Биһиги эрэдээксийэбит «Кыым» кыдьыгы бохсорго, кырдьыгы буларга уонна киһи быраабын көмүскүүргэ дьулуһар. Ол иһигэр оҕо бырааба эмиэ киирэр. Оҕону атаҕастааһын, оҕо уйулҕатын, этин-сиинин эчэтии, күүһүлээһин, өлөрүү туохтааҕар да ыар буруй буолара өйдөнөр. Оннук дьону биһиги көмүскээбэппит чахчы. Ол эрээри кэнники икки-үс сылга эр дьону, сахаларга дьүөрэтэ суох «педофилия» диэн ыар буруйга күтүрээн, уһун болдьохтоох хаайыыга ыытыы сиэри таһынан элбээтэ.
Ол курдук, ким эрэ, тугун-ханныгын ситэри быһаарсыбакка сылдьан, оҕо тыытыллыбытын туһунан үҥсүү суруйуон эрэ кэрэх, суут-сокуон массыыната харса-хабыра суох үлэлээбитинэн барар буолла. Үҥсээччи, алҕаска быһыыламмытын өйдөөбүтүн да иһин, «Тыл барда – бас барда!» дииллэринии, дьыала син биир тэриллэн суукка тиийэр уонна үксүгэр оҕо интэриэһин көмүскүүр бэрэстэбиитэл туһатыгар түмүктэнэр.
Биир оннук, алҕаска тэриллибит дьыаланан Таатта улууһун Ытык Күөл сэлиэнньэтин отут саастаах олохтооҕо Дьулустаан Егоров дьыалата буолар диэн биһиэхэ кини кэргэнэ А. (алҕас үҥсээччи) уонна аймаҕа эрийэн кэпсээтилэр уонна сырдатарбытыгар көрдөстүлэр. Кини, ойоҕун бастакы эриттэн оҕотун тыыппытыгар буруйданан, 2022 сыл атырдьах ыйын 25 күнүгэр Уус Алдан оройуоннааҕы суутунан (Ытык Күөлгэ) 12 сыл 6 ыйга кытаанах режимнээх холуонньаҕа ыытылларга ууруллубут.
Дьулустаан кэргэнэ А., аймаҕа уонна албакаата этэллэринэн, кинини уһун больдохтоох хаайыыга ыытарга улахан интэриэстээх киһинэн А. урукку кэргэнэ К. буолар. Кинилэр бу киһи, Дьулустаан биир алҕаска туттунуутун уонна кыра саастаах кыыһын туһанан,өр кэмҥэ илдьэ сылдьыбыт өһүн ситистэ диэн санаалаахтар. Ол туоһутунан К. урукку ойоҕор А.-ҕа Дьулустаан тутуллубутун кэннэ бассаапка суруйбут смс-тарын ааҕаллар. Онно К. урукку ойоҕун А. иккис кэргэнин уһун болдьохтоох хаайыыга ыыппытыттан улаханнык үөрэрэ, аҥаардас хаалбыт дьахтарга дьиэтигэр кэлээри тииһэрэ, онтон аккаас ылан,Дьулустааны өссө уһун болдьоххо ыытаары саанара көстөр…
Утуйа сытар оҕону алҕаска таарыйбыт буруйдаах…
Буруйданааччы Дьулустаан Егоров икки оҕолоох А.-ны кытта биир тэрилтэҕэ үлэлээбиттэр. Ол кэмҥэ А., өрүү атаҕастыыр, илиитин көтөҕөр К.-тан арахсаары толкуйдана сылдьар кэмэ эбит. Биирдэ эриттэн эмиэ охсуллан баран, полицияҕа үҥсүбүт уонна арахсарга сананан сайабылыанньа суруйбут. А., кэмниэ-кэнэҕэс арахсан, Дьулустааны кытта таптаһан сокуонунан холбоспуттар, оҕоломмуттар. А. силиэстийэ кэмигэр биэрбит быһаарыыларыгар Дьулустаан киниэхэ уонна иитийэх оҕолоругар олус үчүгэй сыһыаннааҕын, оҕолору сатаан иитэрин суруйбут. А. этэринэн, уола иккис аҕатыгар тута убаммыт буоллаҕына, кыыһа Дьулустааны «кыра оҕотун пюретын сиирин көҥүллээбэтин” иһин сөбүлээбэтэ үһү. А. кыыһын тылыттан аҕата уонна эбэтэ Дьулустааны утары туруоралларын сэрэйэр эбит. Ол да буоллар, оҕотун төрөппүт аҕатыгар уонна эбэтигэр ыыта турара.
Ол айдааннаах күн иннинэнээҕи кулун тутар 25 күнүгэр кэргэнниилэр, тоҥон турар дьиэлэрин оҥосто сылдьар буоланнар, оҕолорун илдьэ Дьулустаан бииргэ төрөөбүт быраатын аахха хоно кэлбиттэр. Иккис хонуктарыгар, кулун тутар 26 күнүгэр эр киһи, үлэтин бүтэрэ сатаан, быраатын аахха хоно кэлбэтэх. Сарсыарда кэлбитигэр кэргэнэ А., оҕоҕун таҕыннар диэн баран, үлэтигэр барбыт. Дьулустаан оҕотун таҥыннарбыт уонна ойоҕун алта саастаах кыыһын уһугуннарбыт. Кыыс уһуктаат аһыы барбыт, онтон оонньуу тахсыбыт. Дьулустаан, дьиэлээхтэри кытта чэйдээн баран, кыыс утуйбут оронугар сытан эбиэккэ диэри утуйан ылбыт…
Эбиэт кэннэ кэргэнэ А. кэлбитигэр бары олорон чэйдээбиттэр уонна оҕолорун кытта дьиэлэригэр барбыттар. Ол тухары А. алта саастаах кыыһа ийэтигэр тугу да эппэтэх, туох да буолбатаҕын курдук үөрэ-көтө сылдьыбыт. Сарсыныгар кыысчаан уһуйааҥҥа сылдьан баран эбэтигэр барбыт. Ол киэһэ А.-ҕа урукку кэргэнэ К. эрийэн дьэбин уоһуйбут куолаһынан Дьулустааны ыйыппыт. А. туохха наадыйбытын ыйыппытыгар «Кыыспын тыыппыт, тиийэн өлөрүөм» диэн сааммыт. Оҕолор көрөллөрүгэр айдаан тахсыбатын диэн, К. кэлбитигэр эр дьон тэлгэһэҕэ туран кэпсэппиттэр. Онтон оҕо бастакынан үҥсүбүт киһитигэр – эбэтигэр быһаарса тиийбиттэр. Эбэлэрэ сиэнэ кыыс тугу кэпсээбитин эппит уонна Дьулустааны үөҕэн барбыт. Онтон К. быраата тахсан Дьулустааны иккитэ охсубут. Ити кэмҥэ А., ньиэрбэ ыарыылаах буолан, марылаччы ытыы сылдьыбыт. К. ийэтэ киниэхэ «Дьулустаантан арахсыбат буоллаххына, оҕолоргун былдьыыбыт» диэбит. Онон, уолун эмиэ эбэтигэр аҕаларга быһаарбыттар.
Дьулустаан, маннык соһуччу буруйдааһынтан саҥатыттан матан, бэйэтин тута көмүскэммэтэх курдук. Арай сарсыныгар кэргэнин А.-ны кытта бассаабынан суруйсууга «Уһугуннараары биирдэ алҕаска туруусугуттан тарбахпынан таарыйан ылбытым» диэн билиммит. Бу суруйсууну кэнники хостоон ылан дакаастабыл быһыытынан туһаммыттар. Дьулустаан доппуруоска, кэргэнигэр билиммитин курдук, утуйа сытар оҕону уһугуннараары алҕаска туруусугуттан хабаҕын диэкинэн тарбаҕынан таарыйан ылбытын билиммит. Силиэдэбэтэл ону бэйэтэ хайдах өйдүүрүнэн суруйбут.
Дьон тылыгар баһыйтаран үҥсүбүтүм…
Маҥнайгыттан өйдөөбүт буоллаххытына, Дьулустаан Егоровка үҥсүүнү кэргэнэ А. суруйбут. Кини билигин, кэргэнин диэки буолбакка, туора дьон тылын истибититтэн олус кэмсинэр. Бэйэтэ билинэринэн, ньиэрбэтигэр диагнозтаах буолан, ким эмэ ыктаҕына-хаайдаҕына, хаһыытаатаҕына, саҥарбат буолан хаалар идэлээх эбит. Онон, «Дьулустааны буруйдаан, элбэх киһи аймаммытыгар бэйэм бэйэбинэн үҥсүү суруйарга күһэллибитим» диэн хараастар. Кини кэпсээниттэн быһа тардан киллэрэбит:
«Үлэбэр тиийэн ытыы олордохпуна, тэрилтэм тойоно көрөн туох буолбутун токкоолоспута. Онуоха өр сыл бииргэ үлэлээбит киһим буолан, кэпсээн биэрбитим. Тойонум «Манныгы хайаан да үҥсүөхтээххин. Эбэтэр бэйэҕин төрөппүт быраабыттан быһыахтара. Үҥсүбэт буоллаххына, бэйэм үҥсүөм. Эриҥ буруйа суох буоллаҕына, бэрэбиэркэлээн баран ыытыахтара» диэбитин иһин, кинини кытта прокуратураҕа барсыбытым. Тойонум, прокурору үчүгэйдик билэр киһитэ буолан, ол киһи тута полицияҕа эрийбитэ. Сотору кэминэн Дьулустааны тутан хаайбыттара. Ити курдук, атын дьон тылыгар киирэммин, эрбэр үҥсүү суруйбуппуттан олус кэмсинэбин, сайабылыанньабын төттөрү ыла сатыыбын» диэн оҕо ийэтэ, үҥсээччи А. суруйар.
Бу түгэҥҥэ дьахтар бэйэтин эрэ буруйданар буоллаҕына, Дьулустаан кинини туохха да буруйдаабат эбит. Кини доппуруоска оҕону туох да кэтэх санаата суох алҕаска туруусугуттан таарыйбытын, ону өйдөөбөккө да хаалбытын билиммит. Бу билинии салгыы, оҕоҕо сексуальнай дьайыыны оҥоруу курдук сыаналанан, 132 ыстатыйа 4 пуунугар кубулуйбут.
Оройуоннааҕы суут бириигэбэрэ төһө олохтооҕуй?
Албакаат Брусенин К.В. СӨ Үрдүкү Суутугар киллэрбит үҥсүүтүгэр Уус Алдан оройуоннааҕы суута Дьулустаан Егоровка таһаарбыт бириигэбэрин сокуоннайа уонна олоҕо суоҕунан ааҕар. Олортон ордук суолталаахтарын эрэ аҕалабыт:
- Суут буруйдуур докумуоҥҥа алта саастаах оҕо хас да төгүллээх көрдөрүүтүттэн иккитин эрэ киллэрбит. Холобура, буруйданааччы дьылҕатын быһаарыан сөптөөх кулун тутар 30 күнүнээҕи көрдөрүүтүн киллэрбэтэх. Албакаат этэринэн, онно оҕоҕо интэриэстээх дьон өттүттэн дьайыы оҥоһуллубута көстөр эбит. Оттон суут «Оҕо наар биир көрдөрүүнү биэрдэ» диэн суруйар.
- Суут, оҕо көрдөрүү биэрэр видеоларыттан биири даҕаны туһаммакка, боротокуолунан эрэ муҥурдаммыт. Оҕо бастакы кэпсээнигэр «Дьулустаан миигин мантан таарыйда» диэбит буоллаҕына, доппуруоска кэлэн «имэрийдэ» диир. Маҥнай биирдэ эрэ таарыйбыт курдук этэр буоллаҕына, кэнники олус уһуннук убахтаабыт курдук кэпсиир.
- Силиэстийэ кэмигэр оҕо төрөппүт аҕата, аҕатын быраата уонна эбэтэ үһүөн, Дьулустаан кэпсээбитин курдук, оҕо кинилэргэ биир тарбаҕын уонна биир кылгас дьайыыны көрдөрбүтүн кэпсииллэр. Кинилэр көрдөрүүлэригэр оҕо «имэрийдэ» диэбитэ көстүбэт.
- Суут буруйдуур докумуонугар оҕо Дьулустаан дьайыытыттан куттаммытын, моральнай охсууну ылбытын, эрэйдэммитин, долгуйбутун, уйулҕатын сайдыыта кэһиллибитин туһунан суруйар. Онуоха, суут комплекснай психолого-психиатрическэй эспиэрдэрин хамыыһыйатын 2022 сыл муус устар 15 күнүнээҕи 312 №-дээх түмүгүнэн, оҕо уйулҕатыгар туох да охсууну ылбатаҕа бигэргэммит.
- Суут буруйданааччы Дьулустаан Егоровка оҥоһуллубут сексолого-психолого-психиатрическай эспэртиисэ 2022 сыл муус устар 20 күнүнээҕи 330 №-дээх түмүгүн учуоттаабатах. Онно этиллэринэн, буруйданааччыга педофилия уонна онтон да атын таҕылы ханнарар кыдьык суоҕа, сексуальнай өттүнэн чөл туруктааҕа бигэргэммит. Эспэртиисэ түмүгэ уонна кинини чугастык билэр туоһулар Дьулустаан мэниктэһэр-хаадьылаһар майгылааҕын көрдөрбүттэр. Ол эбэтэр, кини туох да кэтэх санаата суох, оҕону хаадьылаан хабаҕын диэкинэн таарыйбыт буолуон сөп.
- Суут буруйдуур докумуонугар оҕо утуйбут таҥаһыгар Дьулустаан ууһуур уорганын эттигэ көстүбүтэ киирбит. Онуоха кини ити таҥаска инники ойоҕун кытта утуйбута уонна, оҕону уһугуннаран баран, салгыы бэйэтэ утуйа хаалбыта учуоттамматах. Оҕо кэтэ сылдьыбыт ис таҥаһыгар, этигэр-сиинигэр туох да атын суол суох.
- Силиэстийэҕэ да, суукка да өрөбүл ахсын төрөппүт аҕатыгар уонна эбэтигэр хоно-өрүү барар оҕо кинилэр дьайыыларыгар киириэн сөбө учуоттамматах.
Аҕыйах күнүнэн Дьулустаан Егоров дьыалата Кассационнай суукка көрүллүөхтээх. Албакаат Яковлев Г.Е. этэринэн, бу дьыалаҕа икки аҕа, икки эр мөккүөрэ көстөр. Ол эбэтэр, кини суукка оҕо бэрэстэбиитэлинэн анаммыт К. буруйданааччыны (урукку ойоҕун саҥа эрин) хаайыыга угар улахан интэриэстээх буолуон сөп диэн этэр. Онуоха оҕо кэпсээнэ бэлэм төрүөт буолбутун сабаҕалыыр. К. урукку кэргэнигэр А-ҕа суруйбут «Совестью можно пренебречь в пользу себя» диэн бириинсибэ Кассационнай суукка төһө үчүгэйдик үлэлиирин аҕыйах күнүнэн билиэхпит турдаҕа.
Матырыйаалы суут докумуоннарынан бэлэмнээтэ Күндэли.