Дьокуускайга «Саха чороонун кистэлэҥэ» быыстапка аһылынна
Бүгүн сааскы сылаас, чаҕылхай күн, биир үөлээннэҕим, үҥкүүһүт Дмитрий АртемьевБелинскай аатынан библиотекаҕа «Саха чороонун кистэлэҥэ» диэн бэйэтэ муспут чорооннорун быыстапката аһыллыытыгар ыҥырбытыгар тиийбитим, дьон-сэргэ тоҕуоруһа мустубут, бары сэргэхтэр, сэмээр библиотека устун хаамсаллар, кинигэлэри, сурунааллары көрөллөр, бэйэ-бэйэлэрин кытары кэпсэтэллэр. Кэлбит дьону киирэр аантан сүрдээҕин ис киирбэх үлэһиттэр үөрэ-көтө көрсөллөр, ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Бу быыстапка «Коллекция горожан» диэн бырайыак чэрчитинэн уонна Өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммит күнүн көрсө, ааҕааччыларга куорат олохтоохторугар, ыалдьыттарыгар анаан туруоруллубут.
Быыстапка аһыллыытын тэрээһини иилээн-саҕалаан ыытар Мария Анатольевна Жиркова бүгүҥҥү күн ыалдьыттарын кытары билиһиннэрдэ: Ярославскай аатынан түмэл реставратор-худуоһунньуга, чороон ууһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Протопопов Василий Егорович, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 18 сыл устата Белинскай библиотекатын дириэктэрэ Карадчина Калькарина Георгиевна, Марк Жирков аатынан муусука кэллиэһин уһуйааччыта, хомусчут Артур Ньургустанович Семенов-Тоҥ Саха. Кинилэр эҕэрдэлэрин кэннэ тылы чорооннор хаһаайыннарыгар — Арассыыйа үтүөлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһыгар Дмитрий Егорович Артемьевка биэрдилэр. Дмитрий Егорович бу библиотека партнера, Олоҥхо декадатыгар, «Артисты читают о Якутске» бырайыактар кыттааччылара. Бүгүҥҥү күҥҥэ кини үгүс ахсааннаах чорооннорун коллекциятыттан 41 чороону дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһаарда.
Үөрүүлээх тэрээһин кыһыл лиэнтэтин Дмитрий Егорович, Калькарина Георгиевна, Василий Егорович быстылар. Ол кэннэ биллиилээх хомусчут, норуоттар икки ардыларынааҕы уонна аан дойдутааҕы күрэхтэр лауреата Артур Семенов-Тоҥ Саха хомуска сыыйа тардан мустубут дьону биир тыыҥҥа уонна кэрэ эйгэҕэ киллэрдэ. Дьэ ол кэннэ, Дмитрий Егорович бэйэтэ муспут чорооннорун остуоруйатын билиһиннэрдэ. Сүрдээх ис киирбэхтик оҕо сааһын санаан, алгыс чороонун булбутун кэпсээтэ. Кэннэки үлэһит буолан, аан дойдунан тэлэһийэ сылдьан, дойдутун санаатаҕына хайдах эрэ чороонтон кымыс иһэрин, ахтарын, күндүтүк саныырын, иэйэн-куойан кэпсээтэ. Бииртэн биир чорооннор кини коллекциятыгар кэлэн испиттэр. Коллекцияҕа XVIII үйэҕэ оҥоһуллубут мас чороон, Василий Егорович бэлэх ууммут былыргы чорооно, араас быһыылаах-таһаалаах, сэбиэскэй кэм, билиҥҥи бириэмэ: мас, туой, кыл, үрүҥ көмүс, керамика, таас, гжель, өстүөкүлэ, хрусталь чороонноро бааллар.
Чороон остуоруйатын, хайдах харыллыахтааҕын, ыраастааһынын, реставрациятын, ойуутун-бичигин сиһилии чороон маастара Василий Егорович билиһиннэрдэ, Дмитрий Егоровичка ыҥырыытыгар махталын биллэрдэ.
Бу тэрээһин үрдүк таһымнаахтык барарыгар дууһатынан ыалдьыбыт, сүүрбүт-көппүт, Кыраай отделын үлэһитэ, Дмитрий биир дойдулааҕа Екатерина Васильевна Попова Дмитрий Егоровичтыын куруут билсэ тураллар. Екатерина Васильевна библиотека тэрээһиннэригэр мэлдьитин Дмитрий Егоровыһы ыҥырар, кытыннарар. Ону таһынан кини киһи быһыытынан холкута, аһаҕаһа, үөрүнньэҥэ көһүннэ. Дмитрий кыра бириэмэҕэ ыалдьыбытыгар, Библиотекаттан сүүрэн кэлэн, Кулаковскай, Ойуунускай айымньыларын, олоҥхолору аҕалан, кэпсэтэн-ипсэтэн, Дмитрийи сэргэхситэн, күүс-көмө, сүбэ-ама буолбут. Екатерина Васильевна үөрүүлээх быһыыга-майгыга Кыраайы үөрэтэр отдел аатыыттан кэккэ ыалдьыттарга сэмэй бэлэхтэри туттарда. Бу кэрэхсэбиллээх тэрээһиҥҥэ библиотека үлэһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин оһуохайдьыта Хаарчаана Семенова «Көр Бухатыыр» олоҥхоттон быһа тардан аахта. Дмитрий Егорович харда этиитигэр Библиотека үлэһиттэригэр, биир дойдулаахтарыгар, кэлбит ыалдьыттарга барҕа махталын тириэртэ уонна дьиэлээх хаһаайыннарга Көмүлүөк оһох бэлэхтээтэ, сыт таһааран дьиэлэрин ыраастыылларыгар, харыстыылларгар баҕа санаатын эттэ.
Дмитрий Артемьев чорооннорун быыстапката биир ый устата турар. Онон күндү Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара биир бэйэҕит биэс буолаҥҥыт, билэр дьоҥҥутун ыҥыран сырытыннарын!
Улахан тэрээһин уопсай хаартыскаҕа түһүүнэн түмүктэннэ.
+7 (999) 174-67-82