Дьокуускайга олоҥхону оллоонноон олорон оҕолорго иһитиннэрии күнэ буолар

Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ (1901-1979) Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СССР суруйааччыларын союһун чилиэнэ, норуот ырыаһыта, тойуксут уонна олоҥхоһут 120 сылыгар анаан «Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр» олоҥхону оллоонноон олорон оҕолорго иһитиннэрии күнэ буолар.

Бэйэтин кэмигэр бастыҥ чулуу үлэһит, инники күөҥҥэ сылдьар стахановец, төрөөбүт-үөскээбит Көбөкөнүн нэһилиэгэр колхуос төрүттэнэригэр төһүү күүс буолбута. Колхуос, сопхуос үлэтин бэтэрээнэ. Норуот тылын уус-уран айымньыта үйэтийэригэр кылаатын киллэрбит Нам улууттан П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аата фольклор эйгэтигэр дьоһун миэстэни ылар. Кини тута хоһуйааччы быһыытынан ыллаан-туойан хаалларбыт “Тараҕана сайылык” айымньыта саха литературатын хрестоматиятыгар бигэтик киирэн хас да көлүөнэ саха ыччатын өйүгэр хатаммыта, уус-уран тыл дэгэттээх умсулҕаныгар уһуйбута. Маны сэргэ, “Ходуһа уһуктуута” (1964), “Олоххо айхал” (1971) уо.д.а тойуктара бэчээккэ тахсыбыттара. Прокопий Ядрихинскай олоҥхоһут быһыытынан “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр” уонна “Күн Дьөһүөлдьүн” айымньыларын суруттаран хаалларбыта радио фондатыгар харалла сытар. Кини тыыннаах куолаһыттан суруллубут олоҥхотун фольклорист Петр Никифорович Дмитриев анаан устан, кэлин “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыырын” (1981) бэчээккэ бэлэмнээн таһааттарбыта.

Кэлин Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр”олоҥхото сахалыы-нууччалыы тылынан филологическай наука кандидата Тамара Ивановна Петрова салалтатынан М.К. Аммосов аатынан ХИФУ тылбаас салаатын устудьуоннара кыттыгастаах академическай таһымнаах кинигэ буолан тахсыбыта (2010).

“Ыллыыр Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ” диэн ааттаах аудио-диск тойуксут, олоҥхоһут Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин фондатыттан (ММФНЯ НВ-160) оцифровкаланан 2019 с. бэчээттэммитэ. Оцифровканы М.Н. Жирков аат. ДьМК (У) сүрүн инженера Курганов Олег Васильевич онтон техническай үлэтин Саха сирин норуоттарын музыкатын уонна фольклорун түмэлин сүрүн оператора Яковлев Иван Афанасьевич оҥорбута.

Бу күн Никандр Прокопьевич Тимофеев үөрэнээчитэ Нюргусова Яна Петровна «Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр» олоҥхоттон быһа тардыыны 17 нүөмэрдээх Дьокуускай куорат оскуолатын оҕолоругар иһитиннэриэҕэ. Маны тэҥэ оскуола оҕолоро Прокопий Ядрихинскай-Бэдьээлэ туһунан научнай дакылааттарын билиһиннэриэхтэрэ.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх