Эдэр саас — түгэҕэ сэрэйиллэр киинэ…
“Эдэр саас” – Давыдов режиссер саҥа «куолаһа»?
Дмитрий Давыдов хас биирдии айымньыта Саха сирин көрөөччүлэригэр мөккүөр төрүөтэ буолара үгэскэ кубулуйбута. Маҥнай көрөөччү дьүүлүгэр таһаарбыт “Костер на ветру” киинэттэн саҕалаан “ама бу саха дьоно дуо?”, “тоҕо наар хара кырааскаларынан ойуулуур”? диэн сөбүлэспэт санаалары тэҥэ “киэҥник көрүҥ, атыны бэлиэтээҥ”, “утары хоһуйуу буолбатах, кистэммит ис хоһооно атын” диэн утары санаалар хайаан да харсыһаллар.
Бу да сырыыга мөккүөр үөскүүрэ саарбаҕа суох.
Ол эрэн, “Эдэр саас” уус-уран киинэ хаһааҥҥытааҕар да өйдөнүмтүө, түгэх санаата чугас сытар курдук санаатым.
Бары билэр киһибит
Киинэ ис хоһооно бэрт судургу: дойдутугар аармыйаҕа барыаҕыттан үктэммэтэх эрэт сүүрбэччэ сыл дьэллигирэн баран төннөн кэлэр. Олоҕор соччо сатаммакка, этэргэ дылы, “барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ” буолан тиһэх хаалбыт сиригэр төннүбүтэ сэрэйиллэр. Түөрт уончалаах, кэмигэр сөбө суох таҥастаах, оройунан көрбүт одьунаас, Баһылай, кэллэ кэлээт иирсээҥҥэ түбэһэр, сирэйин-хараҕын тоҕута сынньаллар. Күнэ-дьыла хамсаабат, тоҥон хаалбыт дойдуга кини сирэйэ сыыйа оһон иһэриттэн эрэ сылыктаан, бириэмэ хамсыырын көрөбүт.
Баһылай – бары бэркэ билэр киһибит. Бастаан маннык оҥоһуулаах киһи туһунан оҕо сылдьан истэҕин. Хас ыал аайы баар буолааччы: “ол киһибит” диэн кэпсэнэр баппат майгылаах киһи. “Эмиэ туох буолбутуй?” диэн саҥа аллайыылаах кэпсээн төрүөтэ буолар. Улаатан баран, “үчүгэй уол эрээри, олоҕор сатамматах” диэн ааттыыр атаспытыгар кубулуйар. Сүтэн хааллаҕына, куораттан булар, куруутун үлэ булан биэрэр, түспэтийэрин күүтэр киһибит. Ол булбут үлэҕититтэн сотору буолаат “аһаан кэбиһэн” үүрүллэр “халлаан киһитэ”. Онон киинэ сүрүн дьоруойа – бу сырыыга мэлдьэһиллибэт бэйэбит киһибит.
Давыдов Данелия буолбатах
Киинэ сорох көстүүлэрэ былыргы сэбиэскэй кэмиэдьийэни кытта дьүөрэлэһэр. Георгий Данелия “Афоня” диэн ааттаах киинэтигэр курдук, төрөппүттэрин уҥуоҕун туппатах уол өтөҕөр хойутаан төннөн хараастар, таансы кэмигэр ыҥырыллан тахсан кырбанар, уопсайынан, режиссер урукку киинэҕэ сигэнэрэ көстөр. Ол эрэн, “Эдэр саас” төһө даҕаны күлүүлээх түгэннэрдээҕин иһин, кэмиэдьийэ буолбатах. Давыдов “наар нүһэр киинэни устаҕын” диэн хомнуулларыттан сылайбыт курдук, бу айымньытыгар араас көрүдьүөс түгэннэри уга сатаабыт эрээри… кини комедиограф буолбатаҕа көстөр. Көр-күлүү оннугар сорох дьону өһүргэтиэх айылаах сатира баар. Холобур, “киинэ иһигэр киинэ” ньыматын туттубут – тэлэбиисэргэ “Дракула” дуу, “Ван Хельсинг” дуу туһунан сахалыы киинэ көстөр. Көрө олорор дьахтар, “сахалар үчүгэй киинэ устар буолбуттар” диэн биһириир, ол эрэн, “саха киинэтэ” бэрт мөкү хаачыстыбалааҕа харахха быраҕыллар. Дмитрий Давыдов бииргэ үлэлиир сорох кэллиэгэлэригэр чэпчэки суолу батыһан, улахан ирдэбилэ суох көрөөччүгэ бэрт буола сатыылларын хомнуура көстөр.
Саҥа ааттар
Дмитрий Давыдов устубут алта киинэтиттэн үһүгэр туруорааччы операторынан Иван Семенов үлэлээбитэ. Кэнники режиссер уопсай тылы булбут операторыттан туспа үлэлиир. Степан Бурнашевтуун холбоһук үлэлэригэр, “Ыт” киинэҕэ аан бастаан үлэлэспит туоруорааччы оператора Николай Петров “Эдэр сааска” ыҥырыллыбыт. Николай Петров киинэ эйгэтигэр биллэр киһи. Ол эрэн, бу иннинэ үксүн көмөлөһөөччү эбэтэр дрон операторын быһыытынан үлэлэһэр этэ. Сүрүн оператор быһыытынан Давыдов киинэлэригэр бэйэтин көрдөрдө. Режиссер санаата ордук баһыйара көстөр эрээри, Петров бэйэтин буочара айымньыга баара биллэр. Атын режиссердары кытта (эбэтэр бэйэтин туспа бырайыагар) үлэлээн бардаҕына, Саха сирин биллэр оператордардарын кэккэтигэр турар чинчилээх.
Сүрүн оруолу оонньуур артыыс Альберт Алексеев эмиэ элбэх көрөөччүгэ саҥа аат. Кини Саха тыйаатырын артыыһа, бэйэтэ билинэринэн, “амплуа сиэртибэтэ” буолбут артыыс. Тыйаатырга үксүн “куһаҕан дьон” оруолун оонньуур буолан, өр сыллар усталарыгар талаанын толору арыйар улахан оруолларга эриллибэтэҕэ. Ол эрэн, кэнники сылларга “Тыйаатырга буолбут түбэлтэ”, “Кус көҥүлэ” туруорууларга сүрүн оруоллары ситиһиилээхтик оонньоон, Алексеевы тыйаатыры сэргээччилэр бэлиэтии көрбүттэрэ. Оттон киинэ эйгэтигэр Альберт биир эрэ оруолунан биллэр – 2013 сыллаахха тахсыбыт “Дьикти саас” драмаҕа Толя Попов оруолун оонньообута. Кырдьык, эмиэ соччото суох уолу оонньообут эбит. Бу да сырыыга кини дьоруойун сырдык киһинэн аахпаккын. Ол эрэн, кини Бааскатын киһи аһынар, өйдүүр, онон оруолун чахчы арыйбыт.
Түгэҕэ сэрэйиллэр киинэ
Давыдов сэһэнниирэ хаһан даҕаны чэпчэки буолбат. Бу да сырыыга, омос көрдөххө, сатамматах олохтоох киһи туох да сыала суох булумахтаныытыгар майгынныыр кэпсээн эмиэ ис түгэхтээх. Дьиҥэр, ааптар сүрүн этиитэ улаханнык кистэммэтэх – дойдуттан тэйии, өбүгэ үгэһин умнуу ыраахха тиэрдибэт. Киинэ дьиҥнээх ис хоһооно түмүгэр сэрэйиллэр, бу туох киһи буолара, тоҕо төннөн кэлбитэ. Өскөтүн урукку киинэлэригэр “оннук эбит” диэн чопчу тойоннуур сатаммат эбит буоллаҕына, бу сырыыга кистэммитэ таайыллар. Онон Дмитрий Давыдов айар ньыматын куруутун уларытар, саҥаны көрдүүр ааптар буолара көстөр. Бу киинэ урукку киинэлэриттэн өссө биир уратылаах. Кини урукку үлэлэригэр үксүн Амма олохтоохторун оонньотор эбит буоллаҕына, бу сырыыга сүрүн оруоллары биллэр артыыстар – Лена Маркова, Павел Ченянов, Ильяна Павлова оонньууллар. Биир сүрүн оруолга Анатолий Стручков (Дмитрий киинэлэригэр наар полиция үлэһитин оонньооччу) киинэ былаһын тухары көстүбэт, куолаһынан эрэ “оонньуур”.
Эдэр саас, эдэр саас
Режиссер бу киинэни Мэҥэ Хаҥалас “Хардыы” рок-бөлөҕүн ырыаларын истэн оҥорорго санаммытын туһунан: “Иван Кривогорницын “Ганнибал” диэн киинэтин көрөн баран, “Хардыы” бөлөх ырыаларын хас да күн тохтоло суох истибитим. Ол кэнниттэн бу курдук ис хоһоонноох сценарий айыллан тахсыбыта”, – диэн кэпсээн турардаах. Кырдьык, Майа панк-рокердарын муусуката киинэ былаһын тухары иһиллэр, сюжет сайдыытыгар сабыдыаллаах курдук. Уопсайынан, ааптар бу киинэтэ дьэ кырдык “сахалыы” тыыннаах курдук көрдүм (“Ыт” киинэни соҕотоҕун устубатаҕын учуоттаан туран). Ааттыын да “Эдэр саас” буоллаҕа дии. Арассыыйа быракаатыгар “Молодость” диэн тылбаастанан тахсыахтаах.
Түмүккэ
Саха киинэтэ төрүттэниэҕиттэн наар чэпчэки жанры эккирэппэккэ, бэрт уустук айымньылары оҥорон барбыта. Сергей Потапов, Михаил Лукачевскай, Прокопий Бурцев уонна да атын режиссердар көрөөччүнү “атаахтаппакка”, уустук ис хоһоонноох арт-хаус киинэни оҥороллор. Бу, дьиҥэр, бэрт дьикти көстүү. Кыра бүддьүөттээх эрэгийиэн киинэтэ бэйэтин уйунарыгар анаан үксүн чэпчэки жанры батыһар, ити олох ирдэбилэ. Ол эрэн, Саха сиригэр уустук да киинэ бэйэтин көрөөччүтүн хайаан даҕаны булара көстүбүтэ. Онон Давыдов олохтоох киинэһиттэри “дракуланан” хомнуура соччо оруна суох диэххэ сөп.
Дьэ, ону, күндү ааҕааччыларым, аны эһиги тойонноон көрүҥ, саҥа киинэни көрөн баран.
+7 (999) 174-67-82