Вчера, 4 февраля депутаты Верхневилюйского улусного совета все как один сложили свои полномочия. Таким образом, представительный орган верхневилюйского улуса фактически самораспустился. Нынешний созыв депутатов был избран в сентябре 2018 года, то есть до конца срока — сентября 2023-го оставалось еще полтора года.
Вот имена депутатов четвертого созыва, сложивших свои мандаты:
МИХАЙЛОВА Александра Валерьевна;
ЕГОРОВ Родион Герасимович;
ТЕРЕХОВ Афанасий Васильевич;
ИЛЬИН Василий Егорович;
БОРБУЕВ Спиридон Олегович;
ЕТТЯНОВ Дьулустан Николаевич;
СЕМЕНОВ Владислав Николаевич;
ВАСИЛЬЕВА Варвара Васильевна;
ИЛЬИН Григорий Николаевич;
МУХОПЛЕВ Мичил Герасимович;
ЧЕНОХОВ Василий Васильевич;
КАРДАШЕВСКИЙ Петр Петрович;
РУФОВ Васмар Анастасиевич;
НИКОЛАЕВ Николай Николаевич;
ХОБУСАРОВ Иннокентий Романович;
ИВАНОВ Данил Илларионович;
АРХИПОВ Никита Деевич;
АН Иван Иванович;
ЕГОРОВ Тихон Александрович.
Напомним, что ранее при обсуждении законопроекта КЛИШАСА – КРАШЕННИКОВА глава Верхневилюйского улуса Владимир ПОСКАЧИН выступал против законодательной инициативы, предлагая сохранить выборность глав.
Известный политик, а иногда и оппозиционер Иван ШАМАЕВ объяснил в соцсети инициативу своих земляков. По мнению Ивана Ивановича, улусным и районным депутатам в Якутии стоит пойти по следам верхневилюйцев. И тогда республика получит передышку лет на пять, пока закон апробируют в других регионах.
Иван Шамаев: ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮЛЭР ҮЧҮГЭЙ ХАРДЫЫ ОҤОРДУЛАР
Бэҕэһээ Үөһээ Бүлүү улуууһун мунньаҕын депутаттара бары биир киһи курдук боломуочуйаларын устуннулар.Мин ити хардыыны үөскээбит политическай быһыыга-майгыга сөптөөх харда диибин. Юридическай өттүнэн ити быһаарыныы туох сыыһалаах буолуон-буолумуон билбэппин эрээри, бука, боппуруоһу бары өттүнэн хайынан көрдүлэр ини диэн эрэнэбин.
Билигин биллэринэн атын улуустар ити боппуруоска туох да улахан хамсаныыны оҥоро иликтэр. Сорохтор өссө, киһи сөҕүөх, КлиКра сокуонун биһирээбит сурахтара иһиллэр.Үөһээ Бүлүүлэр бу сокуон бырайыага улахан кутталлааҕын таба көрбүттэрэ, ол туһунан ким хайа иннинэ мунньахтаан Саха сирин олохтоохторун уһугуннара сатаабыттара хайҕаллаах суол. Кинилэр идеялара боростуой: биэс сылга тыын ылыахха, кэтээн көрүөххэ, баҕар онуоха диэри өсүөл охтуо, эбэтэр падишах атаҕын тэҥниэ.
Атын улуустар эмиэ толкуйданыахтарын наада. Олорон биэрэр олох сатаммат. Оттон Ил Түмэн депутаттарыгар уонна республика ситэриилээх былааһын чөмчөкөлөрүгэр этиэм этэ: нэһилиэктэр иккилии-үстүү буолан муниципальнай уокурук буола сатыыр туруорсууларын бохсо сатаамаҥ.Ол оннугар улууска судаарыстыбаннай былаас «территориальнай администрациятын» хайдах тэрийэр толкуйун тобула сатааҥ. Судаарыстыбаннай былаас оннук уоргана улууска баар буолла да улуус иһинэн үөскээбит муниципальнай уокуруктары (мунуокурук) кытта ыкса үлэлээн бардаҕа ол дии.Кылаабынайа, улуус территориальнай-административнай единица быһыытынан сүппэт.
РЕСПУБЛИКА БҮГҮҤҤҮ СИТЭРИИЛЭЭХ УОННА БЭРЭСТЭБИИТЭЛЛЭЭХ БЫЛААҺА МАННЫК АЛҔАҺЫ ОҤОРУОН СӨП (алҕаһаан эрэр да курдук).Кинилэр маннык саныыллар: билигин улууһунан муниципальнай уокурук буолабыт уонна өрүү оннук туруо. Ону баара саҥа сокуон бырайыагынан мунуокурук иһинэн баар поселениелар эмиэ бэйэлэрэ мунуокурук буолан арахсар бырааптаахтар.Онон нэһилиэк төһө да бэйэтэ депутата суох хаалбытын иһин, баһылыга үөһэттэн ананар буолбутун иһин, өрүү саба баттанан олоруо суоҕа- эстэн-быстан сүтэн-оһон хаалбатаҕына бэйэтэ туспа мунуокурук буолар бырааптааҕын өйдүүр кэмэ кэлиэ дии. Онон бүгүн мунуокурукка кубулуйар улуус бытарыйар күнэ син биир үүнүө. Оннук буолар түгэнигэр бу улууска судаарыстыбаннай «территориальнай администрацияны» тэрийэр кыаҕыҥ хайы-үйэ суох буолар — штатыҥ былыр симэлийбитэ.
Өссө биир нюансы этэн кээһэр наада. Күн бүгүн РФ ПА (президент администрацията) улуустар мунуокурук буолалларыгар интириэстээх курдук.Тоҕо инньэ диир диэтэххитинэ сокуон суруллубут киэбэ ону көрдөрөр.Тыал хантан хайа диэки үрэрин кэтиир-маныыр чиновник ону баҕас бэркэ өйдүүр уонна ону толоро сатыыр. Ол гынан баран сол РФ ПА биэс сылынан: «Тоҕо мунуокурук буола сатыыр нэһилиэктэргитин хам тутан олороҕут? Тоҕо дьон быраабын кэһэҕит?» диэн үөһэттэн үөгүлүөн сөп. Дьэ оччоҕо түҥ-таҥ түһэ-түһэ улуустары ыһа-ыһа муниципальнай уокуруктары тэрийии саҕаланар.Бүгүҥҥү РФ ПА-та онно интириэстээх.
Тоҕо итинник саныырбын быһаарыым.Эрдэ суруйан турабын бу субуруччу ылылла турар сокуоннар ( конституцияны уларытыы, субьект публичнай былааһын туһунан фз, субу МСУ туһунан фз бырайыага) сүрүн сыаллара нэһилиэнньэни сиртэн, сир баайыттан тэйитии. Маҥнай улуустарынан мунуокуруктары оҥорон баран кэлин улуус-мунуокуруктары поселение-мунуокуруктарга бытарыттахха:
-Саха сирэ бүтүннүүтэ бэрт дуона суох кыра сири тутан хаалбыт мунуокуруктарга бытарыс гынар;
-улуустар суох буолаллар;
-сэлиэнньэлэр икки ардыларыгар баар межселеннай сирдэргэ олохтоох нэһилиэнньэ туох да бырааба, туох да сыһыана суох буолан хаалар.
Билигин Арассыыйаҕа айаатаан олорор олигархическай капитализмҥа ол эрэ наада.
P.S. Улууска судаарыстыбаннай «территориальнай администрацияны» олохтоон баран нэһилиэктэринэн мунуокуруктары тэрийии схематын Алросаттан дивиденнээх улуустарга сөп түбэһэр гына хайдах оҥоруохха сөбүн билиҥҥитэ этэр кыаҕым суох.Холобур, Үөһээ Бүлүү судаар. террит. администр. тэриннэҕинэ да представительнай органы талар бырааба суох. Оттон улуус акциятын улуус мунньаҕа дьаһайар.Үөһээ Бүлүүлэр ылбыт тайм-ауттарын устатыгар толкуйдуохха наада. Атын улуустарга табыллар курдук көрөбүн.