Site icon SAKHALIFE

Чомчоевтыын алтыһыыттан

Анатолий Игнатьевич Чомчоевтыын алтыһыыттан

Олоҕум устатын тухары араас атомщиктары, генетиктары, биофизиктары, биохимиктары, акдемиктары кэпсэтэн алтыстым.

Үрдүк военнай үөрэхтээх киһи аҕыс сылы быһа элбэҕи үөрэттим.

Военнай академияҕа киирэн сүүстэн тахса буолан үөрэммит дьонтон биһиги хайысхабытын өйдүүр киһи уонча эрэ бырыһыан,  90% сыыйыллыбыттара.

Үөрэх бүппүтүн кэннэ 10 киһиэхэ собеседования оҥорбуттарыгар икки эрэ буолан ааспыппыт.

Оннук сүүмэрдээһин /подбор/ буолар.

Киһи төбөтө оннук үлэлиир эбит.

Японияҕа бара сылдьан мин кэпсиир киһим миигин отой истибэт.

Дьиктиргиибин.

Иннигэр телефон сытар.

Ону көрө олорор.

Онтон телефоҥҥа туох эрэ диэн дьоппуоннуу кэлэр.

Ол кэллэ даҕаны миигиттэн боппуруос ыйытар.

Ону мин эппиэттиибин.

Онтон салҕыы кэпсиибин.

Киһим эмиэ истибэт.

Токиоҕа улахан баҕайы Фугаку диэн супер компьютер турар.

Мин кэпсиирбин туох баарын тутатытына суоттаан таһаарар.

Бу киһи сөпкө кэпсиир дуу, суох дуу диэн.

Ол иһин утары боппуруостар кэлэллэр.

Бүтэһигэр кэлэн киһим этэр:

—  Дуогабар түһэрсиэххэ диэн.

Ол оннук үйэ  билигин.

Супер компьютер барытын быһаарар.

Ядернай энергетика, атомнай энергетика диэтиҥ да киһи барыта радиацияны саныыр

__________________

Примечание: Ядерная энергетика (Атомная энергетика) — отрасль энергетики, занимающаяся производством электрической и тепловой энергии путём преобразования ядерной энергии. Обычно для получения ядерной энергии используют цепную ядерную реакцию деления ядер плутония-239 или урана-235.

_____________________

Радиация  диэн:

1. туох эмэ эттик электромагнитной энергияны сыралытан таһаарыыта уонна оннук тахсар энергия;

2. туох эмэ сардаҥа курдук, киинтэн тула тыган, тарҕаныыта.

Ядернай энергетика радиацияҕа отой туох да сыһыана суох

Бу букатын тус туспа өйдөбүллэр.

Ону өйдөөбөттөр.

Холобура, быраастар диэннэр бааллар дии.

Общий врач эҥин диэн арахсаллар.

Ол специалиһы аҕалан тиис ыллаттар эрэ.

Дьиҥинэн, кини үрдүк медицинскэй үөрэхтээх быраас эрээри тииһи сатаан тууруо суоҕа.

Тииһи туура турар киһини көрбөтөҕө буолуо.

Ханнык чыскыыннан туттуллуохтааҕын даҕаны билбэт.

Оруобуна ол курдук, син биир.

Ол онно сытар уратыта.

Билигин РосАтомҥа тиий, МинЭнергетики тиий бары термоядерщиктар олороллор.

Бары техническэй наука доктордара, профессордара, сорохторо академиктар.

Ядернай диэҥҥэ тугу даҕаны быһаарсыбаттар.

_______

Примечание: Термоядерщик — специалист по термоядерным процессам.

Я́дерная фи́зика — раздел физики, изучающий структуру и свойства атомных ядер, а также их столкновения (ядерные реакции).

Это совсем разные вещи.

_______

Ол дьон куруук эппиэт бөҕөнү суруйаллар.

Кириенкаҕа эппиэттэрэ маннык ис хоһоонноох:

— Бу Чомчоев идеята сөп. Ол гынан баран кэмэ кэлэ илик (преждевременно), техническэй өттө быһаарыллыбатах.

Хата, кинилэр сыыһа диэн суруйбаттар ээ.

Сурукка биһиги техническэй өттүн отой суруйбаппыт.

Тоҕо суруйуохпутуй?

Манныгы оҥоруоҕуҥ эрэ диибит.

Бүттэ.

Глобальная энергия

Примечание: Глобальная энергия — международная премия в области энергетики, которая присуждается за выдающиеся научные исследования и научно-технические разработки в области энергетики, способствующие повышению эффективности и экологической безопасности источников энергии на Земле в интересах всего человечества.

Биһигини хас да сыллааҕыта “Глобальная энергия» премияҕа түһэрбиттэрэ.

Ити техническай нобель диэн ааттанар.

Аан дойду туох баар саамай сайдыбыт инженердэригэр бэриллэр премия.

Саҥа дьыл иннигэр Малые модульные реакторы (small modular reactors) аан дойдуга инникилээн иһэр наадалаах энергопроект диэн уон ахсаан иһигэр киллэрдилэр.

https://globalenergyprize.org/ru/2020/12/14/10-proryvnyh-idej-v-energetike-kak-otvet-na-samye-vazhnye-voprosy-obshhestva-i-ekonomiki/

Нобельга киллэрбит материалларбытыгар кэпсиирбитигэр биһиги толору арыйбатахпыт.

Билигин бары харчы сии сатыыллар

Бөөлүүн Санкт Петербург уолаттара харчы угабыт диэн бириэмэ бөҕөбүн сиэтилэр.

Хайыахпыный.

Эппиэттэһэ олоробун буоллаҕа дии.

Харчы уга сатыыр (инвестиция) дьон, дьиҥинэн, элбэх.

Хас даҕаны миллиарды угабыт диэччилэр кытары бааллар.

Ону сөбүлэспэппит.

Өстөөх разведкатын, үспүйүөннэрин уонна куорҕаллааччыларын утары үлэни ыытар тэрилтэлэртэн кытары эрийэллэр (контрразведкалар).

Кинилэр Арассыыйа судаарыстыбатын куттала суох буолуутугар (государственная безопасность) отойдуун наадыйбаттар.

Идеятын ылан атыылаарылар.

Харчы оҥостор сыаллаах түөкүннүүллэр.

Концепциябытыгар үксэ үрдүнэн-аннынан  баар.

Ол иһин, идеята атын эҥин диэн этэллэр.

Мөккүһүннэрээрилэр.

Онно биһиги кыттыспаппыт.

Ити эн этэриҥ, Чомчоойоп сыһыана суох эҥин дииллэрэ — бэрт былдьаһыы диэн ааттанар.

Өйдөөбөт дьоҥҥо эбэтэр Сатанаҕа дакаастыы сатыыр туох да туһата суох.

Аны туран, дойдубутугар ону өйдүүр киһи уопсайынан аҕыйах

Ол онно сытар – биһиги проекпытын өйөөбөттөрө.

Билигин туттар кыра кыамталаах атомнай станциялара эмиэ урукку (былыргы) технологиялаах.

Ритм 200 диэҥҥэ оттуга уран 235 диэн олох үчүгэй.

Ол гынан баран технологията эргэ.

Россияҕа, атын даҕаны сирдэргэ этэллэр:

—  Бу сылларга саамай сөптөөх хайысханнан термоядернай энергетика…

Итинник дииллэрэ отойдуун сыыһа.

Научнай чинчийэр сыалга, ити термоядернай диэни билбэт киһиэхэ туох даҕаны сүрдээх үчүгэй.

Термоядернай энергетика диэн мөлүйүөн кыраадыс темпертуралаах, хас да тыһыынчалаах атмосфера баттааһыннаах.

Атомнай энергетика диэн элбээбитэ 1800 кыраадыс цельсийынан, элбээбитэ 22 атмосфералаах.

Бүттэ.

Ол аата термоядернай, атомнай энергетика диэн сир уонна халлаан курдук араастар

Улахан уратылаахтар.

Термоядернай сыаната олус үрдүк буолар.

Бастакытынан — тимир конструкциятыттан саҕалаан оҥорон таһаарыыга туттуллубут үп, матырыйаал барытын сыаната киһи ааҕан сиппэтэ буолар.

Иккиһинэн — ити синтез диэнэ үчүгэй эрээри, энергоемкоһынан 11 төгүл аҕыйах, ядернай энергетикаттан.

Термоядернай энергетика – энергетика ыларга күүһэ быытыкаан.

Холобура, испиискэннэн хайдах даҕаны кастрюляны умаппаккын.

Газ плитаҕа оргутаҕын.

Биһиги суруктарбытын онно-манна ыһаллар эбит.

Америкаҕа тиийэ.

Американецтар ону анализтыыллар.

Супер компьютерга уганнар.

Уонна ону өйдөөн американецтар микромодульные ядерные реакторы оҥорорго ылса сылдьаллар.

Хайысхаларын кистэлэҥин арыйан (рассекретили) уран 235 оҥоробут…эҥин диэтилэр.

Ону биһиги пока саҥарбаппыт. Сөбүлэһэбит.

Дьиҥинэн уран 235 үчүгэй эрээри отой атын уран.

Холобура, дьахтар диэн эйигин туруор.

Аттыгар Полинаны туруор.

Бары атын атыҥҥыт буолбат дуо?

Ыйааһыҥҥыт, көрүҥҥүт, саааскыт атын атын.

Ол курдук эмиэ — уран 235.

Ол иһин, ядернай энергетиканы билбэт киһи ону эмиэ өйдөөбөт.

Аны ити этэр технологиябыт Россияҕа эрэ баар.

Ол иһин мин манна оҥотторо сатыыбын.

Америкаҕа бардаххына барытын саҥаттан (с нуля) саҕалыахха наада.

Биһиэхэ  бу кэмҥэ уот-сылаас наада.

Чэпчэки, туох даҕаны куттала суох. Безопаснай.

Оннугунан *ядернай энергетика эрэ буолар*

Инники аан дойдуга барыта итинник эрэ реактордар буолуохтара.

Барытын дириҥник көрүөххэ наада.

______

Примечание: Ядерные реакторы — это устройства, использующие уран для нагревания воды и создания потока пара, который вращает турбину, с помощью чего вырабатывается электричество.

_____

PS: Баҕар техническэй быһаарыыларга кыра алҕас баар буоллаҕына баалаамаҥ дуу.

Ис хоһоонун судургутук быһаарарга болҕомтобун уурдум.

Exit mobile version