Site icon SAKHALIFE

Дьыл бастакы премьерата: Норуот устуоруйата кырдьыгынан кэпсэниэхтээх

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театра сэтинньи 9, 10 күннэригэр драматург Дмитрий Наумов “Өлбөөдүйбэт үтүө аат” пьесатынан 119-с тыйаатыр дьылын бастакы премьератыгар, “Үйэлэри уҥуордаан” испэктээкилгэ ыҥырар.

Сүүрбэһис үйэ саҥатыгар Саха сирин автономиятын олохтоспут саха норуотун чаҕылхай уолаттара биэс этилэр: Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков, Степан Васильев. Бу кинилэр тустарынан төрдүс испэктээкил Степан Аржаков олоҕор уонна үлэтигэр ананар.

Саха театрын сценатыгар архыып докумуоннарын чахчылара тиллэн кэлэллэр: автономия олохтонуута, гражданскай сэрии сыллара, тунгуускай бастаанньа, бырамыысыланнас бастакы хардыылара. Ити барыта сахатын норуотун сайдыытыгар олоҕун анаабыт, саха бастакы үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ Степан Аржаков автономияттан саҕалаан репрессия ыар тыыныгар былдьатыар диэри кэмэ биэс салаалаах сулустан биирдэрэ буолан дьон-сэргэ болҕомтотугар аан бастаан тахсар.

Туруорааччы, Саха театрын сүрүн режиссера Руслан Тараховскай: “Норуот устуоруйата кырдьыгынан кэпсэниэхтээх. Билигин Саха сиригэр автономия олохтонуутугар биэс киһи тэҥҥэ үлэлээбитин билэбит. Ол сиэринэн өр кэмҥэ киэҥник биллибэтэх Степан Аржаков аата тиллиэхтээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ төннүөхтээх,” – диэн этэр. Онон саха судаарыстыбаннай, бэлитиичэскэй уонна хаһаайыстыбаннай диэйэтэлэ Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сыла киэҥ далааһыннаахтык, үрдүк таһымнаахтык бэлиэтэнэригэр Саха театра дириҥ санаалары, олохтоох толкуйдары көрөөччүгэ тиэрдэр төһүү күүс буолар.


Режиссер: Руслан Тараховскай
Михаил Егоров сценографията, Сардана Федотова көстүүмнэрэ
Сүрүн орулга эдэр артыыс Алдан Готовцев

Exit mobile version