(Салҕыыта) Үһүс чааһа.
Аан дойду үрдүнэн саамай баай киһи болҕомтотун туохха уурарый?
Бары фондалар “ким глобальной итийиини-сылыйыыны утары үлэлээччилэргэ эрэ харчы угабыт диэтилэр.
Инньэ гынан тугу гыннылар диэ?
Илон Маск Tesla электромобиллары оҥордо.
Буортута (без выбросов) суох.
Двигатель внутреннего сгорания.
Ону бастаан кириитикэлээн бөҕө буолбуттара.
Улахан фондалар өйөөбүттэрин кэннэ бары Tesla массыыналарыгар харчы бөҕө уктулар.
Онон, Илон Маск аан дойду үрдүнэн саамай баай киһи буолла.
Ити баар – улахан туоһу.
Салҕыы кинилэри кытары конкуреннаһар дьон комбинированнай массыынаны оҥорон барбыттара.
Ол аата дизелинэн үлэлиир.
Наада буоллаҕына аккумуляторынан үлэлиир.
Ону туран, фондалартан ким даҕаны комбинированнай (гибрид) массыынаҕа укпатаҕа.
Бүттэ.
Онон ол концерннар умайдылар.
Инньэ гынан бары электромобильга бара тураллар.
Россияҕа электромобиль киирэр кыаҕа да суох.
Инникитин даҕаны киириэ суоҕа.
Тоҕо?
Тоҕо диэтэххэ электромобиль диэн +6 кыраадыстан намыһах тымныы буолла даҕаны 70% туох баар эниэргийэтин бэйэтин сылытыытыгар (отопления) ыытар.
Саха сиригэр +6 кыраадыс хаһан даҕаны буолбатын кэриэтэ.
Сайын отучча күн буолар дуу, суох дуу.
Түүммүт кытары сайынын билигин тымныйда. +10, +15 эҥин буолар.
Сайын даҕаны электромобилы илдьэ сылдьар кыах суох манна.
Кини муҥутаан 500 км барар.
Онтон иитиэххин наада.
Сайын электромобиль Кэнкэмэҕэ дылы 46 км нэһиилэ кэлиэн сөп.
Куораттан кэлэ-бара сүүстэн тахса км.
Аны туран тымныы буолан, сүүрэригэр буолбакка, бэйэтин ититтэригэр иитиитин (заряд) туттар.
Ол иһин туран атыттар бары водороднай энергетикаҕа бара сатыыллар.
Билигин Россия учуонайдара барытын билэ-көрө сылдьаллар.
Государство харчы бөҕө укпута.
Мин 2012 сыллаахха водороднай энергетика генеральнай конструктордарын кытары көрсүбүтүм.
Михаил Прохоров Ё-мобиль массыыналары оҥорорунан улаханнык дьарыктаммыта. Кини главнай конструкторын Андрей Гинзбург кытары хас да чаас олорон кэпсэппиппит.
_____________________
Примечание: Двигатель внутреннего сгорания вырабатывает электроэнергию, и в движение машина приводится уже электродвигателем — расход на 100 км — 3,5 литра бензина.
В качестве второго топлива в машине используется природный газ.
Можно сказать, что сам автомобиль на 80% состоит из газа: многие составляющие «Е-мобиля» сделаны из полипропилена.
____________________
Технологиялара сыыһа.
«Манан барымаҥ. Сыаналаах (затратная) технология” — диэн этэ сатаабытым.
Аан дойдуга Европалар электромобиль оҥорорго инникилээн иһэбит диэн кэпсэнэллэр.
Европа генеральнай конструкторын булбутум.
Мин удаленно үлэлээбитим ыраатта.
Перевочик булан хас да ыйы быһа кэпсэтэммит, бүтэһигэр туох баар технологиялара хайдаҕын билбитим.
Россия киэнинээҕэр арыый үчүгэй.
“Маннык кыныахха наада, бииргэ үлэлэһиэххэ…” — диэбитин мин лабораториям даҕаны, тугум даҕаны суох буоллаҕа дии.
Мин теориятын билэр киһибин.
Ол гынан баран, бу технологияҕа Россияҕа наһаа элбэх конструкторскай сыыһа (задел) баар.
Аны барыта атын-атын институттарга, заводтарга бааллар.
Ону билэр киһи суоҕун кэриэтэ.
Бу биһиги аҕыйах киһи баарбыт.
Ол Европа конктрукторын “Россияны кытары үлэлээ…” — диэбиппин ылымматаҕа.
Европалар оҥоро сатыыллара билигин даҕаны сыыһа.
Эрэл барыта Илон Маска.
Тоҕо диэтэргин, киниэхэ элбэх Россия учуонайдара баран үлэлии сылдьаллар.
Ол иһигэр, мин билэр дьонум.
Илон Маск нууччалыы эҥин суруйар дииллэрин аахтыгыт ини…
PS: Баҕар техническэй быһаарыыларга кыра алҕас баар буоллаҕына баалаамаҥ дуу.
Ис хоһоонун судургутук быһаарарга уонна болҕомтобун уурдум.
Хос быһаарыылары бэйэм ааппыттан киллэртээтим.