Дэҥҥэ көстөр сүүһүнэн сылларга биирдэ төрүүр дьонтон биир бастыҥнара этэ
В. А. Кондаков төрөөбүтэ 80 сылыгар ахтыылартан
Владимир Алексеевич Кондаков сүдү талааныгар, кэрэ сэбэрэтигэр сүгүрүйэр, киниэхэ үөрэммит, эмтэммит дьон мустан олорорбутуттан олус үөрэн турабын. Эргим-ургум көрдөххө, Владимир Алексеевич тула сылдьыбыт үгүс дьон суох эбит. Кинини тула саха киэн туттар дьоно сэлэлээн сылдьыбыттар, үлэтигэр-хамнаһыгар өйөбүл-тирэх буолбут уонна киниттэн элбэххэ үөрэммит дьон. Ол курдук, норуодунай суруйааччы Семен Титович Руфов суох. Норуодунай поэт Василий Тарасович Сивцев, биллиилээх суруналыыстар саҥаһа Нина Иннокентьевна Протопопова, Николай Прокопьевич Васильев суох. Чэ, сити курдук ааҕан көрдөххө, бэрт элбэх үөрэ-көтө кэлэн кэпсиэх дьон баран хаалбыттар. Ол олох тыйыс сокуона, ону хайдах да гынар кыах суох. Букатын кэлбит диэн суох.
Мин хара саҕаланыаҕыттан бу үлэҕэ кыттыспыт киһи буоларым быһыытынан эттэххэ, биир сөҕөрүм диэн, кинини олох билбэт киһим этэ. Хайа да өттүнэн суолбут алтыспатаҕа. Кини Үөрэх тэрилтэтиттэн тэйбитэ быданнаабыт этэ. Мин 80-с сылларга Дьокуускай куоракка кэлэн үлэлиирбэр кини Үөрэх эйгэтигэр үлэлээбэт буолан, суолбут быһа охсуспат этэ. Ол да гыннар, 90-с сыл саҕаланыытыгар эмискэ баҕайы төлөпүөннээн, соһуйбутум даҕаны, «биһиэхэ кэлэ сылдьыбаккын ээ», диэбитэ. Оччолорго Ассоциация саҥа тэриллэн, Михаил Григорьевич Софронов салайар НПО «Якутская» тэрилтэ дьиэтигэр, Каландаршвили уулуссаҕа, урукку Саха театрын утары, хос ылан, актовай саалаҕа дьон бөҕөнү мунньан олорор эбит этэ. Саала ыы-быччары, киһи турар да миэстэтэ суох буолар усулуобуйатыгар үлэлиирэ. Ол биир өттүнэн дьиктитэ диэн, бу саха төрүт өйүн-санаатын туһунан билиэхтэрин-көрүөхтэрин, истиэхтэрин баҕалаах дьон былыргы сахалыы эмтээһин ньымаларын сөргүтэргэ, ону билигин хайдах эрэ гынан туһаҕа таһаарбыт киһи диэн санаанан салайтаран, сорохтор Владимир Алексеевич тус бэйэтин көрөн астынаары, чэ, араас биричиинэнэн актовай сааланы ыы-быччары дьон бөҕө мустар этэ. Сүүсчэкэ киһи. Ол онно Ассоциация 10 сылы кыайар-кыайбат үлэлээбитэ. Онтон ити дьиэттэн барарга күһэллибиппит, саҥа сиргэ көспүппүт, атын сиргэ буруо таһаарынар турукка киирбиппит.
Бу кини кинигэлэриттэн ордон, эбэтэр бу кини чугастык билэр дьонуттан ордон, кини эмтиир ньымаларын уонна Алгысчыт быһыытынан дьоҕурун-талаанын кыайан кэпсээбэппин, онно кыаҕым да, быраабым да суох курдук. Ол туһунан этиэх-тыыныах дьон баар. Кинини суруйааччы, журналист, саха төрүт култууратын, саха чулуу дьонун үйэтитии биир маастарын быһыытынан көрөн этиэхпин баҕарабын. Эмтээһинтэн ураты уус-уран айымньы быһыытынан «Сахаларга күүстээхтэр бааллара дуо?», «Николай Баскаров», суруйааччылар, артыыстар тустарынан кини ырытыылара, рецензиялара барыта түмүллэр. Бу кини интэриэһэ дириҥин, киэҥин-куоҥун сыаналыыр.
Нина Иннокентьевна Протопопова кинигэлэригэр Владимир Алексеевич убайа Николай Кондаков туһунан ахтарыгар суруйбут этэ. Николай Алексеевич киниэхэ эппит эбит: «Биһиги Володябыт олох атын буолан иһэр ээ. Киһи кэтэһэр киһитэ буолууһу. Сүрдээҕин уларыйбыт. Олох туһунан өйдөөх-санаалаах киһи буолан иһэр. Туох эрэ дьиктини, сонуну айаары сылдьар быһыылаах», ‒ диэн. Оттон оҕо эрдэҕиттэн көрдөххө, сахаларга «оҕо оҕотунан» диэн өйдөбүл баар эрээри, итини атын суолунан барбыттар баар этилэр, дьоҕур-талаан өттүнэн ситэн-хотон, сириэдийэн тахсаллара да баар. Былыргы омуктар өс хоһоонноругар этиллэрин курдук, талаан 1 бырыһыана айылҕаттан, 90-на үлэттэн тахсар диэн ааттыыллар. Ол аата айылҕаттан бэриллэр да эбит буоллаҕына, ону сайыннарбакка, ону тилиннэрбэккэ сырыттаххына, сайдыбат, төннөн хаалар. Биллэн турар, кини эмчит, ойуун быһыытынан сайдара биир хонуктаах дьыала буолбатах. Ону удумаҕалыыр дьон олороҕут. Эттэнии диэн баар, ону барытын ааһарга биллибэккэ-көстүбэккэ сылдьан, айаҕаланан, мин оннукпун-манныкпын диэн көрдөрө сылдьыбаттар. Кистэнэ соҕус сылдьалар. Кини эдэр эрдэҕинээҕи олоҕо-дьаһаҕа бүтүннүүтэ идеология баттаан олорор кэмигэр, биир идеологияны, биир итэҕэли соҥнуур кэмҥэ, бу туһунан итэҕэллээх, туһунан өйдөөх-санаалаах дьон эбиппит диэн санааны саба баттыыр эрдэҕинэ үөскээбит буолан, биллэн турар, онтукатын биллэрбэккэ сылдьыбыта баа буолбатах уонна ону киһи барыта өйдүүр даҕаны. Онно кини итиннэ бэлэмнэнэр үлэтэ наһаа эрдэттэн саҕаламмыт эбит диэн сабаҕалыахха сөп. Сөҕүҥм иһин кинини кытта биир кэмҥэ, кини историк, нуучча, саха тылыгар үөрэммит дьон этэллэр: «Владимир Алексеевиһы кытта бииргэ үөрэммит эбиппит ээ», ‒ диэн. «Ол гынан баран, кини баара-суоҕа биллибэт этэ. Уһун синньигэс уол наар истиэнэни кыйа турар буолара, саҥата-иҥэтэ суоҕа, сүүрэ-көтө, саҥара-иҥэрэ, тугу эрэ мээнэ куолулуу сылдьыбат этэ. Тыый, итинник дьоҕурдаах-талааннаах киһи сэмэйэ бэрдэ дуу, хайдах дуу, биһиги бэлиэтии көрбөтөхпүт», ‒дииллэр. Сүрдээҕин сөҕө саныыбын, хайдах баҕайыный, доҕор? Көстөр дьүһүнүнэн да, баардаах батарбата диэн да баар, бүргэһи мөһөөччүккэ кистээн сылдьыбаккын. Хайдах биллэрбэтэҕэй диэн санаа «кылах» гынан ааһар. Онон сылыктаатахха, кини бэйэтин иитинэргэ, бу улахан миссияҕэ, аналга, чааска, сахаҕа суолун-ииһин хаалларар бэйэтин аналын-чааһын өйдөөн сылдьан, кэтээн, туох баары барытын иҥэринэ сылдьыбыт эбит диэн. Ити биир түмүктээһин. Онон кини бэйэтин бэйэтэ сайыннаран, туох баар дьоҕурун-талаанын, күүһүн-уоҕун даҕаны.
Кини сэниэлээх киһи этэ. Ол иһин оҕо эрдэҕиттэн күүстээх дьону батыһа сылдьан көрөр-истэр, кэтээн көрөр эбит. Туох баар эттэри-хааннарын оҥоһуутун, уҥуохтарын-арҕастарын ааҕа билэр, ону кэпсиир буолар этэ. Ол оннук сарыннаах, былчыҥнаах диэн. Эмчит киһи быһыытынан курдары көрөн диэбит курдук, этин-сиинин, былчыҥын оҥоһуутун көрөн, сылыктыыр эбит, улахан күүстээх киһи сылдьар эбит диэн. Тустууктарга улахан күрэхтэһиилэргэ кыттар уолаттарга психологическай сүбэ-ама биэрэрэ. Ордук бөдөҥ-садаҥ уолаттары сөбүлүүр этэ. Холобур, ити Захар Чукров уолаттарын наһаа сөбүлүү көрөрө. Харыстаан илдьэ сылдьыахха баар этэ. Эрдэттэн эттэрин-хааннарын алдьаппакка, сэймэктээбэккэ, өй-санаа өттүнэн кытааталларын, ситэллэрин-хотоллорун ситиһиэххэ баар этэ диэн. Элбэхтик сүбэлээбит-амалаабыт буолуохтаах. Былыр да сахаларга бөдөҥ-садаҥ, күүстээх-уохтаах дьон бааллар этэ диэн кэпсэл оҥостор этэ. Бэйэтэ эмиэ, дьээбэрэн даҕаны миигин кууһан көр эрэ, диирэ. Кууһан көрдөххө, киһи илиитэ ыпсыбат, кытаанах буолара. Илиитин тардан көр диэтэҕинэ, киһи миигинньигэ чирэстэһэ сатаан да кыайбата. Ол оннук сэниэтин көрдөрбөтөр да, дьон ортотугар буолбакка, бүҥмнээн, хоһугар киирдэххэ, иннэ гынар идэлээҕэ. Улахан сэниэлээҕэ көстөр этэ.
Кини эдэр сылдьан, самодеятельноска син кыттар эбит. Ырыаһыта, үчүгэй куоластааҕа биллэр эбит. Ол курдук, оройуоҥҥа күрэхтэргэ кыттан, дипломнардаах эбит. Кини ырыаһыт дьону, улаханнык Илья Переваловы ытыктыыра. Николай Баскаровы олох үтүктэр да курдук этэ, куолаһын тембра да оннуга. Онтон үөрэнэр эбит этэ. Кини мастарыскыайыгар киирэн, пластинканы, записьтары истэн, бу хайдах маннык ыллыырый, куолаһын хайдах туһанарый диэн үөрэнэ сылдьыбыт. Иккис түмүктээһинн: Кини дьоҕура-талааана олоҕун былаһын тухары үөрэнэр буолан, ситиһиллибитэ диибин. Манна кини сыалын-соругун, туохха ананан кэлбитин эрдэ өйдөөбүт дьоллоох дьонтон биирдэстэрэ. Киһи барыта өйдүүр буолбатах. Сороҕор сээн дэтэн иһэн, ханнаран хаалааччылар да бааллар. Дьон хайҕалын, үчүгэй да, куһаҕан да санаатын уйбат дьон баар. Олор тугу да ситиспэттэр. Кини буоллаҕына, бүтүннүүтүгэр ‒ ситиһии да, араас бобо да сатыыр, бобуу да баара, официальнай медицина, медицинскэй бюрократия да өттүттэн, эмтиирин да элбэхтик туорайдаспыт дьон баара. Ону туруулаһан, үөрэтэн, итэҕэтэн, кини бу норуот эмчиттэрин Саха сиринээҕи Ассоциациятын тэрийэр. Уонна эзотерика суолунан барар норуот традиционнай, үгэс буолбут норуот эмтиир ньымаларын сөргүтэргэ диэн анаан, бу Ассоциация тэриллэр. Ону тилиннэриэххэ, дьону үөрэтиэххэ, дьону уһугуннарыахха диэн бу суолу тутуһар. Кини ханнаран хаалбакка, ылыммыт суолун-ииһин толорон, туох баар күүһүн-күдэҕин мунньан, Ассоциацияны атаҕар туруорарга сорук туруоруммута. Ол кэннэ Саха сиригэр аан бастакынан Аар Айыы итэҕэлэ государственнай регистрацияны Юстиция департаменыгар барбыта. Онно докумуонун оҥоруута бүтүннүүтэ кини бэлэмнээн, маннык-итинник буолуохтаах диэн ситэрэн-хоторон, үгүс сыратын-сылбатын уурбута. Түмүгэр тиийэн, ити шпиллээх дьиэ диэн ааттыыр дьиэҕэ киириэхтэн ыла кини бэлэминэн Ассоциация, Аар Айыы итэҕэлэ бэчээттээх кумааҕы ылан, кистэммэккэ, кимтэн да кыбыстыбакка, төбөбүтүн өрө көтөҕөн, бу дьиэҕэ тыастаахтык хааман киирэн, үөһэ тыынан, дьону-сэргэни көрсөн, үлэлээн барбыппыт.
Ити Үрдүк Үөрэх баар буолуохтаах диэн этиитэ мээнэҕэ буолбатах. Ханнык баҕарар итэҕэл, маҥнай ортоку таһымтан үрдүкү таһымҥа тахсар буоллаҕына, кэскиллэнэр. Бастаан 7 сыллаах Оскуола, онтон Үрдүк Үөрэх тэриллиэхтээх диэн. Онно кыттыспыт киһинэн буолабын. Ол онно хас да спецкурстары сакаастаан аахтарбыта. Экзаменнар ураты этилэр. Бу киһи төһө ылыммытый? Таайа, көрө үөрэниэхтээх, илиитин иминэн көрө үөрэниэхтээх эбэтэр кэтэҕинэн сэрэйэ-таайа. Саха мэйиитин икки аҥаара үлэлиирин туһаныахтаах, ону уһугуннарыахтаах диэн. Экзамеҥҥа ол ону туругутан көрөр идэлээх этэ. Бэйэтэ эмиэ кыттыһара, биллэн турар, кинини кытта куоталаспыт суох буолара. Манна олорооччулар бу тургутууну ааспыт дьон олороллор.
Василий Лукич Сенькины сыаналыыр этэ. Сахалартан биир бастакынан гипноһу туһаммыт, гипнозтааҕа биллибит, ону маассабай сеанстарга дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрбүт дьонтон биирдэстэрэ. Учуутал, краевед, айылҕаҕа чугас киһи буолан, маннык дьоҕурдаммыта. Биир курдук Таатта курдук ураты сиргэ үөскээбит киһи буолан, сирин-уотун тыына киниэхэ итинник дьоҕуру биэрбитэ буолуо диэн ааттыыр. Ити курдук барытыгар быһаарыы булан иһэрэ.
Владимир Алексеевич учуутал буолан, учууталлары сэргиир, наһаа убаастыыр этэ.
Ыһыахтары алҕааһын киирэн тэриллибитигэр ипподромҥа Туймаада ыһыаҕын алҕаабыта. Көстөр дьүһүнэ да, саҥата чөллөркөйө да үчүгэйэ бэрдэ. Биирдэ алҕыы турдаҕына, ардах курулаччы куппутун астынан, үөрэн-көтөн кэпсээбитэ. Наһаа астынан этэ турдахпына Айыыларым баалларын биллэрдилэр, тылым тиийдэ диэн, үөрбүтүн-көппүтүн олох умнубаппын. Онно сирэйдиин сырдаан, олус астыммыта. Ыраас халлаан ортотугар эмискэ былыт кэлэн, этиҥ этэ түһэн баран, ардаабытын дьон-сэргэ сөхпүтэ, үөрбүтэ, сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ. Туймаада ыһыаҕын хаста да алҕаабыта, барыта этэҥҥэ буолбута. Онтон ыла норуот бэйэтэ бэйэтин билинэн, төбөтүн өрө көтөҕөн, биһиги да Улахан итэҕэллээх эбиппит, улахан дьонноох эбиппит диэн санаа иитийэхтэнэн тахсыбыта. Ол билигин баара биллэр.
Биллэн турар, духуобунай эйгэ биир уратыта диэн хас биирдии киһи саныыр санаалаах, биир халыыпка киирэн биэрбэт айылгылаах. Ол иһин билигин саха итэҕэлэ уопсай биир тылы булбакка сылдьабыт диэххэ сөп. Аҕыйах, 400 тыһыынча ахсааннаах норуот баһыгар үс регистрацияламмыт итэҕэл тэрилтэлээхпит. Тенгрианство, аҕыйах ый анараа өттүгэр бигэргэммитэ, Айыы итэҕэлэ. Саамай төрүттээҕэ, саамай тирэхтээҕэ, аан маҥнайгынан бигэргэтиллибит, сокуонунан араҥаччыламмыт итэҕэл – Аар Айыы итэҕэлэ буолар. Ону кини өтө көрөн, итэҕэл мунньахтарыгар этэр этиитэ, туруорсар туруорсуута, этэрэ-тыынара – кыттыһан, итэҕэл каноннарын оҥоруоҕуҥ, биир каноннаах биир итэҕэллээх буолуоҕуҥ диэн. Оччоҕо саха норуота биир итэҕэллээх, түмсүүлээх буолуо диэн.
Ханнык баҕарар итэҕэл үс өрүттээх; бастакыта, Үөрэх – итэҕэл үөрэҕэ. Иккиһэ, дьайыыта – ритуала. Үсүһэ, итэҕэл дьиэтэ – таҥара дьиэтэ, храм. Бу үс холбостоҕуна биирдэ итэҕэл сиппит-хоппут буолар. Аан дойду итэҕэллэрин көрдөххө оннук. Хайа баҕарар итэҕэлгэ арахсыбыттара да, кыргыспыттара да баар. Ол курдук, кини итини барытын Аар Айыы итэҕэлэ кинигэтигэр ырытан суруйар. Алгыс, алгыс көтөҕүүтэ диэн саха итэҕэлин ритуалларыттан биирдэстэрэ. Буккулла-тэккиллэ сырыттахпытына Арчы дьиэтэ, Айыы дьиэтэ, Айыы балаҕана да баар буолла. Владимир Алексеевич сүбэтинэн, элбэхтик санаатын эппитинэн сирдэтинэн, Сунтаарга, Табаҕаҕа Айыы Арчыта баарын билэбит. Онно биир халыыбынан, биир архитектурнай истиилинэн көрөн, ис Бараана, тас көрүҥэ бүттүүнэ биир буоларын баҕарар этэ. Оччоҕуна дьон түмсүҥ, дьон сылдьыа этэ, араас духуобунай практика ыытыллыа этэ диэн. Духуобунай практиката суох итэҕэл итэҕэл буолбат. Бу итэҕэл сүрүн уратыта, саамай сүнньэ, итэҕэл сокуона – Ассоциация буолан туран, итэҕэлгэ олоҕурбут эмтээһин ньымалара сайдыахтаах. Итэҕэлэ суох, эмчиккэ итэҕэйбэт, үтүөрүөм диэн итэҕэйбэт буоллаҕына, сырдыкка талаһан итэҕэйбэт, даамын биэрэн кэбистэҕинэ, хайдахтаах да киһи эмтээбитин, хайдахтаах да эми-тому ылынар кыаҕа суох. Итэҕэлэ күүстээх буоллаҕына, итэҕэйэр буоллаҕына, кини ылынар. Аан маҥнай алгыс көтөҕөн, өйө-санаата сааһыламмытын кэннэ эмтиир буоллаххына, эмиҥ тиийэн барар. Холобурдар элбэхтэр. Официальнай медицина даҕаны итинник суолга киирэр. Итэҕэтэн баран, эмчити итэҕэйэр, сөбүлүүр, таптыыр да буоллаҕына тылын ылынар. Оннооҕор учуутал тыла тиийэр-тиийбэт түгэннээх. Өскөтүн учуутал киһи быһыытынан дьоҥҥо сөбүлэппэт буоллаҕына, этэр тыла сонно тута ааһан хаалар. Ол быһыытынан Владимир Алексеевич Үөрэҕэр этэр этэ: «Эһиги маҥнай итэҕэли өрө тутуҥ, итэҕэлинэн эмтээҥ. Алгыс баһа сыаланнаҕына эрэ эмтээһиҥҥит, тугу гыммыккыт барыта, имэрийбиккит даҕаны, атын да ньыманы туттубуккут барыта ситиһиилээх буолуоҕа». Үөрэтии төрдө ол этэ. Ол иһин ити итэҕэлгэ олус сыһыана суох дьону түмэн, кини бэйэтин санаатын этитэр этэ. Ол курдук, улахан дьоҕурдаах-талааннаах композиторы Владимир Васильевич Ксенофонтовы өтө көрөн, бэйэтигэр чугаһатан, музыка сакаастаан, опера суруллубута.
Түмүкпэр, Владимир Алексеевич дэҥҥэ көстөр сүүһүнэн сылларга биирдэ төрүүр дьонтон биирдэстэрэ. Олоҕо кылгас буолла. Өлүү сокуона диэн кытаанах. Саамай бастыҥ, саамай аһыйар дьоммутун, сөбүлүүр, таптыыр дьоммутун эмти тутан барар идэлээх өлөр өлүү. 80 саас элбэх саас буолбатах, 80-наах дьон сүүрэ-көтө сылдьаллар. Айылҕа сокуонун быһыытынан биһигиттэн бастыҥ киһибитин, дурда-хахха буолуох киһибитин мүлчү тутан, илдьэ барда. Августина Ильинична бэркэ эттэ, суохтаппат, баар диэн…
Ассоциация дьиэтигэр кини тыына биллэр. Мин сылга икки сессия буоллаҕына, көтүппэккэ сылдьабын. Дьиэҕэ киирдиҥ да кини баара биллэр. Баарын тухары кини Үөрэҕэ барыа, салгыы Үөрэтээччилэр даҕаны, үөрэнээччилэр даҕаны элбии тураллара буоллар диэн баҕалаахпын.
В.Д. Михайлов, профессор, философскай наука доктора, СӨ В.А. Кондаков аатынан Норуот эмчиттэрин ассоциациятын бочуоттаах чилиэнэ. Сэтинньи 2019 с.
«Эн биһикки ырыабыт мээнэ буолбатах, барыта эмтээх», — диэбитэ
+7 (999) 174-67-82