Дойдум дьикти кэрэ көстүүтэ. Иван Ушницкай үөрүүлээх сонуна

«Дьон үөрбүтүн, санаата көтөҕүллүбүтүн көрөртөн ордук үчүгэй суох» — Иван Петрович Ушницкай

Быйыл Уус-Алдан Бэрт Ууһун нэһилиэгин Ыһыаҕа уруккулартан уратытык ааспыта бэлиэтэнэр. Бу үөрүүлээх күҥҥэ, “Эдэр саас” хаһыаты төрүттээбит, бастакы редактора, Уус-Алдан үтүөлээх олохтооҕо, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Петрович Ушницкай ыалдьыттыы бара сылдьан, маннык дьиктилэри илэ көрбүтүн  кэпсээтэ.

Ыһыахха сылдьан дьон–сэргэ алгыс ылынар, айылҕалыын алтыһан, сири-дойдуну кытта биир тыын буолан, күүс киллэрэр. Иван Ушницкай: “Мин  Сыырдаах дьоно өрө көтөҕүллэн сылдьалларын көрөммүн, астынан кэллим” диэн бэлиэтиир. От ыйын 18 күнүгэр, Сыырдаах бөһүөлэгэр Уус-Алдан самаан сайын кэлбитинэн үрүҥ-тунах Ыһыах  тэриллибитэ.

Бэрт Ууһун нэһилиэгин туһунан чуолаан эттэххэ, бу уйгулаах сиртэн  саха дьахтарыттан бастакы үлэ геройа Елизавета Бурцева уонна саха дьахтарыттан бастакы орденнаах Ирина Олесова аатырбыттара. Бу ыһыахха аан бастаан анал кэмииссийэ уордьаннаах киэн туттар биир дойдулаахтарын ааттарынан “Бастыҥ фермер”, “Бастыҥ ыанньыксыт”, “Бастыҥ механизатор”, “Бастыҥ активист”, “Бастыҥ урбаанньыт”, “Бастыҥ спонсор”  уо.д.а. 12 киһиэхэ анал номинациялары туттарарга быһаарбыттар. Ол чиэскэ тиксибиттэри куораттан кытта ыҥырбыттар. Кинилэри түһүлгэҕэ таһааран  нэһилиэк баһылыга Юрий Николаевич Колодезников  аалай лиэнтэлэри ииллэ уонна стипендия сертификаттарын туттарда. 

Быйыл саҥа икки этээстээх таас оскуола тутуллан, балаҕан ыйын 1  күнүгэр, саха үөрэх сылын аһаары турар. “Бу оскуола мин бэркэ диэн билэр, ытыктыыр киһим, педагогическэй наука докторын – Иосиф Семенович Портнягин аатын сүгэр.

Бөһүөлэккэ уу ситимин тардааччылар уонна итиннэ, ол тулатыгар суол оҥорооччулар оннооҕор ыһыах күн бэйэлэрин да, тиэхиникэлэрин да сынньаппатылар. Дьон-сэргэ санаата көтөҕүллүбүтэ сүрдээх.

Оскуола тутуутугар көмөлөспүт дьоҥҥо махтал сурук уонна нэһилиэк сайдыытыгар бэйэтин күүһүн-көмөтүн уурбутун иһин диэн нэһилиэк бочуоттаах ааттарын куораттан ыҥырыллыбыт ыалдьытарга  туттардылар.

“Сыырдаахха сырыым куруук кэрэ кэскиллээх буолар. Бастаан тохсуска үөрэнэ сылдьан оройуон дуобакка чемпионатыгар лаппа лидердээбитим. Черкашиттарга доҕорбунаан Толя Алексеевтыын  түһэрбиттэрэ. Оҕолору олус мааллаан хоноһо оҥостубуттара.   (Биһиги — удьуор дуобаччыттарбыт. Убайым Петр гроссмейстер). Оптуобуспут эрдэ барарынан икки тууру миэхэ быһа оонньоппуттара. Миигин кытта дуоскаҕа утары олорооччуларга сүбэһит биллиилээх дуобаччыттар Бороҕонтон, ыаллыы бөһүөлэктэртэн кытта кэлбиттэр эбит. Ол үрдүнэн, ситэр кыахтара суох оҥорбут курдук сананан дьиэлээбитим. Бороҕоттор бэйэлэрин уолларын бастаппыт этилэр.   Миэхэ иккис миэстэ буоллуҥ диэн грамота кэлбитэ.  

Иккис сырыым оскуоланы саҥа бүтэрээт, хаһыакка үлэҕэ киирэн, тустуук, маастар, тренер Николай Константиновка хоно сытан суруйбутум, аахпытым, киинэҕэ тустуулары устууларын көрбүтүм.

Үһүс сырыым. “Эдэр сааска” редактордыы сылдьан дьоруойбут, ырыаһыт Николай Андросов уруутугар аптуобус толору үлэһиттэрбин, общественнай кэрэспэндиэннэрбин, ырыаһыттары илдьэ тахсан сылдьыбыппыт.

Төрдүс сырыым. Бастакы президент Михаил Николаевка Федерация Сэбиэтин председателин солбуйааччы  эрдэҕинэ, киниэхэ көмөлөһөөччүнэн үлэлиир этим. РФ регионнарыгар кытта, илдьэ-ыыта сылдьыбыта. Саха сирин усталыы-туоралыы кэрийбиппит. Уус Алдаҥҥа хаһыс да сырыыбытыттан бииригэр анаан Сыырдаахха тиийиэх диэбитэ. Гаврил Черкашин Канадаттан кэлэн, оонно көрбүт хотонун курдугу тута сылдьара. Михаил Ефимович сүбэлэринэн уларытан туппуттарын, ыалдьыбытын да кэннэ оҕолоро, аймахтара үлэлэтэн тигинэтэ тураллар эбит.   

Бэһис сырыым. Бороҕоҥҥо сайыҥҥы спортивнай оонньуулар ыытыллалларынан  Сыырдаахха икки сыллааҕыта  Майаҕатта Бэрт Хара уонна ол күннэргэ саҥа бойобуой уордьаны ылбытынан Иван Черкашин дьоннорун-сэргэлэрин сиһилии билсиэхпин баҕарбытым. Ону доҕорум Петр Черкашин истээт, төрөөбүт дойдутугар  тута таһаарбыта. Черкашиттар уон бииргэ төрөөбүттэр бука бары спортсменнар. Сэттэ уол тустууга бары разрядтаахтар. Семен, Николай ССРС спордун маастардара, биэс уол ССРС спордун  маастарыгар кандидаттар, ону таһынан республика спордун маастардара. Улахан кыыс биэлсэр Дуунньа уола Мичил Черкашин 16 сааһыгар РФ эдэрдэргэ буулдьанан ытыыга чемпионатыгар Сыырдаахтан тиийэн, тэҥнээҕин булбакка,  маастар нуорматын толорон соһуппута. Икки сыллааҕыта Черкашиттар Майаҕатта төрөөбүт алааһыгар сылгыһыт үүтээнигэр хоннорон тураллар. Хаһаайын аҕата Нукулай сүрдээх английскай юмордаах буолан биэрбитэ. Бары да көрдөөҕү сатаан кэпсиир, дьээбэлэһэри сатыыр  буоламмыт, быарбыт быста сыспыта.  Илимнээччибит Егор Васильевич Ширяев сатабылын, байанайдааҕын сөхпүтүм. Онтон сиһилии билсээри наар төлөпүөннүүбүн. Үксүгэр ылбат. Киэһээ олох хойуут бэйэтэ эрийээччи. 42 сыл бэтэринээр, осеменатор быһыытынан түүн –күнүс, өрөбүллэри сотору-сотору ыҥырыыга сылдьан хойуут кэлбит буолар. Дьонтон истэбин. Олус үлэһит,  күүстээх специалист. Аптаах эмчит. Ону таһынан улахан хаһаайыстыбалаах, көхтөөх общественник. Хомусчут бэрдэ. Аан дойду  варганистарын онлайынан  күрэхтэһиилэригэр иккис буолбут. Француз эрэ араас доҕуһуолу туттан кыайбыт. Ол гынан туга да оччо сыаналамакка сылдьарын истэн соһуйбутум. Эттэхтэринэ, сэмэйэ бэрт буолан, “Ээ” диэн кэбиһэр эбит. Ытаабат оҕону ким эмсэхтиэй. Доҕоругар Петр Черкашиҥҥа докумуону ирдэһэн толоттор,  туһааннаах сиргэ онно сөптөөҕүн быһаарыам диэбитим”, — кэпсиир Иван Петрович.

Ыһыах кэмигэр Ширяев Егор Васильевич өр сылларга кыһамньылаахтык үлэлээбитин иһин, «Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа хаһаайыстыбатын туйгуна» диэн үрдүк ааты уонна ону туоһулуур бэлиэ удостоверениетын туттарар чиэскэ тигистим”, – диир САССР Үрдүкү Сэбиэтин 12 –с ыҥырыытын норуодунай дьокутаата, “Эдэр саас “ бастакы редактора Иван Петрович. Этэҥҥэ сырыт доҕорбут! Бэтэрэнээр, осеменатор үчүгэй буоллаҕына, сүөһүгүт — сылгыгыт, ыккыт-кууруссаҕыт чэгиэн буоллаҕына, ыарыйдаҕына-оһоллонноҕуна да эмтэниллэн буортута суох аһы дэлэтиэ. Харчыга туруо.  Куоскаҕыт оҕолоргутун үөрдүө.

Ыһыах программатыгар лотерея оонньоммута, сүрүн бирииһэ – тиҥэһэ, кулунчук уонна ньиирэй. “Дьоруойум (герой) Егор Васильевич бааттаах киһи буолан, бэтиринээрдэр улуустааҕы тэрилтэлэрин салайааччыта киниттэн 3 билиэти талан атыылаһарыгар көрдөспүтүн иһин бэйэтэ кондиционер сүүйбүтүн онно ыытта. Аны бииргэ сылдьыбыт дьоммуттан Анастасия Петр Черкашиннар эмиэ бааттаах буоланнар – “Марал” фирматтан тирии кур уонна саппыйа сүүйбүттэрэ”, — диэн Иван Петрович үөрбүтүн биллэрэр.

Дьикти түгэн итинэн эрэ бүппэтэҕэ, — диэн Ушницкай салҕыыр, — ыһыах сарсыҥҥы күнүгэр Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна Егор Ширяев эрийдэ уонна: “Бэҕэһээ хороҕор муостааххыт элбээтин “диэбит алгыһыҥ туолла. “Сыспай сиэллээххит сыһыы аайы сырыырҕаатын” диэбитиҥ да туоллаҕа буолуо”. Киһим үрдүк ааттанан баран бастакы ыҥырыллыытыгар ынах икки икки ньиирэйи төрөппүт. Олоххо игирэ ньиирэй төрөөбүтүн туһунан сорох дьон олох истибэтэхтэрэ да буолуо. Игирэлэр ийэлэрин кытта биир хааннаах икки ынах иккилии ньиирэйи төрөппүтттэр эбит. Онон аймахтыы ынахтартан үс игирэ ньиирэйдэммиттэр. Аны кууруссалар сымыыттаатылар.

Бу ыал аҕа баһылыгын Иван Черноградскай механизатор, рационализатор хотонун үрдүгэр сыттык курдук улахан квадратнай сырдык лаампалары туруорбута көмөлөспүтэ дуу? Аны кини аҕата Илья Черноградскай үйэтин тухары бэтэрэнээрдээбит. Егор Ширяевка наставниктаан элбэх сүбэни, билиини биэрбит. Эгэтин иһит. Уйбаан ийэтэ мин курдук Дүпсүнтэн төрүттээх. РФ дьоруойун Михаил Стрекаловскай кыыһа Варвара Дмитриевна – дьоруой ийэ! Онон бэйэлэрэ эмиэ төрүөхтээх холумтаннаахтар.   

Егор Васильевич байанайдааҕыттан аҥардас сүүрэр-хаамар атахтаах эрэ буолбакка, көтөр кынаттаах эмиэ тиксэр, үөрэр-көтөр, махтанар. “Билигин сииргэ, ыһыах сандалытыгар төһө собоҕо наадыйаҕыт?” диэтэ. Илими далын анныгар Эбэтигэр тардыбыт. Анал тимир сиэккэҕэ соболору хаайан аһатар эбит. Ону хаһан көрө киирэрин кэтэһэн тэлгэһэтигэр чугаһыырын кытта  элиэлэр, тураахтар, хоптолор кэтэһэ көтөн кинини элиэтии эргийэллэр. Ол диэки хаампытыгар куоска иннибитигэр түһэн сүүрдэ. Чуо илими көрөн тахсар тыыта турар сиригэр тиийдэ. Ыта эргийэ сүүрэ сылдьар. Көтөрдөр халлааҥҥа айманан элбээн бардылар.  Сөп буолары ылан тахсан иһэн көтөрүгэр-сүүрэригэр бэрсэн истэ. Икки сибиинньэлээх эбит. Онтон маҥана “хур-хур” муннун быктарда. Ити эрэйэр эбит. Харата  балыгы сиэбэт үһү. Сибиинньэ барыны ньуллурҕатар диирим, итинник эмиэ баар эбит.   

Ити быыһыгар үстэ сөтүөлээтим, түптэлэннибит, ампаарга утуйа сырыттым, тыа сиригэр ааспыт оҕо сааспын санаатым.

Сибэккилээх сыһыынан хаамтым, күөрэгэй ырыатын, кэҕэ этэрин иһиттим. От – мас, уу-буор, чэбдик салгын  дыргыл сыттарынан дуоһуйа тыынным. Алаас ахтылҕанын таһаардым. Дьэ дуоһуйбутун биллэрэр Иван Петрович. “Үрүҥ-тунах ыһыах бырааһынньыгынан күнүнэн! Уонна маннык курдук саҥа геройдар, саҥа мэтээли ылар кыһамньылаах дьон, үлэҕэ –билиигэ, спорка, туохха барытыгар Сыырдаах үрдүк сыырдарын дабайардыы дьулуһууттан ситиһиилэрэ эбиллэ турдуннар!”- Алгыс баһа сыаланарыгар баҕара түмүктүүр Сыырдаахха алтыс сырыытын туһунан  Иван Петрович.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх