Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро уһуйаана сылын аайы оҕолорун бэйэлэрин хортуоскаларынан аһаталлар. Быйыл детсад кыра бааһынатыттан 63 куул хортуосканы хостоотулар?
Аны, сотору кэминэн Хоро агрооскуолата хостуоҕа. Хас туонна хортуоска буолара буолла?
Хороҕо хортуоска дьиктитик үүнэр, сыыстаах да буоллун, кураан да буоллун. Үөһээ Бүлүүгэ нэдиэлэ аайы уу куттахха да соччо үүммэт, араастаан бары бааһына оҥорон сатаан, син биир ордук ылбаккын. Хороҕо алҕаска сиргэ түстэ да үүнэр, дьэ дьикти. Онон, Хороттон бааһынабар буор аҕалыахпын баҕарабын.
Бүлүү муостата тутулуннаҕына, Хоролор бааһынаҕа буор атыылыахтарын сөп.