Чомчоевы не ожидали, что столько боотуров откликнутся на клич

Если честно, не ожидали, что в субботу  8 июня столько неравнодушных богатырей приедут на клич помочь нашим уважаемым Чомчоевым.


Зимой снега очень много было. Потому вода речки Кэнкэмэ смыла дорогу в оз.Айыы Тайбыт, вокруг которой у Чомчоевых сенокосные угодья.
С задачей сделать объезд, восстановить дорогу, парни быстро справились.
За обедом из натуральной пищи, приготовленным Дианой Васильевной, слушали мини лекцию Анатолия Игнатьевича о пятой мюонной силе Вселенной, о происхождении бушменов, о влиянии спирта в мозг и.т.д.
Интересующимся ходом уголовного дела по покушению на жизнь А.И.Чомчоева 12 мая прошлого года, вкратце познакомил сын Игнат.
Так приятное с полезным совместили гости урочища Айыы Тайбыт, за что искренне благодарны хозяева местности Анатолий и Диана Чомчоевы.

От ыйын 8 күнүгэр Кэнкэмэ ЫАЛ-ыгар Чомчоевтарга  субботник буолла.
Быйыл хаар халыҥ буолан, уу наһаа элбээн, үрэхтэрэ таһынан баран, күөлгэ оттуу киирэр суолларын уу тоҕо сүүрэн алдьаппыта.
Бииртэн биир бөҕө-таҕа кыахтаах Эр бэртэрэ туоруур суол солоотулар, уу быспыт сирин оҥордулар.
Эбиэттии олорон Анатолий Игнатьевич Айылҕа биллибэт күүһэ мюон, арыгы Эр Киһи туругар хайдах дьайарын, Африкаҕа олорор бушменнар уратыларын о.д.а. кэпсиирин ыалдьыт уолаттар сэҥээрэ иһиттилэр.
Ытык ыалбыт дьон өйдөөн-өйөөн көмөлөһөрүгэр үөрэн махталлара муҥура суох.


Былырыыҥҥы быһылааны быһаарар суут процеһа буруйдаахтар билиммэккэлэр бутууру таһаараннар
төһө даҕаны  уһатар-кэҥэтэр сыаллаахтарын үрдүнэн, Чомчоевтарга олох бэйэтин сүүрээнинэн оргууйдук баран иһэр.
Таһыттан көрдөххө барыта нус-хас курдук. Биир кэм дьон тоҕуоруһан кэлии-барыы.
Хомолтолоох түбэлтэттэн дьоммут доруобуйалара эмсэҕэлээбитин билээччи аҕыйах.

Айдааннаах араллаан Чомчоевтар хас да сыллаах, сыралаах үлэлэрэ олоххо киирэр хаамыыларын харгыстыыр.  Балыырдаах балаһыанньа туһуттан Анатолий Игнатьевич оҥоруохтаах, салҕыахтаах проектара хаһан түмүктэниэхтэрин ким даҕаны билбэт.

Түүҥҥү түлүрбэх түөкүттэр сыыһалардаах сымыйаны айан кэпсээннэр кыларыйар кырдьыгы «сырайа-хараҕа» суох утарсаллар.
110 киилэлээх сутуругар сокуоннаах киһийдээн кырдьаҕаска ытыктабылы  ырааҕынан тумнар.
Олоҕун улахан аҥаарын байыаннай дьыалаҕа анаабыт полковник билиититтэн таһыччы өйдөөх курдук сананан «ууттан кураанах тахсаары» тутуһар албастара элбэх эбит.
Кыратык даҕаны суобаһа кыттыһан кыбыстыы диэн майгы ити ыччакка ханан даҕаны суох.
«Халыҥ» харчыга хамсанар адвокаттара суут ыскаамыйатыгар тиэрэ түһэн туттан олорордуун атыттар.
Кинилэр туоһулар доппуруостарыгар биэрэр ыйытыктарын 90% тиэрэ дойҕох, халлааны таһыйыы. Бэйэлэрин таһымнара мөлтөҕүн, билиилэрэ намыһаҕын, дьыалыны үчүгэйдик билбэттэрин бэлиэтииртэн туттунуо эбиттэр.

Оннооҕор, уонча сыл ити «Айыы Тайбыт» күөлгэ кустаан булчут аатырар бырааттыы эрэттэр ханнык буулдьа хас ахсааннаах, нүөмэрдээх доруобтааҕын билбэккэлэр, эбиитин экспертиза түмүгэ этэринэн күүһүн сатаан батарбат бөтөҥкөс ыстаанын хайаҕаһын ахсаанын элбэппиттэрэ биир туспа таабырын.
Быыһанар үүт-хайаҕас була сатаан, букатын даҕаны силиэстийэ үлэһиттэрэ күүс өттүнэн билинии ыла сатаабыттара диэн сууту соһутта.

Бүтүн ыал, уруу-аймах олоҕун айгыратан баран туох даҕаны буолбатаҕын курдук өрөҥкөлөһүү, улахамсыйыы, мэлээриҥнэһии.
Иккитэ сууттаммыт табаарыс бу даҕаны сырыыга буруйдаммаппын диэн бигэ эрэллээх тэлиэс-былас, тиэрэ-маары үктэтэлиир.

Сэнэбиллээх атаҕастабыл хаһан бүтэн дьыала түгэҕэ көстүө билиҥҥи туругунан биллибэт.

Суут бүттэҕинэ ымпыгын-чымпыгын сиһилии билиһиннэрэри наадалааҕынан ааҕабын.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх