Дэгэрэҥ эйгэ кэнсиэр иккис төгүлүн буолла
Кулун тутар 17 күнүгэр А.С.Пушкин аатынан Нуучча тыйаатырыгар Сергей Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын аркыастырын «Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөҕө уонна Христофор Максимов аатынан саха ырыатын-тойугун сайдыытыгар өйөбүл фондата иилээн-саҕалаан Христофор Трофимович Максимов төрөөбүтэ 105 сылыгар анаан “Дэгэрэҥ эйгэтэ” тыыннаах доҕуһуолунан улахан кэнсиэр тэрийэн ыыттылар. Киэһэ 5 чаастан көрөөччүлэр, саха ырыатын сөбүлээччилэр, сэҥэрээччилэр тоҕуоруһан мустан бардылар. Сорох дьон ордук билиэт ыйыталаһаллар, да билиэт барыта атыыланан бүппүт. Кэнсиэр саҕаланыытыгар саалаҕа тобус толору киһи мустан, кэнсиэр программкатын кытта билсэллэр, бэйэ-бэйэлэрин кытта сипсиһэллэр, кэнсиэри долгуйан кэтэһэллэр.
Кэнсиэр режиссера култуураҕа өр сыллар устата таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар, Амма Алтаныттан төрүттээх, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Саргылана Адамова. Бырайыак ааптара – аркыастыр артыыһа, Кыл Саха төрүт дорҕоон бөлөх салайааччыта, СӨ үтүөлээх артыыһа, Амма Бөтүнүттэн төрүттээх Анна Томская. Ыытааччы бэрт сытыы-хотуу, киирбит-тахсыбыт, эппит-тыыммыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Валерий Лобанов иккис төгүлүн ыытар чиэстэннэ. Бу дьоро киэһэҕэ Христофор Трофимович оҕолоро Трофим Христофорович уонна Иннокентий Христофорович дьиэ кэргэннэрин кытары, чугас аймах билэ дьонноро, атастара-доҕотторо мустубуттар.
Улахан кэнсиэри Аан дойдутааҕы күрэхтэр биэс төгүллээх кыайыылаахтара, Бүтүн Арассыыйатааҕы “Палитра талантов” күрэх Гран-При хаһаайына “Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөх “Сахалыы матыыптар” попурри айымньытынан арыйдылар. Ол кэннэ улахан сценаҕа Амма улууһун баһылыга Архипов Николай Архипович тахсан кэнсиэргэ кэлбит бар дьону махтанан туран, биир дойдулаахтара уһулуччу талааннаах Христофор Трофимович Максимов аатын үйэтитиигэ араас хайысхалаах үлэлэр бара туралларын сиһилии билиһиннэрдэ уонна Христофор Максимов фондатыгар, Үҥкүү тыйаатырыгар, “Кыл Саха” бөлөххө Христофор Максимов аатын үйэтитэргэ кылааттарын иһин Махтал суруктары үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Кэнсиэри ыыттааччы Валерий Лобанов Уол Сарсын тылларыгар, Алтан Кыыс матыыбыгар “Бүгүн бу киэһэ” диэн саҥа буруолуу сылдьар ырыаны толорон көрөөччүлэр итии ытыстарын тыаһын ылыан ылла.
Христофор Максимов талаана уолугар Иннокентийгэ бэриллибит. Иннокентий Христофорович “Биригэдьиир Марыына” ырыаны бэрткэ табыллан ыллаата.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Варя Аманатова-Алаас Кыыһа кыра оҕо эрдэҕиттэн ырыа кэрэ эйгэтигэр киирэн, “Кэнчээри” оҕо үрдүк таһымнаах кэлэктиибигэр ыллаан, идэлээх ырыаһыт буола улааппыта. Кини репертуарыгар дэгэрэн ырыата эмиэ үгүс. Бу да киэһэ Варя “Сир симэҕэ сибэкки” ырыаны истиҥник толордо.
“Кыл Саха” бөлөх уонна Христофор Максимов фондата эдэр ыччаты сыһыаран, саҥа тахсан эрэр талба талааннаах толорооччуларга өйөбүл буолар. Олор истэригэр Уус-Алдантан төрүттээх эдэр толорооччу Василий Местников “Үчүгэйиэн алааспар”, Ньургуйаана Никитина “Боккуойа бокуойа суох”, Амма кэрэ куота Мичийэ “Саҥа уоттар” ырыаны, Василий Новоприезжай “Татыйаас”, Николай Протасов “Өрүүнэ”, Александр Карманов “Дэгэрэҥ” ырыаны “Кыл Саха” тыыннаах доҕуһуолунан бэрт эдэрдии, эрчимнээхтик, ис киирбэхтик ыллаатылар.
Арассыыйа үтүөлээх уонна Саха Өрөспүүбүлүкэ норуодунай артыыһа Дмитрий Артемьев “Кыл Саха” бөлөҕү кытары ситимнээхтик, таһаарыылаахтык үлэлээбитэ быданнаата. Оннооҕор хааччах кэмигэр Атласовтар уһаайбаларыгар олоҥхо туруоран дьон билиниитин ылбыттара. Бу соторутааыта “Ойуун” диэн кэнсиэр нүөмэрин Санкт-Петербурга улахан “Страна талантов” курэххэ ыыппыттара маҥнайгы миэстэни ылан бары улаханнык үөрбүппүт, дьолломмуппут. Дьоро киэһэҕэ Дмитрий Артемьев “Тэттэкэ Мэттэкэ Миитэрэй” ырыаны дэгэйэ-дэгэйэ, үҥкүүлүү-үҥкүүлүү бэрт сэргэхтик толордо.
“Кыл Саха” бөлөх айылҕаттан айдарыылаах маастара уонна солиһа Руслан Габышев көмүс тарбахтарынан чочуйан оҥорбут кыл кылыһахтарыгар (кыл струналаах кырыымпаларыгар) оонньууллар. Бэҕэһээ Руслан Прокопьевич аны бэйэтэ баяҥҥа доҕуһуоллаан “Күнү олус таптыыбын” ырыаны көрөөччүлэргэ бэлэх уунна.
Сунтаар биир чаҕылхай талаана, СӨ оһуокайын Дархан этээччитэ, тойуксута, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Олоҥхо тыйаатыр артыыһа Дмитрий Иванов Христофор Максимов ырыаларын куруутун өрө тутан, таптаан толорор. Бу киэһэ кини бэйэтэ баяҥҥа доҕуһуоллаан “Намылыһар хатыҥнар” норуокка улаханнык биллибит, тарҕаммыт ырыаны ытыс хабыллыар дылы тыаска толордо.
СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна, СӨ оһуокайын Дархан этээччитэ, Үөһээ Бүлүүтээҕи ускуустуба оскуолатын фольклор салаатын уһуйааччыта Сахаайта Мойтохонова норуокка биллиилээх ырыаһыт быһыытынан биллибитэ ыраатта. Кини толоруутугар “Дьахтар ырыата” ырыаны иһиттибит. Көрөөччүлэр махтанан муҥура суох таһыннылар.
“Дэгэрэҥ эйгэтэ” — иккис кэнсиэр эмиэ бастакы кэнсиэр курдук наһаа үрдүк таһымнаах. Уратыта диэн бу кэнсиэргэ “Кыл Саха” кылга үөрэппит үөрэнээччилэрэ төрүт дорҕоон бөлөҕүн тэринэн Амматтан, Үөһээ Бүлүүттэн, Намтан кэлэннэр,кинилэри дьон-сэргэ (сал. СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Неустроев) “Саха ынаҕа” ырыаны бөлөх солиһа Альберт Неустроев өрө көтөҕүүлээхтик толордо. Иккис төрүт дорҕоон бөлөҕө “Нам кылыһах” (сал. Мария Григорьева) “Муҥхаҕа ыҥырыы” ырыаны муҥхалыы сылдьар дьон курдук Маайа Григорьева толордо. Үөһээ Бүлүүттэн “Тобуруокап сиэннэрэ” (сал. Николай Борисов) төрүт дорҕоон бөлөҕө доҕуһуолунан Николай Борисов толоруутугар “Умун дииллэр” ырыаны дууһатын ууран туран ыллаата. Валентина Атласова кылыһахтаах куолаһынан “Дьикти түүл”, Дмитрий Санников “Куйуур” бэйэлэригэр сөп түбэһэр ырыалары наһаа ис киирбэхтик толордулар.
Валерий Лобанов уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Василий Неустроев-Баян Бааска норуокка киэҥник биллибит “Хаппытыан, Хаппытыан” ырыаны күлүүлээх театральнай сценка оҥороннор, ырыаны бэтиэхэйдик, көрүдьүөстүк толороннор, көрөөччүлэр дэлби сэргэхсийдилэр, да дэлби күллүлэр. Өссө Валерий Лобанов “Тугун баҕас абатай” ырыалары наһаа артистичнайдык, чаҕылхайдык толордо.
СӨ култууратын туйгуна Виталий Очиров куолаһыгар дэгэрэҥ ырыата чопчу барсар. Кини “Сааскы этэҥ” ырыаны аан бастаан “Кыл Саха” доҕуһуолунан ыллаата.
Эстрада чаҕылхай бэлиэ сулуһа Павел Семенов – Байбал Христофор Максимов ырыаларын эмиэ олус сөбүлээн толорор. Кини Уйбаан Арбита тылыгар, бэйэтин мелодиятыгар дэгэрэн матыыптаах “Күөрэгэй” ырыатын ис турукка киирэн толордо. Кэнсиэр түмүгэр Байбал “Учууталбар” ырыаны өрө көтөҕүүлээхтик ыллаата, киниэхэ бары кыттааччылар уонна көрөөччүлэр кыттыһан ыллаатылар. Онон бүппэккэ өссө төгүл бука бары “Учууталбар” ырыаны сүһүөхтэригэр туран ыллаан дьиэрэттилэр. Бу баар дьэ Христофор Трофимович Максимов ырыаларын дьон-сэргэ таптыыра, сэҥээрэрэ, үрдүктүк тутара, сыаналыыра. Дьоро киэһэ бары кыттыылаахтара уопсай хаартыскаҕа түһүүлэринэн түмүктэннэ.
Маннык талааннаах толорооччулар, ырыаһыттар, муусукааннар баалларын тухары уостан түспэт, үйэлээх Христофор Трофимович Максимов ырыалара бу курдук куруук ыллана, дьон-сэргэ биһирэбилин ыла туруохтара.
+7 (999) 174-67-82