Дьоһун ыалдьыт
Биhиэхэ Кэнкэмэҕэ–Айыы Тайбыкка, араас дьон кэпсэтэ-ипсэтэ кэлэн-барар.
Аҕыйах хонуктаахха, биhиги ыҥырыыбытынан, уруккуттан билэр киһибит, Саха сиригэр биир биллэр бэтэрээн Слепцов Будимир Дмитриевич ыалдьыттаата. Кэпсэтиибит олох-дьаhах тула уонна уhун үйэлэнии төрдүн көрдөөhүн туһунан буолла.
Будимир Дмитриевич 87 сааhыгар хап-хара-баттахтаах, тииhэ барыта-баар, уоттаах-харахтаах, өйө-төйө-диэн, олох-эдэр-киhилии.
Кини уhун-үйэлэниитин төрдө-саха-ынаҕын-үүтүн иhэн-аhаан, собо-сиэн-улааппытыгар-сытар диэн этэр.
Кини оҕолоро уонна да атын чугас дьоно боруода ынах үүтүнэн аhаабыттар-сиэбиттэр. Ол дьайыыта буолуо, сорохторун кэлиҥҥи ыарахан ыарыылар уонна оhоллор тумнубатахтар.
Онон кэпсэтиибит түмүгэр биир санааҕа кэллибит– уhун үйэлэнии, чэгиэн-чэбдик сылдьыы төрдө төрүт аска сытар.
Төрүт ас туhунан и.н.д. Екатерина Назаровна Романова 2005 с. хомуйан таhааттарбыт Андрей Андреевич Саввин (1896-1951) «Сири тастааhын иннинээҕи сахалар астара» диэн кинигэтигэр сиhилии суруллубут, саха төрүт аhын тэнитээччи-асчыт Иннокентий Иннокентьевич Тарбахов кинигэлэригэр ааҕыахха сөп.
Саха астарын «Тыгын Дархан», «Муус хайа» уо.д.а. Дьокуускайга баар рестораннарга амсайыахха эмиэ сөп. Ол эрэн, саха ынаҕын ииттэн, бэйэ астаммыта ордук барыыстаах.
Билигин аан дойду науката кыhыл оҕо иhэр үүтэ ынах эрэ үүтүттэн оҥоhулларын, коза үүтүгэр 20 сүрүн аминокислоталартан үһэ суоҕун, биэ үүтүн кымыhа сэллиги эрэ эмтиирин билинэр.
Саха ынаҕа аан дойдуга билигин баар ынахтартан саамай үрдүк хаачыстыбалаах астаах буоларын Финляндия учуонайа Юка Кантанен салайааччылаах генетиктэр чинчийиилэрин түмүктэрэ «Кыым» хаhыат 14-15№ 2016 с. тахсыбыта.
Мин, кэргэним Анатолий Игнатьевичтыын Америка Колумбийскай университетын кытта саха ынаҕын үүтүн уоhаҕа туспатын туhанан рак эмин оҥорору ылыннаран үлэлээн истэхпитинэ, «ковид», онтон «санкциялар» буолан, тохтоон сылдьабыт.
Абый ыалдьыта сылдьыбыт сарсыныгар 3 ыҥырыллыбатах ыалдьыттар тиийэн кэллилэр (Мэхээлэлээх диэххэ). Таҥаралар Мэхээлэни Орто дойдуга саҥаран-иҥэрэн кэлээр диэбит киhилэрэ быhыылаах. Саҥа билистибит. Мэхээлэ, чугас дьоно «ковидынан» ыалдьыбыттарыгар, хойутаан да буоллар, ыанар саха ынаҕын ылан ииттибит уонна кэлин ыалдьыбыттары өлөртөн быыhаабытын кэпсээтэ.
Онон, Нам Таастааҕын олохтоохторо саха ынаҕын үүтүн иhэн-аhаан, чөл-төргүл сылдьалларын туhунан «Кыымҥа» суруйбуппут туhалаах эбит.
Биhиги чинчийиилэрбит саҥа, 2022 с. Москваҕа «Лаборатория знаний» издательствоҕа тахсыбыт Дэвид Нельсон уонна Майкл Кокс 3 томнаах «Основы биохимии Ленинджера» уонна 2023 с. Москваҕа «Бомбора» издательствоҕа тахсыбыт Михаэль Хаух «Иммунитет. Всё о нашем супер органе, работа которого не видна» диэн тас дойдуларга аатырбыт үөрэх кинигэлэрин ирдэбиллэригэр сөп түбэhэллэр.
Иммуногенетик, т.х.н.к. Диана Васильевна Чомчоева
От ыйын 16 к., 2023 с.