Мария Сырдык на своем телеграм канале «Сырдык Куус» дала советы своим читателям, как справиться с нынешней сложной ситуацией, которая вводит некоторых в состояние стресса и подавленности.
ЕСЛИ СОВСЕМ УЖ ПЛОХО ПО ЖИЗНИ, ТО ЧИТАЙ…
ОТОЙ СОЧЧОТО СУОХ БУОЛЛАХХЫНА, ААХ МАНЫ…
(на двух языках)
Олох ыарахан өрүттэрэ элбэх. Ону кытта санааҕынан охсуһа сатыыр, аан дойдуга буола турар балаһыанньаны кытта искэр мөккүһэр игин туһата суох. Ылыныы эрэ наада.
(Жизнь может быть тяжелой, могут навалиться различные испытания. У всех так. Не стоит изнутри бороться со всеми и вся и особенно с событиями, которые происходят по миру, это бесполезная затея)
Туох барыта бүтэр уһуктаах, үчүгэй да, куһаҕан да. Бу орто дойдуттан барарбыт, олохпут бутэрэ эмиэ кэлиэ. Ону куруук билэ сылдьыы наада, өйдөөн олоруу.
(Все хорошее и плохое рано или поздно заканчивается. Жизнь тоже оборвется. Таковы реалии. Надо научиться принимать все как есть и жить с оптимизмом — сегодня у вас все хорошо, значит счастье есть)
Бас баттах барар сыыһа, холобур бүгүн харчылаах буоллаххына сарсын тарбаххын эмсэхтэнэ олоруоххун соп. Байбыт/былааска олорор буоллаххына бэрт, ол гынан баран, сарсын ол баайыҥ/былааһыҥ арай эһиннэҕинэ, дьону үөһэттэн көрөн баран ол кэннэ хайдах олороргун саныахтааххын. Киьилии сырыт.
(Всегда помни что все материальное — это временно. Сегодня вот дали тебе богатство/власть, ну и замечательно, а завтра могут все отобрать или можете все потерять… живите так, словно вы уже все потеряли, скромно и мирно, тогда не придется потом стыдливо прятать глаза и разочароваться в жизни)
Эр киһи, дьахтар ыккардыгар таптал диэн олох салҕаныытыгар, кэскил тэнийиитигэр эрэ анаммыт иэйии буолар. Ол иэйиини аһары улахаҥҥа уурар оруна суох. Кини үйэтэ кылгас, ардыгар уһун да буолуон сөп. Тус бэйэҕиттэн тутулуктаах. Аналым диир буоллаххына олор, аналым буолбатах диир буоллаххына арахсыаххын сөп. Көҥүл эйиэхэ бэриллэн турар.
(Любовь между мужчиной и женщиной — в природе это как лишь некий инструмент для повышения популяции и не более. Слишком много значения и романтизма придают этому. Она может быть долгой, ну или короткой. Если думаете нашли свою судьбу то живите, если нет — то разойдитесь. Вам в этой жизни все можно. Уж поверьте, всегда встретите «новую судьбу»)
Ис турук уонна эт-сиин биир сибээстээх. Долгуйбутуҥ, куттаммытыҥ суола суох хаалбат. Ханан эрэ син биир охсуута кэлэр, искэр хааҥҥар. Санааҕын сааһылыы сатаа.
(Внутреннее состояние и здоровье — напрямую связаны. Все ваши переживания могут отразиться потом на здоровье. Не стоит повышать уровень тревоги, максимально надо попытаться успокоиться и привести мысли в порядок)
Всем мира и добра! Люблю Вас! Ставьте лайки и репост! Махтал!