Дьокуускайга тыыннаах харыйаны хантан атыылаһыахха сөбүй???

???
Дьокуускайга тыыннаах харыйаны «Якутлесресурс» тэрилтэттэн (Кеша Алексеев уул., 9/1) атыылаһыахха сөп буолуоҕа.

Билиҥҥитэ сыаналарын чуолкайдыы иликтэр, кэлэр нэдиэлэҕэ сыана олохтонуоҕа диэн иһитиннэрэллэр.

☝?Бэс мас (ортотунан 1000 солк. сыаналаах буолара сабаҕаланар), харыйа (1500 солк. ыарыа суоҕа), болбукта лабаата (500 солк) атыыга тахсыаҕа.

?Ойуурга харыйаны быһарга дуогабара суох барар көҥүллэммэт. Саҥа дьыл иннинэ ойуур инспектордара уонна полиция сотрудниктара эриэйдэлэри күүһүрдэллэр.
??‍♂️Көҥүлэ суох, сокуону кэһэн туран харыйаны эбэтэр бэс маһы быстахха административнай ыстараап төлүүгүт – 4000 солк. диэри.
Сокуону кэһэн саҥа дьыллааҕы харыйалары атыылааһын иһин ыстараап – 1000 солк. саҕалаан 100000 солк. диэри.
Итини таһынан, хоромньуну уйуналлар. Ол курдук, 5000 солк. тахса буоллаҕына холуобунай дьыала көбүтүллэр. Оттон харыйаны эрбээн ылаары массыынанан эбэтэр атын көлөнөн кэлбит буоллахтарына, тырааныспары былдьыыллар.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх