэлбит этэ. 16 сыл диэн — олус уһун болдьох. Быһа холоон эттэххэ, икки киһини сордоон өлөрбүт киһи 15-17 сылга барар дииллэр. Судьуйаларга бириигэбэр кэннэ: “За что?!” — эрэ диэн хаалбытым. Саатар киһи кыһыйыах- абарыах, күһэлэҥ эмтээһиннээх ээ… Биир чаас иһигэр маннык ыарахан диагноһы туруора охсубут дьону бэйэлэрин бырааска дуу, психиатрга дуу көрдөрүөххэ сөп этэ. Аны туран, бу ыстатыйанан хаайылла сытар дьонтон, саамай уһун болдьох — миэнэ. Чахчы маннык буруйу оҥорбут дьон 12-13 сылы ылаллар эбит, аҥардас билиммиттэрин иһин. Манна элбэх киһи сымыйа буруйдааһыҥҥа түбэһэн олорор… Холуонньаҕа бу ыстатыйанан олорор дьону улаханнык сөбүлээбэттэр, сэнээһин, абааһы көрүү, атаҕастабыл баар дииллэр. Бу олорор олохпун кимиэхэ да баҕарбаппын. Арай миигин балыйбыт оҕолор, төрөппүттэрэ, силиэдэбэтэллэр, борокуруордар, судьуйалар хайдах үөрэ-көтө, холкутук утуйа, үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан абарабын… Хаһан эрэ Айыы Тойон Таҥара барыбытын тэҥниир ини… Абата, кыһыыта да бэрт!

Оо, дойдум ыраас салгынын аҕыннахпыын! Сибиэһэй сүөгэй, күтүөтүм этэригэр дылы, “парное мясо”, дьиэ аһылыга… Аҕам урукку суруктарын ааҕан, күүспэр күүс, сэниэбэр сэниэ, кыра эрэл кыымын эбинэбин. Кини кырдьыгы өрө тутар, кыаммакка-кыһалҕалаахха өрүү күүс-көмө, сүбэ-ама буолара, ол эрээри үтүө киһи олоххо оҥорбут үтүөтэ улаханнык аахсыллыбат буолар эбит диэн сүрдээхтик хомойобун. Миигин атаахтатар, куруук сыллыы, кууһа сылдьар киһим — ийэм барахсан улаханнык ыалдьан, орон киһитэ буолбута, баҕар, “үчүгэйгэ” буолуо. Мин бу иэдээҥҥэ түбэспиппин истибитэ, өйдүүрэ буоллар, киһи суругунан кыайан тириэрпэт алдьархайа буолуо этэ. Оо, ийэбин суохтуубун даҕаны! Өссө биирдэ кууһан, сыллаан, истиҥ махтал тылларын эппит киһи-и!

Туох диэхпиний? Бу аныгы олохтон, бэрээдэктэн олуһун кэлэйэн, сүрэҕим хаанынан оҕуолуур, дууһам кыланар. Сороҕор сүрэҕим дуома айахпынан тахсаары сордуур – абабыттан, дууһам кыланыытыттан, кырдьык суоҕуттан. Кэргэммин, оҕолорбун, дьоммун-сэргэбин биирдэ эмэ түүлбэр түһээн көрөн баран уһугуннахха, олус даҕаны ыарахан. Бу дойдуга бачча уһун кэмҥэ тыыннаах сылдьыбатым буолуо, онон ол-бу буоллахпына, аҕам таһыгар харайаарыҥ. Саатар онно, аҕам таһыгар сытан, дууһам уоскуйуо.

Ол эрээри сахаҕа “Ойуурдаах куобах охтубат” диэн өс хоһооно баар.   Элбэх биир дойдулаахтарым, аймахтарым дириҥ ис хоһоонноох суруктарын, баҕа санааларын тутабын. Ордук училищеҕа бииргэ үөрэммит оҕолорум наһаа  истиҥ, сахалыы куттаах, киһи санаатын өрө тардар суруктарыттан үөрэбин. Дьонум-сэргэм, куруутун, ханна да тиийдэрбин күүс-көмө буолаҕыт, сүбэлиигит-алгыыгыт! Эһиги баар буолаҥҥыт — мин баарбын, тыыннаахпын, көҥүл салгынын тыыныам диэн эрэллээхпин.

Онон өссө да олоро, охсуһа сатаабыт киһи! Хайдах эһиги курдук чулуу, үлэһит, чиэһинэй, миигин таптыыр дьонноох сылдьан, охтон, бэринэн кэбиһиэхпиний? Кырдьык кыайарын туһугар, олох очурун, охсуутун тулуйан, өссө да олоруохпун наада! Ытык-мааны сахам дьоно, бэйэ-бэйэбитин сиэһимиэҕиҥ, кырдьык туһугар бииргэ охсуһуоҕуҥ.

Эрэли кытары Николай Сивцев.

4 комментариев
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх