Саҥа кинигэ! Евдокия Иринцеева-Огдо «Эдьиий. Айыы сүдү удаҕана».
«Айылҕа холумтаныгар олорорбут быһыытынан, тулабытыгар тахсар уларыйыы-тэлэрийии, саахал-кэһиллии эйгэтин билэрбит булгуччулаах. Онуоха сааһыланарбыт ордук…» – Эдьиий Дора
Ойууннааһын саха норуотугар төрүт былыргыттан баара. Урут да, билигин да саха норуота уһулуччу идэлээхтэри үрдүктүк тутар. Саха итэҕэлин күүһэ – кини тылыгар-өһүгэр, айылҕаны кытта ыкса ситимигэр сытар. Төрүт итэҕэлбит күүһүн киэҥ араҥаҕа көрдөрбүт, сиэр-майгы үтүөтүн дьоҥҥо-сэргэҕэ иҥэрбит бары ытыктыыр, сүгүрүйэр киһибитинэн Эдьиий Дора буолар. Кини тылын-өһүн дьон-сэргэ истиэн баҕарар, алгыһыгар, сүбэтигэр олус наадыйар. Бу уустук кэм тирээн кэлбитигэр саханы түмэр, сааһылыыр, омугун харыстыыр, сэрэтэр, сайдыы хайысхатын ыйан биэрэр үрдүк аналлаах Айыы сүдү удаҕана Эдьиий Дора кинигэтэ күн сирин көрдө!
Маны сэргэ бу кыһын «Эдьиий. Верховная шаманка трех миров» диэн кинигэ тахсыбыта. Бу кинигэттэн Эдьиий Дора туһунан үгүһү билиэххит. Кинигэлэри Эдьиий ымыылаах үрүҥ көмүс харысхалын кытта кэмпилиэктээн ылыаххытын сөп.
Айылҕаттан анатыылаах, үөһэттэн этитиилээх Эдьиий Дора саха саргытын туһунан санааларын түмэр, самныбат туһугар тугу тутуһар ордугун оҕоҕо-ыччакка, сиппит дьоҥҥо уу сахалыы быһаарар саҥа кинигэни «Айар» бары маҕаһыыннарыттан атыылаһыҥ. Эдьиий алгыһынан үчүгэйи эрэ түстүөҕүҥ, кэрэни эрэ кэккэлэтиэҕиҥ, сырдыгы эрэ тутуһуоҕуҥ, ырааһы эрэ ыраланыаҕыҥ!