Дьол хараҕа суох…

«Айар» долбуура

«Аны атын уоллаахпын диэбитэ. Оччотугар тоҕо миигин кытары бииргэлэһэрий эбэтэр анараа киһитигэр иэйиитин умунна дуу?»

Надежда Егорова-Намылы «Дьол хараҕа суох» кинигэтиттэн быһа

Куорат дьонугар биир өрөбүл күн олус да күндү. Бу күн нэдиэлэни быһа мунньуллубут үлэҕин ситэрэргэ, суунарга-тараанарга, ыраастанарга, дьиэ кэргэҥҥин кытары бииргэ буоларга анаммыт күн. Онон, Аркадийдаах Мотяҕа бүгүн эмиэ сынньалаҥ күнэ тосхойдо. Ол эрэн, бу күн уратылаах күн. Кыыс аан бастаан Аркадий дьиэтигэр боруогун атыллаан киириэхтээх.

 Күн оройо, оруобуна 12 чааска Аркадий дьиэтиттэн тахсан Мотятыгар утары барда. Эдэр киһи хаамара эрчимнээх, аҕыйах хардыыны төһөнөн түргэнник оҥорор да, тапталлааҕар түргэнник тиийиэхтээх.  Өр буолуо дуо, уол оҕото болдьохтоох кэмҥэ кыыс дьиэтигэр тиийэн кэллэ уонна олбуор аанын арыйан, күүлэҕэ Мотя атаҕын таҥаһын кэтэ турарын көрдө. Уол иһирдьэ ааһар санаата суох, онон кыыһын кэтэһэн турда. Мотя чэпчэки-чэпчэкитик дыгыйан, уол аттыгар субу баар буолла. Бэҕэһээ киэһээҥҥи толкуйунан, Аркадий субу түгэҥҥэ кыыһын иэдэһиттэн сылаан ылыахтаах этэ да, долгуйууттан арыта умнулунна. Чэ, ол да буоллар, сиэттиспитинэн уһун уулусса устун хаамсан иһэллэр. Аара баран иһэн кыратык бородуукта атыыластылар.

Мотя дьиэҕэ киирэн баран, хостору кэрийэ көрдө. Улахан хоско Аркадий ийэтин хаартыскатын өр одууласта, ийэтин хоһо субу баарын курдук туох да уларыйбакка турарын көрөн дьиктиргии санаата. Ону көрөн Аркадий:

— Тугу эмэ уларытыахпын санаам буолбат. Киэһэ үлэбиттэн кэллим да, хайаан да  бу хоско киирэ сылдьабын, санаабар, ийэм дьиэбэр этэҥҥэ кэлэрбиттэн үөрэр курдук.

— Ээ сөп.

— Чэ, Мотя, эбиэттиэх. Хортуоскалаах соркуой буһарбыппын сылыттым.

Иккиэн утарыта көрсөн олорон, күө-дьаа буолан, күлэн-салан, ону-маны кэпсэтэ-кэпсэтэ чэйдээтилэр. Мотя дьиэлээх хаһаайын буһарбыт соркуойун, өссө дьиэтэ ырааһын хайҕаата.

Иһиттэрин иккиэн хомуйан баран аны таһырдьа тахсан бэсиэдкэҕэ олорон сэһэргэстилэр. Халлаан ыаһыран былытырыах курдук чинчилэннэ, тыалыран да ылар. Күһүн чугаһаабытын биллэрэр сибикэтэ да буолуо.

Тыйаатырдарыгар хааман истэхтэринэ, ааһан иһээччилэр сотору-сотору Мотяны кытары дорооболоһон ааһаллар, кыыс сорохторун кытары тохтоон эйэргэһэр, кэпсэтэр. Сөп ээ, бэйэлэрин оройуоннарын маҕаһыынын барыларыгар тэҥ сыһыаннаах, сайаҕас  атыыһыт кыыстарын ханна да буоллар билэллэр. Мотяны ордук кырдьаҕастар сөбүлүүллэр, бэл, кыыстара уоллуун сиэттиһэ хаамсан иһэрин кэннилэрин хайыһан көрөллөр.

Аркадий маннык кэрэ кыыһы кытары аргыстаһан иһэриттэн долгуйара күүһүрэр. «Мин киниэхэ тэҥнээхпин дуо? Аны атын уоллаахпын диэбитэ. Оччотугар тоҕо миигин кытары бииргэлэһэрий эбэтэр анараа киһитигэр иэйиитин умунна дуу?» — диэх санаа уол өйүттэн-санаатыттан арахпат.

Намылы «Дьол хараҕа суох» кинигэтиттэн быһа тардыы («Айар», 2023 с.)

Подписаться
Уведомить о
guest
0 комментариев
Старые
Новые Популярные
Межтекстовые Отзывы
Посмотреть все комментарии
Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх