Глава Нюрбинского улуса: Может показаться, что жизнь поставила меня на колени… Но нет!

Күндү уруу-аймах дьонум, доҕотторум, коллегаларым, биир дойдулаахтарым уонна дириҥ кутурҕаммын үллэстэр бар дьонум.

Эһиги буолаҕыт – мин олохпор тирэҕим, харысхалым уонна эрэлим.

Бу аана суох алдьархай, иэнэ суох иэдээн миэхэ уонна чугас дьоммор эмискэ бүрүүкээбитигэр ол өссө дьэҥкэтик көһүннэ.

Хомойуох иһин, бу Орто дойдуга иэгэйэр икки атахтаахха суоһуур араас алдьархайтан, оһолтон-дэҥтэн көтүрүллүбэт көмүскэл диэн кимиэхэ да суох. Биһиги бары олохпут кыыма – тыалга оҕустара туран умайар чүмэчи кэриэтэ. Биһиги бары – бэл бэйэбит алаһа дьиэбитигэр элэс гынан ааһар ыалдьыттарбыт эрэ.

Дьылҕа Хаан обургу хас биирдиибитигэр хайа баҕарар түгэҥҥэ ыар ындыыны ыйаан кэбиһиэн сөп. Сороҕор отой да тыын быһаҕас буолуохпутугар диэри быһа курбуулуур. Оччоҕуна Аан дойду барыта соҕотохто хайа барар курдук. Барар сириҥ баҕана үүтэ, кэлэр сириҥ кэлии үүтэ курдук буолар. Олоҕуҥ дьүүлэ-дьаабыта биллибэт, туох да суолтата, кэскилэ суох курдук буолан хаалар…

Сороххут оннук быһыыны-майгыны эт бэйэҕитинэн билбиккит, уйан дууһаҕытынан уйуммуккут. Дьэ, билигин биһиги эмиэ оннук тыйыс тургутууну ааһан эрэбит. Дьэ, билигин биһиэхэ эмиэ оннук ыар өлүүскэ үллэһиккэ тигистэ…

Маннык соһумар Дьылҕа Хаан охсуутун чугас дьонум баар эрэ буолаҥҥыт, эһиги эрэ өйөөҥҥүт-убааҥҥыт арыый сымнаттыгыт. Эһиги сүбэ-ама, күүс-көмө буолбуккут, сүрэх бааһын эмтиир истиҥ-иһирэх тыллары эппиккит мунчаарбыт, мунаарбыт күннэрбитигэр суолбутун ыйар сулус кэриэтэ буолла. Аһыы, кутурҕан ыас хараҥа далайыгар тимирэн муҥур уһукка түһүөхчэ буолан эрдэхпинэ эһиги сахпыт эрэлгит кыыма сандаара сыдьаайан быыһанар суолбун сырдатта.

Хайдах, тугу гынан, туохпун биэрэн эһиэхэ барыгытыгар күндү көмөҕүт иһин барҕа махталбын толору, ситэри тиэрдиэхпин өйүм да тобулбат. Омос көрдөххө, Дьылҕа Хаан миигин билигин сөрүү тардан түһэрэн умса сөһүргэстэттэ.

Оннук буолбатах. Мин бэйэм сөһүргэстээн турабын – эһиги иннигитигэр, доҕотторуом. Хоолдьукпун хоҥкутабын эһиэхэ, аһыныгас, амарах бар дьоммор.

Хайдах курдук миэхэ күндүгүтүн, чугаскытын билигин өссө дириҥник өйдөөтүм. Эһиги эмиэ буолаҕыт – мин дьиэ кэргэним, мин убайдарым, эдьиийдэрим, сурдьуларым уонна балыстарым.

Биири этиэхпин сөп: хаһан эбит туох эбит көмө ирдэннэҕинэ, миэхэ мас-таас курдук эрэниэххитин сөп. Бу ыар күннэргэ эһиги биһиэхэ хайдах көмөлөспүккүтүй даҕаны, мин эмиэ оннук күүс-көмө буолуом.

Орто дойду оҥоһуута – күнтэн-күн, чыпчылҕан да түгэнигэр тохтообот, олох туһугар охсуһуу буоллаҕа. Ол мускуурга кэрэҕэ, үйэлээххэ талаһарбыт, сырдык кэскилгэ булгуруйбат эрэлбит эрэ биһиэхэ күүс биэрэр.

Эһиги ону өссө төгүл биһиэхэ санаттыгыт. Сындалыйан эрдэхпинэ салҕыы олорорум, үлэлиирим-хамсыырым туһугар күүспэр күүс, сэниэбэр сэниэ эбэн биэрдигит.

Киһи-аймахха туох да иэдээн буоллун, олох салҕанан бара турар. Билигин Саха сирин үрдүнэн самаан сайын сатыылаата, Үрүҥ тунах ыһыахтар кэмнэрэ үгэннээн турар. Саха омук төрүт итэҕэлинэн, ыһыах кэм-дьыл эргиирин, кыыдааннаах кыһын кэнниттэн самаан сайын хайаан да кэлэрин, айылҕа саҥаттан тиллэрин кэрэһэлиир. Бу кэрэ кэмҥэ биһиги санаалыын саймаарыйабыт, сүрэхтиин-быардыын чэпчиибит, Аан айылҕаттан күүс-уох ылабыт уонна саҥа ыра санаалары ымыы оҥостобут, кэскилбитин түстүүбүт.

Мин олохпор буолбут быһылаан – тус бэйэм сүрэҕим бааһа, биһиги ыал дириҥ кутурҕаммыт. Онтон сылтаан бар дьонум, биир дойдулаахтарым бүттүүн охсуу ылыа суохтаахтар.

Ол иһин эһигини барыгытын бэс ыйын 30 күнүгэр Октябрьскай нэһилиэк Кыталыктаах диэн мааны алааһыгар ыытыллар Ньурба оройуонун Үрүҥ тунах ыһыаҕар күндү ыалдьыт буолан кэлиҥ диэн ыҥырабын. Бу дойдуга, Антоновка сэлиэнньэтигэр, мин улааппытым, бу сиртэн-буортан тирэнэн киһи тэҥэ буола сылдьабын.

Ыһыахха кэллэххитинэ, эһиэхэ Күөх Ньурба сирин-уотун үтүө иччилэрэ алгыс маанытын аныахтара. Үрүҥ Күн маҥнайгы сардаҥалара түбүгү-түрбүөнү, саппаҕырбыт санааны сайҕыахтара. Биһиги улуу өбүгэлэрбит алгыс, оһуохай уонна тойук нөҥүө эһигини арчылыахтара, үс куккутун бөҕөргөтөн биэриэхтэрэ.

Онтон тус бэйэм аныыбын эһиэхэ биир эрэ алгыспын – нус-хас олоҕу уонна этэҥҥэ буолууну. Ырааҕы, үрдүгү сырса сылдьан, биһиги сороҕор киһи дьоло бастатан туран итинтэн тутулуктааҕын умна да быһыытыйабыт.

Харыстаныҥ бэйэҕитин уонна дьоҥҥутун-сэргэҕитин араҥаччылааҥ, күндү бар дьонум.

Куруутун эһигини кытта, Алексей ИННОКЕНТЬЕВ.

Дорогие мои родственники, друзья, коллеги, земляки и все те, кто соболезнует моему горю, моей невосполнимой утрате.

Все вы – моя опора в жизни, моя надежда и вера в будущее.

Это стало предельно ясно сейчас, когда на меня и на моих близких обрушилась беда.

К сожалению, никто в этом мире не застрахован от трагедий и несчастных случаев. Все мы – свечи на ветру. Гости в своём доме.

В любой момент на каждого из нас Судьба может ниспослать очередное испытание. А иногда она наносит удар такой силы, что перехватывает дыхание. Весь мир будто замирает. Вся жизнь будто останавливается. И всё как будто теряет смысл…

Некоторые из вас прошли через такое испытание. Сейчас проходим через это и мы.

Теперь и я разделил с вами эту горькую долю…

В эти тяжкие дни именно забота, помощь и соболезнования близких людей придали нам сил, чтобы выдержать столь неожиданный удар Судьбы. Ваше деятельное участие и сердечные слова поддержки показали нам выход. Во мраке горя и отчаяния именно вы осветили мне дальнейший путь.

Даже не знаю, как вас всех отблагодарить.

Может показаться, что жизнь поставила меня на колени.

Нет. Это я сам стал на колени – перед всеми вами, мои друзья. Земной поклон вам за сострадание и человечность.

Теперь предельно ясно понял, что вы по-настоящему близкие мне люди, что вы тоже – моя семья, мои братья и сёстры.

Помните: если однажды вам понадобится любая помощь, можете всецело рассчитывать на меня. Как вы в эти дни помогли мне, так же и я приду на помощь вам.

Жизнь – это ежедневная, ежеминутная, ежесекундная борьба. И в этой борьбе нам даёт силы только надежда на лучшее будущее, вера в светлые идеалы человечества.

Вы ещё раз открыли глаза на это, продолжаете придавать мне сил, чтобы жить и работать дальше.

Что бы ни случилось с каждым из нас, жизнь продолжается и возрождается.

Сейчас по всей Земле Олоҥхо празднуют ыһыах – праздник, символизирующий круговорот времён года и вечное возрождение жизни. В это благословенное время мы все проходим через духовное обновление, очищение, набираемся сил от матушки-Природы и исполняемся новых надежд.

Случившееся – моя личная боль, горе нашей семьи. Это происшествие не должно рикошетом ударить по другим людям. По вам, дорогие мои друзья и земляки.

Поэтому приглашаю всех вас на Ыһыах Нюрбинского района, который состоится 30 июня в местности Кыталыктаах Октябрьского наслега. Именно в Антоновке я рос и стал тем, кем являюсь сейчас.

Пусть добрые духи древней нюрбинской земли благословят вас. Пусть лучи утреннего светила снимут с вас все горести, тревоги и печали. Пусть духи наших предков через алгыс, оһуохай и тойук укрепят ваши сердца и души.

А от себя я хочу пожелать всем вам благополучия и душевного спокойствия. Это тот неприметный фундамент, на котором в первую очередь держится хрупкое счастье человека.

Берегите себя и своих близких, мои дорогие.

Всегда ваш, Алексей ИННОКЕНТЬЕВ.

1 Комментарий
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх