Site icon SAKHALIFE

Глава Якутии: С днем национальной печати!

Дорогие якутяне!

Уважаемые работники печати, средств массовой информации, ветераны отрасли!

От имени руководства Республики Саха (Якутия) и от себя лично поздравляю  с  Днём национальной печати!

Национальная печать имеет огромное значение в сохранении языка и культуры народов нашей республики. Благодаря ей мы сегодня имеем возможность читать на родном языке газеты, книги, смотреть национальное телевидение и слушать радио. И всё началось именно с национальной печати, заложившей основы национальной журналистики.

Сегодня исполнилось 116 лет со дня выхода первого номера первой в Якутии  общественно-политической и литературной газеты «Якутский край» – «Саха дойдута». Хочу отдельно отметить Николая Егоровича Афанасьева – первого издателя газеты на якутском языке. Именно он  получил разрешение губернатора Крафта на издание газет на русском и якутском языках. На страницах этой газеты вышли первые произведения национальной литературы.

За эти годы национальная печать прошла большой путь. Сегодня в республике на якутском языке выходят 30 газет, в том числе республиканские и районные газеты, а также 3 журнала. Выпускается газета коренных малочисленных народов Севера «Илкэн».

Особой радостью для наших бойцов в зоне СВО является получение газет на родном языке. Это крепкая связь с Родиной, которая помогает им в трудный час.

В современных условиях цифровизации наши издания развиваются,  создавая информационные порталы в интернет пространстве на родных языках. Именно это привлекает сейчас всё больше читателей. И эта работа при поддержке Правительства Республики Саха (Якутия) будет продолжена. Для этого крепким фундаментом является закон «О языках в Республике Саха (Якутия)». В этом году финансирование целевой государственной программы республики по развитию языков увеличено в два раза до 100 млн рублей.

Уважаемые жители республики!

Ещё раз поздравляю вас с Днём национальной печати! Читайте газеты и книги на родных языках, смотрите и слушайте передачи национальной телерадиокомпании. Учите этому своих детей, внуков, молодёжь. Этим вы поддержите национальную культуру нашего региона, внесёте свой личный вклад в сохранение родного языка и  традиций своего народа. В этом и есть высокая задача национальной печати.

Желаю всем мира, добра и счастья!

Глава Республики Саха (Якутия)                          А.С. Николаев

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев

Национальнай бэчээт күнүнэн эҕэрдэтэ

Күндү Саха сирин олохтоохторо!

Бэчээт уонна сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэр

ытыктабыллаах үлэһиттэрэ уонна бэтэрээннэрэ!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Национальнай бэчээт күнүнэн эҕэрдэлиибин!

Национальнай бэчээт өрөспүүбүлүкэбит норуоттарын култуураларын уонна тылларын чөл хаалларарга сүҥкэн суолталаах. Национальнай бэчээттээх буоламмыт хаһыаты, кинигэни төрөөбүт тылбытынан ааҕар, тэлэбиисэринэн, араадьыйанан биэриилэри эмиэ төрөөбүт тылбытынан көрөр-истэр кыахтаахпыт. Бу барыта национальнай журналистика олугун уурбут национальнай бэчээттэн саҕаламмыта.

Бүгүн Саха сиригэр бастакы хаһыат – «Саха дойдута» диэн уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй уонна литературнай хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыта 116 сылын туолла. Онуоха хаһыаты аан бастаан саха тылынан таһаарбыт Николай Егорович Афанасьевы ахтан-санаан ааһар оруннаах. Кини хаһыаты нуучча уонна саха тылларынан таһаарарга Крафт губернатортан көҥүл ылбыта. Национальнай литературабыт бастакы айымньылара бу хаһыакка бэчээттэнэн тахсыбыттара.

Бүгүн өрөспүүбүлүкэбитигэр 30 хаһыат, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэтэтээҕи уонна улуустардааҕы хаһыаттар, ону тэҥэ 3 сурунаал саха тылынан тахсар. Ону таһынан «Илкэн» диэн Хоту дойду төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттарын хаһыата тахсар.

Анал байыаннай дьайыы зонатыгар сэриилэһэ сылдьар буойуттарбытыгар төрөөбүт тылларынан тахсыбыт хаһыаты тутан ааҕар ураты үөрүүлээх, төрөөбүт дойдуларын кытары быстыбат ситим туоһута буолан, ыарахаттары туоруулларыгар күүс-көмө буолар.

Биһиги таһаарыыларбыт аныгы сыыппара кэмин кытта тэҥҥэ сайдан, Интернет куйаарыгар төрөөбүт тылынан иһитиннэрэр портааллар тэрилиннилэр. Элбэх ааҕааччыны тардар бу эйгэҕэ үлэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн салгыы ыытыллар. Онуоха бөҕө тирэҕинэн «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр тыллар тустарынан» сокуоммут буолар. Ол быһыытынан ырытан оҥоһуллубут тыллары сайыннарар тус сыаллаах судаарыстыбаннай бырагыраама үбүлэниитэ быйыл икки төгүл улаатыннарыллан 100 мөлүйүөн солкуобайга тэҥнэстэ.

Күндү өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо!

Өссө төгүл эһигини Национальнай бэчээт күнүнэн эҕэрдэлиибин! Төрөөбүт тылгытынан тахсар хаһыаттары, кинигэлэри ааҕыҥ, национальнай хампаанньа тэлэбиисэринэн уонна араадьыйанан биэриилэрин көрүҥ, истиҥ. Оҕолоргутун, сиэннэргитин, ыччат дьоҥҥутун онно уһуйуҥ. Ол буолуоҕа эрэгийиэннээҕи национальнай култуурабытын өйүүргэ, төрөөбүт тылбытын, төрүт үгэспитин чөл хаалларарга тус кылааккыт. Национальнай бэчээт сүрүн соруга онно сытар.

Барыгытыгар эйэни, үтүөнү уонна дьолу баҕарабын!

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана                       А.С. Николаев

Exit mobile version