Дойду дьиэ кэргэнтэн саҕаланар 

Дьиҥнээх сайдыы –  бу хас биирдии саха ыалын олоҕо чөл, баай-байылыат буолуута, уйгуну-быйаҥы уһансыы, салайсыы буолар. Барыбытын сомоҕолуур биир сырдык санаанан, эркээйилээх соругунан ыал тутулун бөҕөргөтүү, итиниэхэ олоҕуран төрөөбүт дойдуга бэриниилээх эдэр көлүөнэни иитэн-такайан таһаарыы буолар.

Арассыыйаҕа “Дьиэ кэргэн”, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр “Оҕо саас”, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар “Тыа хаһаайыстыбатын” сылларыгар аналлаах улуустааҕы үрүҥ тунах ыһыах биир кэрэ түһүмэҕинэн «Саха сайдам ыала» күрэх буолла.

Улууска олорор, бэйэ-бэйэлэригэр майгыннаспат, тус-туспа суоллаах-иистээх 5 дьоһун-мааны ыал күрэстэһэ кэлбиттэр.

Күрэҕи Альбина Григорьева, улуус дьаьалтатын баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы, тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ, иилээн-саҕалаан, тэрийэн ыытта. Күрэх кыттааччыларын эҕэрдэ тылларынан кэрүстүлэр уонна баҕа санааларын туһаайдылар Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Кирилл Бычков уонна улуус Аҕа баһылыга Дмитрий Тихонов.

Ураһалаах алаас киэҥ туонатыгар буолбут «Саха сайдам ыала-2024» дьиэ кэргэн олоҕун таһымын үрдэтэр, дьиэ кэргэн сыаннастарын   үйэтитэр сыаллаах күрэх кыттыылаахтара кимнээхтэрий:

Нөөрүктээйи нэһилиэгиттэн Евдокия,  Владимир Черкашиннар;

Аллараа Бэстээх бөһүөлэгиттэн Кристина, Константин Герасимовтар;

Хара нэһилиэгиттэн Анна, Иван Петровтар;

1 Баатара нэһилиэгиттэн Саргылана, Николай Андреевтар;

Майа нэһилиэгиттэн Валентина, Рустам Кривошапкиннар.

Күрэх биэс түһүмэхтэн турда:

I түһүмэх – «Дьиэ кэргэни билиһиннэрии, сырдатыы”- бэйэ туһунан кэпсээн;

II түһүмэх — “Ынах ыаһын”( аҕа ынаҕын бэлэмниир, ийэ ынаҕы ыыр);

III уонна IV түһүмэх – “Күн төгүрүк алаадьы” ‒ ыабыт үүттэринэн алаадьы астааһын уонна   “Сандалы” – ыһыах мааны остуолун көөрүүтүн күрэҕэ. Остуол саха омук анал иһиттэринэн сервировкаламмыта эмиэ учуоттанна.

V түһүмэх — “Талааннары, дьоҕурдары арыйыы” – дьиэ кэргэн  талаана, дьарыга. Манна дьиэ кэргэн оҕолуун-уруулуун кыттан үөртэ-көтүттэ. Бу буолар оҕо-аймахха дьиэ-кэргэн, алаһа дьиэ суолтатын дириҥник өйдөтүү, төрөөбүт түөлбэҕэ тапталы иҥэрии.

Хас биирдии ыалга дьиэ кэргэн бигэ үгэстэрэ күннээҕи дьулууртан, үлэттэн, тулуурдаах уонна эппиэтинэстээх буолууттан үөскээн тахсар. Курэх сүрдээх интириэһинэй буолан көрөөччү болҕомтотун тарта, „Сандалы“ остуол минньигэс аһынан күндүлээтэ. Икки чаастаах тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн Дьүүллүүр сүбэ „Саха сатабыллаах ыала“ анал аат туоһу суругун уонна анал бэлэҕин, 10 бройлер чоппуускалары, 1 Баатара нэһилиэгиттэн  Андреевтар дьиэ кэргэннэ бэлэх уунна.  Бирииһи „Саха сайдам ыала-2023“ улуустааҕы конкурс кыайылаахтара Майя уонна Дмитрий Билюкиннар туттардылар.

„Саха мааны ыала“ анал аат туоһу суругун уонна анал бэлэҕин, атыыр, тыһы подсадной кустары, Нөөрүктээйиттэн сылдьар Черкашиннар дьиэ кэргэҥҥэ туттарда Мэҥэ Хаҥалас улууһун бэтэринээринэй-чинчийэр лабораториялаах бэтэринэриийэҕэ управлениятын салайааччыта Саргылана Тополина.

 III, II үрдэллээх «Добун суругу” уонна сыаналаах бэлэхтэри, ньирэйдэри,  Аллараа Бэстээх ыала Герасимовтар (II), Хара нэһилиэгиттэн Петровтар (III) дьиэ кэргэннэригэр  “Алмаасэргиэнбаан” “аахсыйалаах кэммиэрчискэй баан  Аллараа Бэстээхтээҕи эбии салаатын салайааччыта, күрэх сүрүн спонсора, Марфа Моисеева туттарда.

 Мэҥэ-Хаҥалас улууһун„Саха сайдам ыала-2024“күрэх кыайылаахтарын, Майа нэһилиэгиттэн Валентина, Рустам Кривошапкиннары,  эҕэрдэлээтэ, сыаналаах бэлэҕи, тыһаҕаһы, туттарда Дьүүллүүр сүбэ  бэрэссэдээтэлэ Октябрина Кулешова,  Мэҥэ Хаҥалас улууһун социальнай политикаҕа салалтатын начальнига.

Кырдьык даганы, Мэнэ Ханалас олус талааннаах ыаллардаах эбит. Алаһа дьиэни араҥаччылыыр, аал уоту тыынныыр саха кэрэ ыаллара общество тулхадыйбат төрдө, омук быһыытынан сайдыытын туоһута буоларын төрүт  умнумуохха тустаах. Улуус 5 мааны ыаллара ити курдук эмиэ улуус историятыгар киириэхтэрин киирдэхтэрэ.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх