Дьиҥ кырдьыгы суруйуу – история ирдэбилэ
Бэс ыйын 22 күнүгэр 1941 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыта 80 сылыгар анаан, «Өйдөбүл уонна кутурҕан күнүн» умнуллубат бэлиэ түгэнигэр туһаайан, Дьокуускай куораттааҕы Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна култууратын судаарыстыбаннай холбоһуктаах Түмэлэ учуонайдары, чинчийээччилэри уонна кыраайы үөрэтээччилэри кытта сандалы тула кэпсэтиини тэрийэн ыытта.
Сүрүн киирии ырытыыны Россия наукаларын Академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийээччилэргэ уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар проблемаларын үөрэтэр институт историяҕа уонна Арктическэй чинчийиилэрэ отделын сэбиэдиссэйэ, история билимин доктора Сардана БОЯКОВА оҥордо. Сардана Ильинична: «Биһиги Улуу Кыайыы бырааһынньыгын дойдуга 1965 сылтан бэлиэтиибит. Аҕа дойду Улуу сэриитин историятын бастакы сыллартан саҕалаан суруйбут историк Дмитрий Дмитриевич ПЕТРОВ буолар. 1958 сыллаахха «Саха сирин үлэһит дьоно Аҕа дойду сэриитин кэмигэр тыылга уустук олохторун туьунан» диссертациятын көмүскүүр, историческай наука кандидата буолар. Салгыы 1965 – 1992 сылларга сахалар Аҕа дойду сэриитин фроннарыгар кыргыһыыга кыттыыларын туhунан, саллааттар фронтан суруктарын хомуйан кинигэлэри бэчээттэппитэ. Саха сирэ фроҥҥа ахсаабат көмөтүн-өйөбүлүн туhунан монографияларын бэчээттээбитэ, биир дойдулаахтарын ааттарын үйэтиппитэ. Итини тэҥэ дойду киин куораттарыгар бэчээттэнэр научнай сурунаалларга сэриигэ кыттыбыт Саха сирин хорсун буойуннарын, тыыл фроҥҥа көмөтүн туhунан элбэх суруйуулары дьон билиитигэр таhаарбыта.
Салгыы Сардана Ильинична политика билимин доктора Юрий ПЕТРОВ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыыны ситиспит Саха сирин буойуннарын туһунан ырытан, элбэх үлэни суруйбутун, биир үксүн сэрии туһунан дьиҥ кырдьыгы эрэ суруйарга ыҥырарын бэлиэтиир. Юрий Дмитриевич кэлиҥҥи сылларга Россия аныгы историографиятыгар сытыы идеологическай ырытыылары суруйбутун ахтан ааһар. Историяны ханарытан, сымыйанан суруллар дьон (фальсификатордар) фашизмы үлтүрүтүүгэ Сэбиэскэй Сойуус оруолун намтатар курдук өйдөбүлү арҕаа судаарыстыбаларга үөскэтэллэр, итиэннэ Кыһыл Аармыйа норуоту фашистартан босхолуур соругун хараарда сатааччылар да баалларын сөпкө бэлиэтээбиттээх, диэн ситэрэн биэрэр. Онтон салгыы 1990 сылларга история билимин кандидата Саргылана НИКИТИНА сэрии кэмигэр аччыктааһын туһунан докумуоннарга олоҕуран суруйбута уонна биир бастакынан тыылга нэһилиэнньэ сүтүгүн туһунан дааннайдары дьон билиитигэр таһаарбыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр общественнай түмсүүлэр, холбоһуктар, коммерческэй сыала суох тэрилтэлэри түмэр Общественнай палата Николай БУГАЕВ иһитиннэрэр–көрдөрөр, бэчээт тэрилтэлэрин кытта бииргэ үлэлииргэ, итиннэ кинилэр дьиннээх кырдьык туһугар үлэни ыыталларын ирдиэхтээхпитин, дьон билиитигэр тахсар суруйууларынан идэлээх үлэһиттэр дьарыктаныахтаахтарын ыйар. «Үксүгэр олоххо историяттан тэйиччи өйдөбүллээх дьон сыыһа чахчылары туһаналлар, онтон саҕаланар сыыһа сыанабыл. Ол иһин, мин санаабар, бу курдук сүбэлэһии – дьиҥ история чахчытын туруулаһыыта биир бастакы хардыыбыт буолар. Салгыы бу дискуссия тэнийэн бардаҕына, дьон история чахчыларын табык суруйарга, дьоҥҥо кырдьыгы эрэ тиэрдэргэ дьулуһуоҕа» диэн Николай Дмитриевич баҕа санаатын тириэртэ.
Төгүрүк остуолга демография уонна фальсификация туһунан кэпсэтиини история билимин доктора, ХИФУ профессора Саассылана СИВЦЕВА бэр ис хоһоонноохтук таблицаҕа көрдөрөн, быһаарда. Саассылана Иннокентьевна Саха сирин сэрии саҕанааҕы кэм демографиятын, ол иһигэр нэһилиэнньэ ахсаана туох-ханнык биричиинэттэн улаханнык эмсэҕэлээбитин, дьон олоҕо айгыраабытын туһунан дойду Киин архыыптарыгар наука таһымыгар сиһилии чинчийбит историк быһыытынан билиһиннэрдэ. Бу саҥа үйэҕэ дылы Аҕа дойду Улуу сэриитигэр өлбүт уонна сураҕа суохсүппүт дьон ахсаанын туһунан араас оруна суох иһитиннэрии, сымыйа сыыппара тарҕанарыттан хомойорун кэпсээтэ. Сэрии бүппүтэ быдан ыраатан истэҕин аайы, история дьиҥ чахчытын кырдьыктаахтык ырытарга – эппиэтинэс хас эмэ төгүл үрдүүрүн санатар.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай архыыбын кылаабынай үлэһитэ Андрей КАЗАЕВ Аҕа дойду Улуу сэриитин историятыгар саха хорсун буойуннарын бойобуой суолларын үйэтитэн, Оборона Министерствотын Киин архыыбын матырыйаалларыгар олоҕуран 60-с сыллартан саҕалаан элбэх кинигэлэри бэчээккэ таһаарбыт кылаабынай археограбын, Российскай Федерация культууратын уонна Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин Александр Александрович КАЛАШНИКОВЫ ааттаата, бэрт ыарахан үлэнэн өр сылларга хасыһан дьарыктаммытын астына бэлиэтээтэ.
Сандалы тула кэпсэтиигэ кыраайы үөрэтээччилэргэ, түмэл уонна библиотека үлэһиттэригэр туһаайан Саха түмэлин үлэһитэ Валерий КОРНИЛОВ, краевед Руслан ВАСИЛЬЕВ санааларын эттилэр. Үгүс алҕас, бутуурдаах суруйуулар, иһитиннэриилэр социальнай ситимҥэ баалларын ыйдылар. Ол иһигэр кинилэр кырдьыктаах историяны суруйууга – туһаныллыбыт источниктары, кинигэлэр автордарын ааттарын суруйар, илиистэрин ыйар олус наадалааҕын санаттылар, оччоҕо эрэ дьиҥ кырдьыгы суруйуу ситиһиллиэн сөп, диэн бэлиэтээтилэр. Бу кэпсэтэр тиэмэбит актуальнаһа диэн – фальсификация Аҕа дойду Улуу сэриитин эрэ кэмнээҕи буолбакка, Саха сиригэр гражданскай сэрии буолбута 100 сыла бэлиэтэниэхтээх. Итиннэ эмиэ элбэх мөккүөр түгэннэр баалларын санаттылар.
+7 (999) 174-67-82