Site icon SAKHALIFE

Чомчоевтыын алтыһыыттан — II

(Салҕыыта)

Иккис чааһа

Михаил Горбачев айылҕаны харыстыырга анаан Рио де Жанейро диэн декларацияҕа сөбүлэһии (соглашение) түһэрсибитэ.

_______

Примечание: Рио-де-Жанейрская декларация по окружающей среде и развитию принята Конференцией ООН по окружающей среде и развитию3–14 июня 1992 года

______

Ол кэннэ, ону Обама президенныы олорон глобальнай сылыйыыга миэрэ ылыахха диэн ааттаан, Парижка улахан мунньах оҥотторон “Парижское соглашение” диэн түһэттэрбитэ. Глобальнай сылыйыы утары үлэлииргэ диэн.

Ону бары судаарыстыбалар өйөөбүттэрэ.

Ол иһигэр Россия эмиэ.

_________

Примечание: Парижское соглашение было заключено в 2015 году.

Цель соглашения — удержать рост средней температуры на планете в пределах 1,5–2°C по отношению к соответствующему показателю доиндустриальной эпохи. Соглашение подразумевает сокращение выбросов парниковых газов и выделение развивающимся странам $100 млрд в год для решения экологических проблем

https://www.rbc.ru/politics/02/06/2017/5931353c9a794742bc8a5777

_________

Ону Дональд Трамп былааска кэлээт даҕаны маҥнай глобальнай сылыйыы суох диэбитэ. Уонна Америка Парижскай сөбүлэһииттэн (соглашение) дойдутун таһаарбыта.

Вице президеннаан олорбут Алберт Гор аан дойдуга биллибит эколог киһи Обама Президеҥҥа быыбарга турарыгар улаханнык өйөөбүтэ.

________

Примечание: 12 октября 2007 года Алберту Гору была присуждена Нобелевская премия мира за работу по защите окружающей среды и исследования по проблеме изменения климата[3].

_________

Трамп кэлин өйдөнөн, быыбарын хампаанньатыгар кырдьык итийии, сылыйыы баар эбит. Ол хайысхаҕа үлэлиэххэ наада диэбитэ даҕаны хойутаабыта.

Поезд кинини күүтэн турбакка бардаҕа дии.

Грета Тунберг тыл эппитин кэннэ туох баар сайдыылаах судаарыстыбаларын оҕолоро, эдэр студеннар кини хамсааһыныгар киирбиттэрэ. Сэбиэскэй саҕанааҕы пионерскай тэрилтэ курдук.

Ити хамсааһын Америкаҕа саамай күүстээх сайдыылаах.

_________________

Примечание: Гре́та Тинтин Элеонора Э́рнман Ту́нберг — шведская экологическая активистка, получившая международную известность и признание за продвижение мнения о неизбежном экзистенциальном кризисе для человечества в результате изменения климата.

_____________________

Мин санаабар, айылҕаны харыстааччы экологтар президеннарын Трампы сөбүлээбэккэлэр кинини утары бардылар.

Процесс похолодания

Билигин процесс похолодания бара турар диэн мин куруук этэбин.

Итинник цикл барбыта биэс хас сыл буолла.

Ол эргиир (цикл)  кэлбитэ локальнай буолбатах.

Глобальнай.

Киһи оҥорбут глобальнай сылыйыыта кэлэн  тымныйыыны кытары утарсаллар.

Ол утарсыы түмүгэр туох баар атмосфераҕа былыттаах, ардахтаах холоруктуу ытыллан хамсыыр салгын сүүрээнэ (циклон), уу халааннааһыннара эҥин тахса тураллар.

Элбэх дойду учуонайдара итини барытын өйдөөннөр, глобальнай итийиини-сылыыыны утары үлэлии олороллор.

Россия, Мозамбик учуонайдарыттан ураты.

Ол итийии, сылыйыы (глобальное потепление) эргиири (цикл) балтараа-икки кыраадыска кэһэр.

Маннык ылан толкуйдаатахха ити улахан температура.

Сир шарын хотугу полюһа  сыл аайы 50 км сыҕарыйан иһэр.

Аляска диэккиттэн Енисей диэкки баран иһэр.

Ону тоҕо оннук сыҕарыйарын наука эмиэ билбэт.

Ол оруобуна кэмигэр үс улахан периодтар холбоһоннор билигин салҕыы хайдах туох буоларын ким даҕаны билбэт.

Улахан аналитиктар өссө урут эппиттэрэ, хамсык (короновирус) диэн бытаххай кыһалҕа.

Сүрүн кыһалҕа – *глобальнай итийии-сылыйыы* (потепление).

Анатолий Чубайс

Мин бу күннэргэ куоракка кэлэн анаан үөрэттим.

Миллиардынан харчы бөҕө, баҕар триллионунан ылан “бу технологияҕа ону оҥоробун, маны оҥоробун…” — диэн саамай кэпсии сылдьар кэмигэр тоҕо Анатолий Чубайсы, үлэтин түмүгэ тахса илигинэ, Роснаноттан уураттылар диэн.

 “Чубайс будет курировать вопросы борьбы с глобальным потеплением и другими изменениями климата…” —  диэн сорохтор суруйдулар.

Өссө «Единая энергетическая система России» (ЕЭС России) үлэлии олорон Чубайс эппитэ:

— Атын учуонайдар этэллэрэ сөп. Айылҕаҕа буортулаах оттуктары кыччатыахпытын наада. (Сократить выбросы)

Парижскай сөбүлэһиигэ (соглашенияҕа) Чубайс үлэлэһэн дуогабарга илии баттаспыттара.

Ол иһин Чубайсы “Спецпредставитель президента по связям с международными организациями” диэн сүрдээх улахан дуоһунаска анаатылар.

Exit mobile version