Сэтинньи 24 күнүгэр Сергей Зверев — Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырыгар хомусчут-импровизатор, yоруоттар икки ардыларынааҕы уонна Арассыыйатааҕы күрэхтэр лауреата, СӨ култууратын туйгуна Георгий СЛЕПЦОВ – ЧА5ЫЛХАН көҕүлээһининэн сарсыарда эрдэттэн 3 түһүмэхтээх хомуска анаммыт дириҥ ис хоһоонноох маастар-кылаас буолан ааста. Ол кэннэ киэһэ 7 чаастан “PRO KHOMUS” диэн ааттаммыт улахан кэнсиэр-авторскай хомустар презентацията олору сааланы хомуйан бэрт үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Георгий Чаҕылхан аныгы кэм ирдэбилинэн уонна ис баҕатынан биир сиргэ олорбот, бэйэтин үлэтин таһынан, араас хабааннаах үлэҕэ сыстар, хомуска маастар-кылаастары тэрийэр, хомуска оонньуурга кыратыттан улахан дьоҥҥо дылы уһуйааччы быһыытынан эмиэ билинэбит. Дьэ, бу Георгий бырайыага “PRO KHOMUS” хомуска оонньооччулары, хомуһу сөбүлээччилэри, хомуһу сэҥээрээччилэри, хомусчуттар төрөппүттэрин, аймахтарын, доҕотторун-атастарын муста. Бииртэн биир чаҕылхай бөлөхтөр, ырыаһыттар, хомусчуттар үрдүк да таһымнаахтык кытыннылар.
Кэнсиэри иилээн-саҕалаан Үҥкүү тыйаатырын ырыаһыта Александр КАРМАНОВ ыытта. Улахан кэнсиэри “Гимн хомусу” ырыанан Ульяна ЗАХАРОВА салайар “Чэгиэн бөлөҕө” сахалыы мааны таҥастаах Далбар Хотуттар туох баар кыһамньыларын, дууһаларын ууран туран ыллаатылар. Аны хас хатыланар припевын аайы бука бары биир киһи курдук хомуска оонньууллар. Кинилэр бары биир курдуктар, наһаа сэргэхтэр, кэрэлэр. Инньэ гынан кэнсиэр саҕаланаат улахан бырааһынньык курдук үөрүүлээх быһыынан барда. Ыллаан бүтээт уһуйааччыларыгар Георгийга кэлэн иһэр хомус күнүнэн эҕэрдэ тылларын эттилэр, бэлэх туттардылар, сиртэн халлааҥҥа диэри махталларын анаатылар. Көрөөччүлэр БРАВО, БРАВО хаһыынан ытыстарын таһыннылар.
Георгий айар үлэ үөһүгэр сылдьар. Кини үлэлэһэр иккис бөлөҕө “Арыллыы” диэн ааттаах. Бу кэлэктиип Байаана Дагдай салайыытынан улам сылтан сыл сайдан иһэр. Кинилэр толорбут айымньыларын көрөөччүлэр эмиэ олуһун сөбүлээтилэр. Ытыс тыаһа хабыллан тыаһаата.
Уон сыл устата Үҥкүү тыйаатыр аатын соҕуруунан-хотунан, илиҥинэн-арҕаанан ааттатар, хомусчут-импровизатор, ырыаһыт Василена ШАРИНА — Улан биир идэлээҕин Георгийы кытары биир тэтимҥэ сылдьар. Василена Тыйаатырга хомуска анаммыт күрэхтэргэ, маастар-кылаастарга куруутун инники күөҥҥэ сылдьар. Улахан кэнсиэркэ кини хомуска сыыйа тардан дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан-ылла.
“Дохсун” бөлөххө аныгылыы сахалыы таҥастаах уонна киэргэллээх эдэр ыччат уонна Георгий көрөөччүлэргэ сахалыы күүстээх, ньиргиэрдээх, кыыл, көтөр хаһыылаах матыыптары хомуска таһааран оонньоотулар. Саал иһэ ньиргийэн олордо.
“PRO KHOMUS” кэнсиэркэ хомусчут Артур СЕМЕНОВ — Тоҥ Саха бу сырыыга хомустаабата, кини бэйэтин репертуарыттан “Туругурдуун” уонна “Санаабынан” ырыалары өрө көтөҕүллэн, күүстээхтик, дорҕоонноохтук ыллаата. Көрөөччүлэр махтанан быыстала суох таһыннылар.
Георгий Чаҕылхан айар куттаах атаһа-доҕоро элбэх. Кини тэрийбит бырайыагар хомусчут-импровизатор Алена СЛЕПЦОВА — Күн Чөмчүүнэ, “Арыллыы бөлөх” солистката Ньургуйаана НИКИФОРОВА, ырыаһыт Анастасия, хомусчут-импровизатор Надежда ВАРЛАМОВА — НАДИКАН, ырыаһыттар Мария СТАРКОВА, Василий НОВОПРИЕЗЖАЙ бары талааннаах ыччат наһаа да ис киирбэхтик, дууһаларын, этэргэ дылы сүрэхтэрин-быардарын ууран туран айымньыларын толордулар.
Улахан кэнсиэри виртуоз мира хомусчут, ааттаах-суоллаах Нарияна РЕНАНТО улаханнык киэргэттэ. Кини көрөөччүлэри хомус абылаҥар киллэрэн, куйаар устун илдьэ сырытта. Көрөөччүлэр ытыстара кытарыар дылы махтанан тохтообокко таһыннылар.
Тыйаатыр эдэр кэскиллээх ырыаһыта Александр Карманов Үҥкүү тыйаатырыгар үлэҕэ киириэҕиттэн хас эмит сольнай кэнсиэри, “Кыл Саха” төрүт дорҕоон, “Дьол” аныгы хайысхалаах муусука бөлөхтөрүн кытта тэрээһиҥҥэ араас ырыалары толорор, элбэхтик айанныыр, саҥаттан саҥа ырыалары Саха аркыастыр доҕуһуолунан толорор. Үөлээннээҕин Георгий кэнсиэригэр бэйэтэ талан “Сайылыгым Хотуна” уонна “Эгди буоламмын” ырыалары үрдүк таһымнаахтык толордо.
Түмүккэ, бырайыак ааптара, “PRO KHOMUS” бырайыак сүрүн дьоруойа Георгий Слепцов — Чаҕылхан көрөөччүлэрин кэлэн иһэр хомус күнүнэн уруйдаан-айхаллаан туран “Дьөһөгөй” уонна “Кыргыһыы чыпчаала” хомуска импровизациялары толордо. Тэрээһин үөрүүлээх быһыыга-майгыга түмүктэннэ.