Кырдьыгы хайдах баарынан ким суруйарый? Хорсун киһи. Н.И. Максимов «Тыйаатыр. Дьиҥ кырдьыгынан» кинигэтин ааҕан баран сөхтүм. Дьон хорсуна кырдьыктаахтык суруйарыттан сөхтүм. Театр уһун кэмнээх историятын быыһын сэгэтэн суруллубут ыстатыйалар хас биирдиилэрэ киһи санаатын өрүкүтэр күүстээхтэр. Кэпсэнэр түгэннэр санааҕын кынаттыыллар. Артыыстар ардыгар курус дьылҕалара сүрэххин долгутар. Киһи дьылҕатыгар кэм-кэрдии, эргимтэ дьайыыта үгүһү толкуйдатар. Бар дьон туһугар олоруу бастыҥ холобура буолбут аарыма артыыстарбыт айан-тутан ааспыт олохторо, искусство аартыгын тэлэн биэрбит суоллара барыта Н.И. Максимов кинигэтигэр үйэтитиллибит. Хайдах баарынан. Күүстээх айымньылар, айылҕалаах артыыстар, айар-тутар дьон дьылҕата, турууласпыт туруулаһыыта барыта дьиҥ кырдьыгынан.
Артыыс дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара, дьээбэлэрэ, көрдөөх түгэннэрэ, ыал буолуулара бэрт сырдыктык, истиҥник суруллубут. «Күһүн куобахтыыр этибит. Биирдэ Н.Туобулаахап кэпсээн-ипсээн кэллэ: «Мастан иҥнэн охтон өлө сыстым, биэс мүнүүтэ дөйөн сыттым», – диир. Ону Яков: «Бэрдин бэрт, хата, киһиҥ чаһытын көрө сыппыт», – диир». Бу курдук араас көрүдьүөс тобус-толору.
Кинигэттэн биир ордук сөбүлээбит этиибин аҕалыым – «Эһиги хас биирдиигит көхсүгэр кынат суулана сылдьар». Киһи кыаҕын арыйара, кынатын тиирэрэ бэйэтиттэн тутулуктаах. Бар дьонугар кырдьыктаах сыһыанынан күүһүгэр күүс эбинэр кыахтаах. Үйэлэргэ хаалар туһалаах суолу тыырынар. Н.И. Максимов «Тыйаатыр. Дьиҥ кырдьыгынан» кинигэтэ – үйэтитии үйэлээх суруйуута.
Екатерина Сивцева