Дьокуускайга “Өбүгэ тыына” айар киэһэ буолла
Сэтинньи 20 күнүгэр М.К.Аммосов ХИФУ иһинэн үлэлиир “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан СӨ Үҥкүүтүн тыйаатырын үҥкүүһүтэ, үҥкүү туруорааччыта Дьулустан Дмитрьевич Харлампьев “Өбүгэ тыына” диэн ааттаах айар киэһэтэ буолла. Айар киэһэҕэ толору саала дьон тоҕуоруһа мустубуттар. Урукку кэм курдук ордук билиэт сураһаллар. Көрөөччүлэр быыстарыгар эдэр ыччат, устудьуоннар, араас көлүөнэ самодеятельнай кэлэктииптэргэ үҥкүүлээбиттэр уонна билигин үҥкүүлүү сылдьар дьон, үҥкүү уһуйааччылара, аҕам саастаах дьон, бэтэрээннэр, пенсионердар, аймахтар, доҕоттор-атастар. “Сэргэлээх уоттара” кииҥҥэ киирэри кытары Дьулустан Харлампьев толорбут үҥкүүлэрэ уонна уобарастара, гастуруолларга сылдьыбыт хаартыскаларыттан быыстапка турбута эмиэ кэрэхсэбиллээх.
Айар киэһэни Виталий Очиров алгыһынан аста. Уол оҕо барахсан, уһулуччу талааннаах эр хоһууммут кэлбит көрөөччүлэри биир санааҕа түмтэ, угуттаата, үрдүк айыылартан чөл туругу, чэбдик доруобуйаны, сырдык санаалары көрдөһөн айар киэһэ чаҕылхайдык барарын анал сиэринэн-туомунан алҕаата.
Дьулустан айар киэһэтин уратыта диэн бу кэнсиэргэ эр эрэ дьон кытыннылар. Эр хоһууттар күүстэрин-уохтарын, кинилэр куттарын-сүрдэрин билиҥҥи кэмҥэ сааһылыыр баай, ис хоһоонноох тэрээһин буолла.
Биллиилээх хореограф Станислав Катаков “Тыын тэтимэ” үҥкүүтэ Үҥкүү тыйаатырын репертуарыгар бигэтик киирбитэ быданнаата. Бэһэҕээ тыйаатыр артыыстара өрө көтөҕүллэн, буһан-хатан, уобараска киирэн, биир тыынынан толордулар. Көрөөччүлэр тохтобула суох БРАВО, БРАВО, БРАВО хаһыынан илиилэрин тохтобула суох таһыннылар. Бастакы нүөмэртэн саҕалаан көрөөччү күүстээх, киэҥ далааһыннаах эйгэҕэ киирдэ.
Эр хоһууттары эр бэрдэрэ дэтэр сүрдээх тэтимнээх, толорорго уустук үҥкүүлэри А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба устудьуоннара “Тыва истиэбигэр”, Арктикатааҕы судаарыстыбынай култуура уонна ускуустуба үнүстүтүүтүн «Аар-Аартык» норуот үҥкүүтүн бөлөҕө «Дьөһөгөй», Арассыыйа норуотун айымньытын үтүөлээх кэлэктиибэ «Кыталык» норуот үҥкүүтүн бөлөҕө “Атах оонньуулара”, З.К.Степанов аатынан Кэбээйитээҕи оҕо ускуустубатын оскуолатын «Тэлээрис» норуот үҥкүүтүн бөлөҕө “Сүр көтөҕүүтэ”, “Гулун” аҕыйах ахсааннаах хотугу омук тыйаатыра “Дүҥүрдээх үҥкүү”, “Эрэл” норуот үҥкүүтүн тыйаатыра “Боотурдар” бэрт үрдүк таһымнаахтык, чэпчэкитик, сылбырхайдык, өрө көтөн, ыстанан толордулар.
Дьулустан былырыын бэйэтин үлэтин таһынан М. К.Аммосов аатынан ХИФУ иһинэн «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр «УМСАН» эр дьон үҥкүү бөлөҕүн тэрийбитэ уонна онно салайааччынан айымньылаахтык үлэлиир. Бэһэҕээ “Умсан” бөлөх Кэбээйигэ эрэ көстөр умсан көтөр “Кыыл таҥарата” диэн үҥкүүнү көрдөрөн дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыта.
Кэнсиэргэ Дьулустан айар куттаах, талааннаах доҕотторо кытыннылар, олор истэригэр хомусчут Георгий Слепцов-Чаҕылхан, ырыаһыт Иннокентий Васильев, Марк Жирков аатынан муусука кэллиэһин уһуйааччыта Артур Семенов, тыйаатыр кэскиллээх ырыаһыта Александр Карманов, ырыа айааччы Кэскил Баишев, СӨ үтүөлээх артыыһа Асколон Павлов, аркыастыр артыыһа, кырыымпаһыт Дьулустан Никифоров уо.д.а.
Дьулустан удьуор үҥкүүһүт. Кини тохсунньу 18 күнүгэр 1985с. Сунтаар оройуонун Кутана нэһилиэгэр Александра Николаевна, Дмитрий Григорьевич Харлампьевтар айар куттаах дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Аҕата Дмитрий Григорьевич номоххо киирбит Саха сирин судаарыстыбынай үҥкүүтүн бөлөҕүн бастакы састаабыгар биллэр үҥкүүһүт артыыс быһыытынан үлэлээбитэ. Кини Сахабыт сирин оройуоннарынан, соҕуруу куораттарынан, тас дойдуга Канадаҕа, Румынияҕа, Монголияҕа, Германияҕа гостуруолларга кыттыбыта. Ийэтэ Александра Николаевна Харлампьева (Никифорова) эмиэ ити бөлөххө үҥкүүлээбитэ. Билигин Дмитрий Григорьевич – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Александра Николаевна – СӨ култууратын туйгуна киэҥник биллэр үҥкүү уһуйааччылара. Кинилэр З.К.Степанов аатынан Ускуустуба оскуолатыгар 36 сыл устата үүнэр көлүөнэ ыччаты үҥкүү кэрэ эйгэтигэр уһуйан,«Тэлээрис» үҥкүү бөлөҕүн нөҥүө талааннаах ыччаттары киэҥ аартыкка таһааран күн бүгүҥҥэ диэри айымньылаахтык айа-тута сылдьаллар.
Дьулустан бэрт кыра сааһыттан кэрэ эйгэҕэ тардыһан улааппыта. Кини Кэбээйитээҕи Муусука оскуолатыгар үҥкүү салаатыгар үөрэнэ киирбитэ уонна 1996с. бүтэрбитэ.Үҥкүүгэ үөрэнэр сылларыгар Дьулустан Кэбээйи улууһун нэһилиэктэринэн, «Тэлээрис» ансаамбылга үҥкүүлүү сылдьан Дьокуускай куоракка «Терпсихора», «Хотугу сулус», «Сааскы таммахтар» үҥкүү күрэхтэригэр уонна Грецияҕа Аан дойдутааҕы бэстибээлгэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Орто оскуоланы бүтэрэн баран үҥкүүһүт идэтин ыларга бигэтик быһаарыммыта. 2002с. Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһигэр үҥкүү салаатыгар үөрэххэ киирбитэ. Устудьуоннуу сылдьар кэмигэр Москубаҕа Саха сирин күннэригэр кыттыыны ылбыта.
Айар киэһэ долгутуулаах түгэнинэн Харлампьевтар дьиэ кэргэн хас да көлүөнэ буолан бука бары сиэттиспитинэн киэҥ сценаҕа тахсан Кэбээйи улуус алгыһын хамсаныытын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрөн, дьон-сэгэ биһирэбилин ылыан-ыллылар. Биир сомоҕонон, эчи элбэхтэрин, уурбут-туппут курдук, истиҥ-иһирэх хамсаныылара – бу диэн баар улахан дьол, өбүгэ тыына барыларын хомуйда. Дьулустан олоҕун аргыһа Юлиана эмиэ профессиональнай үҥкүүһүт. Кини эмиэ кыра эрдэҕиттэн үҥкүү абылаҥар ылларан, Сунтаар Элгээйитигэр Августина Клакинова “Алгыс” бөлөҕөр үҥкүүлээбитэ. Билигин «Гулун” кэлэктиибигэр ситиһиилээхтик үҥкүүлүүр. Юлианалаах Дьулустан дуэт быһыытынан хотугу норуоттар үҥкүүлэрин бэрт тэтимнээхтик, истиҥник, имигэстик, иһирэхтик толордулар.
2005 с. Дьулустан С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан СӨ Үҥкүүтүн тыйаатырыгар балет артыыһынан үлэҕэ киирбитэ. Кини башкир омук үҥкүүтүн, «Булчут уонна Хотой», «Кубалар», «Хотугу көстүүлэр», «Тыын тэтимэ», «Оһуор үҥкүүтэ», «Чохчоохой», «Таба уонна табаһыт» үҥкүүлэри толорор. Испэктээктэргэ оруоллара уонна уобарастара: Уус – «Айыы аймаҕа», Кырдьаҕас Ойуун, Төбөтө суох уонна Бөкчөҕөр – «Бохсуруйуу», Улахан Убаай – «Хотугу сулус туһунан номох», бастакы толорооччу быһыытынан Абааһы – «Үөдэн түгэҕэ», Муус Кудулу уонна Циклоп – «Үөһээ дойду дохсуннара», Өрөгөчөй – «Ньырбакаан, Муус Субуйдаан – «Куллустай Бэргэн», Ойуун — «Киһи», Ойуун – “Халдьаайы” биллэр. Итини таһынан, үгүс элбэх оҕоҕо аналлаах испэктээктэргэ эмиэ чаҕылхай оруоллары толорор.
Дьулустан Үҥкүү тыйаатырыгар балет артыыһынан үлэлээбитэ номнуо 17 сыл буолла. Кэннэки кэмҥэ кини уопутурда, көрөрө-билэрэ кэҥээтэ, ситтэ-хотто. Билигин үҥкүү туруорааччылар киниэхэ Ойуун уобараһын эрэнэн туран аныыллар. Аар саарга биллибит “Бохсуруйуу” этнобалекка Кырдьаҕас Ойуун оруолун, Изабелла Егорова “Киһи” этнобалетыгар Ойууну, Долаана Федотова “Халдьаайы” испэктээгэр эмиэ Ойуун оруолун толорор. Дьулустан айар киэһэтигэр “Халдьаайы” испэктээктэн эмиэ Ойуун үҥкүүтүн быһа тардан көрдөрдө.
Үҥкүүлүүрүн таһынан Дьулустан 2012с. үҥкүү туруорааччы быһыытынан эмиэ киэҥ эйгэҕэ тахсыылаахтык үлэлии сылдьар. Ол курдук, Туймаада ыһыаҕар(2012,2016-2018, 2022), Саха сирин норуоттарын спортивнай күрэстэригэр Намҥа (2014), Аммаҕа (2019), Бороҕоҥҥо (2022) Манчаары оонньууларыгар Үөһээ Бүлүүгэ (2017), Бэрдьигэстээххэ (2021), Олоҥхо ыһыаҕар Хаҥаласка (2014) үҥкүү туруорааччылар бөлөхтөрүгэр киирэн айымньылаахтык үлэлээбитэ, баай уопуту, дириҥ билиини иҥэриммитэ.
Билигин бэйэтин үлэтин таһынан М. К.Аммосов аатынан ХИФУ иһинэн «Сэргэлээх уоттара» култуура киинигэр «УМСАН» үҥкүү бөлөх салайааччытынан айымньылаахтык үлэлиир. А.Д.Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба кэллиэһин режиссура идэтигэр үөрэнэ сылдьар.
Дьулустан Харлампьев бастакы эр хоһууттарга анаммыт “Өбүгэ тыына” айар киэһэтигэр анаан “Булчуттар” үҥкүүлэрин тыйаатыр артыыстарыгар туруоран, көрөөччү дьүүлүгэр таһаарда. Уолаттар бэрт итэҕитиилээхтик толордулар.
Дьулустан айар киэһэтэ дьиҥ чахчытык үрдүк таһымнаахтык, өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Айар киэһэни “Сэргэлээх уоттара” салайааччыта Алексей Константинов иилээн-саҕалаан ыытта. Дьулустаны Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ Александр Алексеев, Кэбээйи улууһун салалтата, Дьокуускайга олорор Кэбээйи улууһун землячествотын салайааччыта, үҥкүү уһуйааччылара, оскуолаҕа, кэллиэскэ бииргэ үөрэммит табаарыстара, ийэтин-аҕатын бииргэ төрөөбүттэрэ, аймах билэ дьоно, доҕотторо-атастара чиэстээтилэр. Бүтэһигэр Дьулустаммытыгар Кэбээйи нэһилиэк бочуоттаах олохтооҕо диэн үрдүк аат бэрилиннэ. Айар киэһэ СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Михаил Винокуров таһаарбыт эр хоһууттар күүстээх оһуокайынан түмүктэннэ.
Тыйаатырбыт үҥкүүһүтэ, кэскиллээх үҥкүү туруорааччыта Дьулустан Дмитрьевич Харлампьевка айымньылаах үлэтигэр ситиһиини, саҥаттан-саҥа арыйыылары, кэрэхсэбиллээх, сонун үлэлэри, кэрэни, сырдыгы, дьиэ кэргэнигэр дьолу-соргуну баҕарабын!
+7 (999) 174-67-82