Бүгүн Сунтаар нэһилиэгэр, атырдьах ыйын 10 күнүгэр Сунтаар улууһун Аҕа Баһылыгын бастакы солбуйааччы Александров Николай Павлович анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Евсеев Филипп бииргэ төрөөбүттэрин кытары көрсүстэ.
Филипп бииргэ төрөөбут балта Алина биэс оҕолоох ийэ, маҕаһыыҥҥа үлэлиир. Оруобуна Николай Павлович тиийэр кэмигэр Филипп бииргэ төрөөбүт эдьийэ Мария Үөһээ Бүлүүттэн кэлэ сылдьар эбит.
Бу билигин куйаар ситиминэн Дойдуну аймаабыт «Алёша» диэн ааттаах танк экипааһыгар Филипп Евсеев героическай быһыыга кыттыспытын туһунан ирэ – хоро кэпсэттилэр. Ону кытта оҕолор үөрэх дьылыгар бэлэмнэрин, дьиэ-уот уонна олох-дьаһах хайдаҕын сэргэстилэр. Улуус Аҕа Баһылыгын бастакы солбуйааччы Александров кэпсэммит этиилэри Улуус Аҕа Баһылыгар Анатолий Григорьевка тириэрдэн быһаарсарга ылсыах буолла.
Филипп Евсеев чугас аймахтара долгуйа кинини күүтэллэр, Герой статуһун ыларын кэтэһэллэрин биллэрдилэр.
Санатыа этибит, атырдьах ыйын 7 күнугэр Улуус Аҕа Баһылыга Анатолий Васильевич Григорьев бу куйаар ситимигэр тарҕана сылдьар Филипп Евсеев үрдүк государственнай наҕараадаҕа тиксэрин – тиксибэтин чопчулаары Өрөспүүбүлүкэ Военкоматыгар уонна Российскай Федерация Президенин Саха Республикатын бастайааннай бэрэстэбиитэлигэр, Саха Республикатын Правительствотын Председателин бастакы солбуйааччытыгар А.С.Федотовка официальнай суруктары ыыппыта.
тгк @suntaar_ulus