Сэтинньи 3 күнүгэр Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатыра Саха аркыастырын 30 сыллаах үбүлүөйүн чэрчитинэн Саха аркыастыр дирижера уонна артыыһа, “Кыл Саха” төрүт дорҕоон кыттааччыта, Арассыыйа театральнай диэйэтэллэрин Сойууһун чилиэнэ, Саха сирин музыкальнай диэйэтэллэрин сойууһун чилиэнэ Анюта Николаевна Иванова «Мин олоҕум, мин иэйиим – Музыка» үбүлүөйдээх кэнсиэрэ муусука, ырыа кэрэ эйгэтэ, өрө көтөҕүллэн, үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста.
Анюта Николаевна Дьокуускайдааҕы муусука училище, Мусоргскай аатынан Ураллааҕы судаарыстыбыннай консерватория выпускницата. Кини 1997 сылтан аркыастыр артыыһынан үлэтин саҕалаабыта. 2008 сылтан Анюта Николаевна аркыастыр иккис дирижерынан айымньылаахтык үлэлии сылдьар. Анюта Николаевна Сунтаартан төрүттээх. Кини “Сунтаар сааскы дьэргэлгэнэ”, “Сунтаар иэйии киэһэтэ” бырайыактар ааптардара. Улуу Кыайыы 70 сылыгар “Герой Краснояров” испэктээги салайан дирижердаабыта. Ырыаһыттар Раиса Захарова, Наталья Трапезникова, Далаана, Виктор Иванов-Сиэйэ Уола, Алевтина Лукинова, муусукааннар Валерий Ноенохов, Владимир Боярскай айар киэһэлэрин уонна сольнай кэнсиэртэрин аркыастырынан доҕуһуоллаппыта. Ону таһынан Анюта Николаевна Ф.И.Авдеева аатынан Оҕо дыбарыаһын норуодунай аркыастырын кытары хас да бырыайыагы бэлэмнээн көрөөччүлэргэ таһаарбыта. Аркыастыр иһинэн “Дьол” бөлөҕү тэрийсэн, эдэр артыыстар репертуардара эбиллэригэр-халыҥыырыгар олук уурар. Анюта Николаевна быйыл тыйаатыр улахан үлэтин Иркутскай хампаһыытара Ян Круль, Санкт-Петербург үҥкүү туруорааччыта Олег Марков туруорбут “Ситим” испэктээгин дирижердаабыта. Ырыаһыт, хомусчут Василена Шарина ийэтинээн Марфа Николаевналыын суруйбут “Аптаах хомус” кинигэтинэн оҕо испэктээгин муусукатын талан, хомуйан биэрбитэ. Саха аркыастырын кытары элбэх гастролларга соҕуруунан-хотунан, илининэн-арҕаанан сырытта. Куорат иһигэр араас хабааннаах репертуардаах муусуканан оскуолаларга, кырдьаҕастар дьиэлэлэригэр, профилакторийдарга, санаторийдарга, тэрилтэлэринэн элбэх кэнсиэри көрдөрөн, дьон-сэргэ махталын уонна билиниитин ылыан-ылла.
Үбүлүөйдээх үөрүүлээх тэрээһини Норуоттар икки ардыларынааҕы, Бүтүн Арассыыйатааҕы күрэхтэр лауреата Василена Шарина-Улан иилээн-саҕалаан ыытта.
2014 сыллаахха аркыастыр иһинэн «Кыл Саха» төрүт дорҕоон бөлөҕө тэриллибитэ. Анюта Николаевна ол кэмтэн бу бөлөххө ситиһиилээхтик айа-тута сылдьар. “Кыл Саха” маастар Руслан Габышев айан-чочуйан-оҥорон таһаарбыт кыл струнаалаах кырыымпаларыгар — кылыһахха саха муусукатын аан дойдуга таһаардылар, баҕалаах дьону, оҕолору мунньан кылга оонньуурга үөрэттилэр, элбэх маастар-кылаастары тэрийдилэр, Өрөспүүбүлүкэ Правительствотын тэрээһиннэрин киэргэттилэр. Үбүлүөйдээх киэһэ “Кыл Саха” бөлөх — СӨ үтүөлээх артыыһа, салайааччы Анна Томкая, СӨ үтүөлээх артыыһа Афанасий Томскай, СӨ култууратын туйгуннара Анюта Иванова, Зоя Васильева, Вера Григорьева, Афанасий Федоров, Максим Бордонскай уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы Устудьуоннар күрэҕин лауреата Дьулустаан Никифоров доҕуһуолунан «Киһиэхэ төрөөбүт дойдута», “Сунтаар миигин ыҥырар» ырыалары ис киирбэхтик толордулар.
Дьоро киэһэ биир чаҕылхай кыттааччыта, СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна, Арктикатааҕы судаарыстыбаннай култуура уонна искусство институтун уһуйааччыта Сахаайта Мойтохонова Марк Жирков муусукатыгар «Кырыымпа буолларбын» диэн ырыанан дьүөгэтин Анютаны эҕэрдэлээтэ.
Ити кэннэ Анюта Николаевна тапталлаах оҕото, баар суох күҥҥэ көрбүт уола Александр номнуо улаатан устудьуон буолбутун билиһиннэрдэ уонна кини эмиэ кылынан үлүһүйэн дьарыктанарын кэпсээтэ. Ийэтин мааны күнүгэр Александр уһуйааччытынаан Дьулустаан Никифоровтыын «Саха матыыптара» айымньыны ситиһиилээхтик толордулар.
Анюта Николаевна идэтийбит муусукан. Кини национальнай муусуканы баһылаабыт артыыс быһыытынан самодеятельнай толорооччулары кытары бииргэ таһаарыылаахтык үлэлэһэр. Үбүлүөйдээх үтүө киэһэҕэ кини үөрэнээччилэрэ “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинин иһинэн үлэлиир «Өбүгэ ситимэ» ансаамбыл солистара: ырыаһыт Марианна Кучутова, кылыһах-кырыымпаҕа доҕуһуол — Валерий Кучутов Христофор Максимов тылыгар уонна мелодиятыгар «Татыйаас барахсан» ырыаны дорҕоонноохтук толордулар.
Ити кэннэ саалаҕа Саха аркыастырын артыыстара тоҕуоруһан киирдилэр. Быйыл аркыастыр төрүттэммитэ 30 сылын бэлиэтээтибит. Үбүлүөйдээх сыл чэрчитинэн аркыастыр Бурятияҕа, Улан-Удэ куоракка улахан кэнсиэрдэри көрдөрөн кэллилэр. Ааспыт театральнай сезоҥҥа аркыастырбыт Красноярск куоракка идэтийбит норуодунай, национальнай аркыастырдар “Стихия звука” бэстибээлгэ үрдүк ситиһиилээхтик кыттыыны ылбыта, дипломунан наҕараадаламмыта. 2017 сыллаахха Үҥкүү тыйаатырыгар Мария уонна Василий Мохначевскайдар ааттарынан Бэрдьигэстээҕи муусука үнүстүрүмүөннэри оҥорор мастырыскыайы холбообуттара. Маастар Тихон Тихонович Дьячковскай араас сылларга чочуйан оҥорбут кырыымпаларыгар уонна кини үөрэнээччитэ Прокопий Семенов айан таһаарбыт кырыымпатыгар Давид Салиман Владимиров «Танец» (Үҥкүү) айымньытын аркыастыр иһинэн «Кырыымпа” бөлөх салайааччы — СӨ култууратын туйгуна Анисия Габышева, култуура туйгуннара Инна Скрыбыкина, Валентина Колесова, Марианна Попова, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ Егор Федотов уонна Мария Семенова толордо.
Анюта Николаевнаны устудьуон кэмиттэн биир хоско олорбут чугас дьүөгэтэ СӨ үтүөлээх артыыһа, «Туймаада» бөлөх солистката Аида Иванова Савва Тарасов тылыгар, Герман Комраков мелодиятыгар «Үчүгэйиэн, сааскы киэһэ» ырыанан эҕэрдэлээтэ.
Анюта Николаевна эдэр, саҥа тахсан эрэр айар куттаах дьоҥҥо куруутун тирэх, өйөбүл буолар. Норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх дипломана Александр Карманов Анюта Николаевнаҕа махтала муҥура суох. Кини Василий Тарабукин тылыгар, Анатолий Семенов мелодиятыгар «Эгди буоламмын» ырыаны холкутук, доллоһутан толордо.
Инна Скрыбыкина домристкалартан биир чаҕылхайдара. Кини Станислав Стразов «Элегия» айымньытын аркыастыры кытары үлүһүйэн туран толордо.
Анюта Николаевна айар үлэтигэр элбэх үтүөнү оҥорбут учууталларын махтанан, куруутун саныы-ахта сылдьар. Үбүлүөйдээх кэрэ киэһэтигэр учууталын, “Домритар ийэлэрин” Людмила Петровна Киселеваны санаатылар, кини тэрийбит “Серебряные струны” бөлөҕү аҕыннылар. Үбүлүөйдээх киэһэҕэ кыра састаабынан Николай Будашкин «Родные просторы» айымньытын Анна Томская, Инна Скрыбыкина, Мария Коротова, Мария Семенова толордулар.
Өссө биир айымньыны Александр Шалов тупсаран оҥоруутугар «При долинушке» аркыастыр эдэр, кэскиллээх артыыстара Мария Семенова, Дьулустаан Никифоров, Мария Коротова, Инна Скрыбыкина, Альберт Брусенин толордулар.
Биир долгутуулаах түгэнинэн Анюта төрөппүттэрин аҕатын Николай Никитиһи уонна ийэтин Альбина Алексеевнаны көрөөччүлэри кытары билиһиннэриитэ, махтала, таптала уонна кинилэргэ анаан аан бастаан сценаҕа ырыаҕа холонуута буолар.
Анюта Николаевна Сунтаар айар куттаах ырыаһыттарын кытары ситимэ күүстээх. Биллиилээх ырыаһыт, СӨ култууратын туйгуна Виктор Иванов-Сиэйэ Уола Степан Васильев мелодиятыгар «Уолчааммар», Валерий Ноев тылларыгар уонна мелодиятыгар «Хатыҥчааным барахсан» толорбут ырыаларын көрөөччүлэр дохсун ытыс тыаһынан махтаннылар.
Анюта Николаевна үбүлүөйүгэр «Килбиэн» бөлөх бастакы сценаҕа толоруута буолла. Салайааччы – Дьулустаан Никифоров, бөлөх муусукааннара — Альберт Брусенин, Алексей Саввинов.
Аркыастырга хас да араас хабааннаах бөлөхтөр таһаарыылаахтык үлэлииллэр. Олортон биирдэстэрэ Анюта Николаевна көҕүлээһининэн «Дьол» бөлөх. 5 сыл устата «Дьол» элбэх кэнсиэрдэри тэрийэн көрдөрдө. Бөлөх муусукааннара – Инна Скрыбыкина, Мария Коротова, Дьулустаан Никифоров, Алексей Саввинов, Альберт Брусенин. Солистар – Василена Шарина уонна Александр Карманов. “Дьол” бөлөх «Уһуктуу» композицияны үбүлээргэ уонна көрөөччүлэргэ анаата.
Анюта Николаевна «Мин олоҕум, мин иэйиим — МУЗЫКА» үбүлүөйдээх дьоро киэһэтэ оһуокайынан түмүктэннэ. Анюта Николаевна аркыастыр доҕуһуолунан Сахаайта Мойтохоновалыын оһуокай таһаардылар. Көрөөччүлэр бука бары хап сабар оһуокайдаан бардылар.
Анюта Николаевнаны бастакы домраҕа уһуйбут бастакы учуутала Саргылана Васильевна Гоголева үөрэнээччитигэр хоһоон айан, Сунтаар Администрацията, Үҥкүү тыйаатырын уус уран салайааччыта Светлана Бессонова, Саха сирин театральнай диэйэтэллэрин Сойууһун аатыттан Юрий Зубков, Ф.И.Авдеева аатынан Дьокуускайдааҕы Оҕо дыраһыабын дириэктэрэ Татьяна Иванова, Оҕо ускуустубатын оскуолатын уһуйааччылара, М.Н.Жирков аатынан муусука кэллиэһин уһуйааччыта Анастасия Каженкина, доҕотторо-атастара, аймах билэ дьоно бары чиэстээтилэр, эҕэрдэлээтилэр, уруйдаатылар-айхаллаатылар, баҕа санаа, алгыс маанытын анаатылар.