Герман Хатылаев – Ю.Е. Платонов аат. эстрада театрын артыыhа, биллэр музыкант, ырыа айааччы, саха тылынан уус-уран айымньыларын иҥэринэ сылдьар биир бастыҥ толорооччу, тарҕатааччы, чинчийээччи.
Кини ахсынньы ый 19 кунугэр 1961 с. САССР, уруккута Алексеевскай оройуон (Таатта) Баайаҕа Томторугар төрөөбүтэ. 1986 с. II нүөмэрдээх Дьокуускай педагогическай училище музыкальнай салаатын, 2002 с. М.К. Аммосов аат. СГУ культурология салаатын бүтэрбитэ.
Герман уонна Клавдия Хатылаевтар айар үлэлэрин 1987 с. саҕалаабыттара. Маҥнай сахалыы ырыалары гитара доҕуһуолунан ыллыыр бэрт ураты буочардаах дуэт саха эстрадатын туонатыгар бигэ эрэллээхтик үктэммитэ. Бу дуэт репертуарыгар таптал лириката истиҥ иэйии сүүрүгүнүү дьүрүһүйэр, туспа киһини абылыыр, умсугутар тыыннаах буолан үгүс көрөөччү Хатылаевтар сыанаҕа тахсалларын өрүү долгуйа күүтэллэрэ.
Республикаҕа саха төрүт культуратыгар саҥалыы сыһыан, болҕомто уһуктар кэмигэр Герман, Клавдия Хатылаевтар биир бастакынан саха ырыатын-тойугун, музыкальнай инструменнарын тыаһын-ууһун сөргүтэр умсулҕаннаах үлэҕэ умсубуттара. Ол түмүгэр: дьаҕа, күпсүүр, чаҕаан, таҥсыр, хомус, мас хобо, кылыһах (кырыымпа), ойдуо, айаан, хобо, чуораан, дүҥүр уо.д.а. умнуллан, түмэллэргэ хараллан киһи эрэ хараҕын сымната, ааспыт кэм кэрэһитэ, ахтылҕана буолан турбут дьиҥ төрүт охсон, сахсыйан, сиксийэн, тардан оонньуур дьикти тыастаах инструменнарбыт саҥалыы тыын ыланнар аан дойду араас муннугар куорсун анньыммыт хорсун хотойдуу, кылыгырас кылыһах куоластаах кыталыкка холобурданан саамай уһук сытар туурк тыллаах саха омук баарын туһунан тэтимнээхтик ис киирбэх, баай ис хоһоонноох, айылҕа хатыламмат кэрэтин кэпсиир, ээр сэмээр сэһэргиир айымньылардаах муусука Хатылаевтарга айыллан аар саарга аатырбыта.
Хатылаевтар айааччы, толорооччу, тарҕатааччы идэлэригэр эбии кинилэр дьиҥ кэнэҕэски кэлэр кэнчээригэ кээһэр биир сүдү үйэлээх мэҥэ кэрэһиттэринэн үс омук тылынан «Төрүт дорҕоон = Звуки мироздания = The Sounds of Creation» бэчээккэ тахсыбыт академическай хабааннаах үлэлэрэ буолар. Хомуйар, чинчийэр, наардыыр үлэ абылаҥар ылларан бу сүдү үлэ тахсарыгар Хатылаевтар Таатта, Горнай, Үөһээ-Бүлүү, Хаҥалас уо.д.а. норуот маастардарын кытта ыкса ситимнээх үлэни ыытан, хас биирдии информаны кытта сиһилии үлэлээн баай ис хоһоонноох матырыйаалы хомуйбуттара Хатылаевтар айар үлэлэрин чиҥэтэр, дириҥ силистиир- мутуктуур, чиргэл тиит тирэхтиир. Маны таһынан, М.Н. Жирков аат. ДЬМК (У) композитор Николай Берестов 1976 с. муспут сэдэх коллекциятын, Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлин научнай фондатыгар киирбит Иоаким Избеков – Уустаах, Прокопий Слепцов – Ойуун дьиҥ айылҕаҕа көстүбүт – чаҕылҕан түспүт ыраас маһыттан илиилэринэн хаһан, тутан-хабан оҥорбут музыкальнай инструменнарын үлэлэригэр киллэрэн үйэтиппиттэрэ.
Аны, уһуйааччы быһыытынан Герман, Клавдия Хатылаевтар куорат сахатын оҕолорун төрүт дорҕоону, тэтими, тылы таптыырга, өйдүүргэ үөрэттилэр. Ол курдук, араас сылларга «Дьөһөгөй», «Тэтим», «Алаас», «Кыыс Хотун», «Кылыһах» бөлөхтөр тэриллибиттэрэ. Бу бөлөхтөр бука бары бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат өрүттээхтэр. Уһуйааччы быһыытынан, Хатылаевтар хас биирдии оҕоҕо болҕомто ууран, кини ис туругун, эйгэтин, кыаҕын таба көрөн сайыннарар ньыманы тутуһан үгэһи салҕыыллар, сайыннараллар.
Бу ахсынньы ый 22 күнүттэн тохсунньу ый 10 күнүгэр диэри турар быыстапкаҕа СР народнай артыыһа Герман Хатылаев айар үлэтин сэһэргиир хаартыскалар, сценаҕа кэппит көстүүмнэрэ, дьиэтээҕи архивыгар мунньубут музыкальнай инструменнара уонна бэлиэ суолталаах тус туттубут, туттар маллара көрдөрүүгэ туруохтара.
Кэлэн сэргээн көрөргүтүгэр ыҥырабыт!
Аадырыспыт: Кииров уулуссатын 31 №-дээх дьиэтэ, 3 этээс.
Билсэр тел.: 35-38-84