Site icon SAKHALIFE

Дархан этээччи Станислав Иванов: Саха Оһуохайа үүнэ-тэнийэ туруоҕа!

Үгэс быһыытынан Оһуохай түмсүү кыттааччыларын, этээччилэри кытта кэпсэтиибитин салҕыыбыт.

Бүгүҥҥү ыалдьыппыт — Саха сирин Дархан этээччитэ Станислав Иванов:

       — Мин Станислав Иванов Бүлүү улууһун Тааһаҕар нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, билигин Мэҥэ-Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыы салалтатыгар үлэлии-хамсыы сылдьабын.

    2017 сыллаахтан Саха сирин Дархан оһуохайдьыта ааты ылары ситиспитим.

     Оһуохайга алын кылаас сүһүөҕэр үөрэнэр кэммэр дьарыктаан саҕалаабыттара. Бастакы уһуйааччым Дария Егоровна Алексеева оһуохай албастарыгар, кистэлэҥнэригэр үөрэтэн оҕо сааспыттан оһуохайы ордорбутум.

     Бастаан Н.Н. Каратаев аатынан Тааһаҕар орто оскуолатын ыһыаҕар оһуохайга алын сүһүөх оҕолорун кэккэлэригэр бастакы  ситиһиим, кыайыым этэ. Дьэ ол кэнниттэн араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ, тэрээһиннэргэ кыттабын.

     Александр Джурович Данилов салайыытынан Өрөспүүбүлүкэбит Оһуохай түмсүүтэ Улуу Туймаада ыһыаҕар ыытыллар оһуохай күөн-күрэһин үрдүк таһымҥа ыытарга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүн, Кыайыы күнүн уруйдаан, бары биллэр бэлиэ күннэргэ ыытыллар Добун оһуохайдар түмсүү күүстээх үлэтин түмүгэ буолар.

       Эдэр ыччат даҕаны Оһуохайга үөрэнэн, этээччилэр кэккэлэрэ кэҥиир.

      Оһуохай концепцията баттанан оһуохай төрүт үгэс быһыытынан үйэтитиллэн, умсулҕаннаах оһуохай олохтоно, Саха Оһуохайа огдолуйбат оҥоһууланан үүнэ — тэнийэ туруоҕа!

     Тугэнинэн туһанан, бэс ыйын 15 күнүгэр Мэҥэ — Хаҥалас улууһун ыһыаҕар Үрүҥ көмүс түһүлгэни төрүттээн Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ оһуохайдьыттарыгар аһаҕас Оһуохай күөн күрэһин үрдүк таһымҥа ыытаары бэлэмнэнии үлэтэ күүскэ ыытылла турар.

      Ону таһынан Александр Джурович салалталаах Оһуохай түмсүү кыттыылаах көмөлөөн аар саарга аатырбыт Саха Сирин Дархан оһуохайдьыттарын мунньан үрүҥ күн тахсыар дылы Добун оһуохайы тэрийэн ыытаары бэлэмнэнэбит. Оһуохайы таптааччылары, оһуохайга сүгүрүйээччилэри, бар дьоммутун Мэҥэ — Хаҥалас улууһун ыһыаҕар ыалдьыттыыргытыгар ыҥырабыт!

Exit mobile version