Былаас туhугар утарыта турсуу

🔥КЫРДЬЫК ТУҺУГАР КИИРСИИ.

🔥ИСТОРИЯ ҮӨРЭҔЭ.

📕Балаҕан ыйын 9 күнүгэр Саха тыйаатырын Олоҥхо түһүлгэтигэр Иван НИКОЛАЕВ «ПРОТИВОСТОЯНИЕ» («Утарыта турсуу») кинигэтин сүрэхтээһин буолла. Ыҥырыы сурукка бу тэрээһини «Былаас уонна интеллигенция сэһэргэһиитэ» диэн чопчулаабыттар. Көрсүһүүгэ интеллигенция өттүттэн билим үлэһиттэрэ, норуот суруйааччылара, искусство, култуура биллэр-көстөр дьоно, бэлиитиктэр, суруналыыстар, устудьуоннар кэлбиттэр. Ол иһигэр бараммат сырдыкпыт буолар Авксентий МОРДИНОВ төрөппүт кыыһын, саха норуотун иннигэр өлбөөрбөт өҥөлөөх салайааччы Илья ВИНОКУРОВ төрөппүт уолун долгуйа көрдүбүт. Оттон былаас аатыттан бас остуолга олорбут режиссер Андрей БОРИСОВ, историк, ааптар Иван НИКОЛАЕВ, юрист Игорь НИКОЛАЕВ буолуохтара. Кинилэртэн иккитин биһиги айар эйгэ тумус дьонун курдук көрөбүт эрээри, бары өр кэмҥэ Ил Дарханнарга сүбэһит сололоохторун быһыытынан, былааһы сирэйдиир дьон буоллахтара. 

👓 «Интеллигенция — былаас уонна норуот икки ардыгар турар кыбытык (прослойка)» диэн сэбиэскэй кэмнээҕи үрдүк үөрэххэ үөрэтэр этилэр. «Сүрүннүүр күүстэр — былаас уонна норуот. Ол гынан баран кинилэр  интеллигенция нөҥүө бэйэ-бэйэлэрин кытта ситимнэһэллэр. Онон, интеллигенция туруга бу икки күүһү өстөөхтүү да оҥоруон сөп, түмсүүлээх, биир сомоҕо күүскэ да кубулутуон сөп» — диэн өйдөтөллөр этэ.

💼Оттон былаас уонна интеллигенция икки ардыларыгар ханнык да кыбытык суох буолбатах, урут да, билигин да ЧУНУОБУННЬУКТАР халыҥ кэккэлэрэ баар диэн көрөбүн. Онон, былаас-чунуобунньуктар-интеллигенция-норуот икки ардыларыгар төттөрү-таары сыһыан ииччэх-бааччах ситимиттэн дьиҥнээҕи өтө көрөн, кырдьыгы кылбатан таһаарыы — киһи аайы кыаллыбат уустук үлэ, өй-санаа уонна хорсун быһыы холбоһуута.

🔥ПРОТИВОСТОЯНИЕ — ХХ-с үйэтээҕи саха олоҕун долгуппут БАШАРИН ДЬЫАЛАТЫН билиҥҥи кэмтэн көрүү. Саха сырдык кута-сүрэ буолбут үс реалист суруйааччы ааттарын туруулаһыы — аҥардас интеллигенция иһинээҕи мөккүөр буолбакка, былаас былдьаһыытын хабыр киирсиитэ, биллэр-көстөр дьоммут утарыта турсуулара буолбутун оччотооҕу докумуоннар мөккүһүннэрбэт кырдьыктарыгар олоҕуран көрдөрүү. Ханнык да сололооҕу суулларар ньыма — кинини национализмҥа буруйдааһын буоларын итэҕэтии. Кэм-кэрдии бичигэр дьон ньургунун эрэ аата буолбакка — хобуоччу аата кытта хаалар аналлааҕын иһитиннэрии. Историяттан үөрэммэтэххэ кини тыйыс дьүүлүгэр хаһан эрэ син-биир түбэһиэххин сэрэтии.

✍🏼Кинигэ киирии тылын Ил Дархан Айсен НИКОЛАЕВ тус бэйэтинэн суруйбут. Илии баттааһыныгар солотун ыйбакка аҥардас аатын эрэ туруорбут: баһылык буолбакка, интеллигент быһыытынан суруйдум диэбит. Кини чорботон Илья ВИНОКУРОВ кырдьык туһугар булгуруйбат модун санаатын бэлиэтээбит.

🎯Суруйуу түһүмэхтэрэ бэргэнник, кыргыһыы тыынын толору тириэрдэр тылларынан ааттаммыттар (наступление, вмешательство, перелом, разгром, крах, добивание, развал, вечный бой…), баайыыта эмиэ хас биирдии хардыытын ааҕан-суоттаан баран дохсуннук кимэн киирэр сэрииһит хамнаныытынан сайдар.

🔥Георгий БАШАРИН үлэтэ уонна олоҕун туһугар киирсиитэ; Илья ВИНОКУРОВ-Семен БОРИСОВ, Гавриил ЧИРЯЕВ-Владимир ПАВЛОВ: ким эрэ былаас туһугар, ким эрэ кырдьык туһугар утарыта турсуулара; киин былаас дьүүллүүр да, хараанныыр да дьайыыта омук кутун-сүрүн өр кэмнээх тургутуу буолан арыллар. Түмүгэр, ааптар улахан салайааччыны үчүгэй-куһаҕан эрэ диэн өйдөбүлгэ хаалларбакка, киниэхэ мөкүнү дуу, үтүөнү дуу оҥорбута элбэҕинэн көрөн сыһыаннаһыахтаахпыт диэн улуу кытай үөрэҕин ааҕааччыга аҕалар.

❌Биһиги дойдубутугар салалта туораатын кытта кинини күн сарсыҥҥыттан умнар, хараардар, пааматынньыктарын суулларар, кинилэргэ «үчүгэй» эбэтэр «куһаҕан» эрэ диэн даҕааһыны сыбыыр түктэри көстүү баар. Холобур, АХШ Сенатыгар үлэлээн ааспыт бэрэсидьиэннэрэ дьэ, бары кэккэлээн тураллар. Ким эрэ элбэх үтүөнү оҥорбут, ким эрэ элбэх мөкүнү оҥорбут: хас биирдиилэрэ бачча кэмҥэ дойдуну салайбыттар, дойду историятыгар киирбиттэр. Хас биирдиилэрэ история учууталлара буолан, сенатордары үөрэтэ, сэрэтэ, толкуйдата тураллар: миигин батыс эбэтэр батыһыма, маны сыыспытым, ону эн хатылаама, маны ситиспэтэҕим, ону эн ситис — диэн.

🇷🇺Ааптар бу сыллар тухары арахпакка былаас эргимтэтигэр сылдьан айар, суруйар, толкуйдуур. Онон эмиэ атын суруйааччылартан уратылаах, ордук салайааччы үлэтин эридьиэстииригэр кини уйулҕатын өйдүүрэ, быһыыны-майгыны иһиттэн билэрэ көстөр, быыһыгар, бэйэтин сорох кэмнээҕи туругун да быыһаан ылар бадахтаах (…осуждать их нельзя — внешние обстоятельства оказались сильнее их внутренних убеждений).

🤝Иван НИКОЛАЕВ уран сурук хонуутугар бииргэ үктэммит үөлээннээҕим уонна биир дойдулааҕым буолар. 1987 с. саха суруйааччылара икки аҥы хайда иликтэринээҕи бүтэһик, историяҕа киирэр Эдэр суруйааччыларга тэрийбит 13-с мунньахтара буолбута. Бу мунньахха мин аатым иһиллиитэ айар-суруйар эйгэҕэ эмискэ уонна соһуччу этэ: мин биир да бэчээккэ тахса илик, биир да суруйааччылыын-суруналыыстыын атах тэпсэн ылбатах, Хабаровскайга үөрэммит буолан, саха тылын идэлээхтэригэр олох сабыс-саҥа киһи этим. Мунньах көрүүтүгэр киллэрбит 9 хоһоонум таһынан «Кутургуйа» диэн кылгас кэпсээннээх буоламмын, проза секциятыгар эмиэ сырытыннарбыттара.

😍Онно биир эргиччи мичээрдии сылдьар эдэркээн уолу «бу истибэт уонна саҥарбат уол «Нобелевскай бириэмийэ» диэн кэпсээни суруйбут» диэн этэллэр, ыйан көрдөрөллөр этэ. Онуоха мин 1985 с. Саха тыйаатырын эдэр режиссера Андрей БОРИСОВ Хабаровскайга саха устудьуоннарын кытта көрсүһэригэр: «Туох эрэ дьиктилээх дьон киһиттэн таһыччы дьоҕурдаах буолаллар, холобур, мин истибэт уонна саҥарбат эрээри ханнык баҕарар хайысхаҕа тута толкуйдуу, айа-суруйа охсор улуу талааннаах эдэр киһини билэбин» диэбитин өйдүү түспүтүм. Суруйааччылар бу уол кэпсээнин «…уонна сахалар хаһан ол Нобелевскай бириэмийэҕэ тиксиэхтэрин баран, хой баһа буоллаҕа» диэн хос саҥалаах да буоллар, хомуурунньукка киллэрэргэ диэн куоластаабыттара. (1988 с. СУОЛ ТӨРДҮГЭР хомуурунньук). Дьэ, ол айар суолбут төрдүгэр бииргэ тахсыбыт үрдүк ыра санаалаах үөлээннээҕим бастаан Андрей БОРИСОВ (Андрей Саввич сценаҕа туруорбут бастыҥ айымньыларым Иван Игнатьевичтыын кэпсэтии түмүгэр үөскээбиттэрэ диэн этээччи), онтон Бастакы Бэрэсидьиэн Михаил НИКОЛАЕВ көстүбэт сүбэһиттэрэ буолбута, билигин былаас федеральнай таһымыгар эксперинэн үлэлиир быһыыта, соҕотох саха киһитэ.

📚Кини бастаан Иван Ушницкайдыын хааннаах репрессия дьулаан кэмин хатыылаах аанын арыйан, («Центральное дело») саха өйүн-санаатын уолуппуттарын өйдүүр буолуохтааххыт. Билигин кини барыта 12 кинигэни, ол иһигэр билим монографияларыгар тэҥнээх «Сокровенная история Республики», «Происхождение народа саха и его геокультурного наследия» диэн сүдү үлэлэри норуотугар бэлэхтээтэ. Биһиги саастыылаахтар эдэркээн түөспүтүнэн көрсүбүт 90-с сылларбыт туһунан дириҥ көрүүлээх суруйуулара күннээх халлаан дуоҕалаах күүрээннээх кэммит өлбөт-сүппэт мэҥэтигэр тэҥнээхтэр. Урут сиэбигэр укта сылдьар кумааҕы сорҕолоругар түргэн-түргэнник суруйан дьону кытта кэпсэтэр буоллаҕына, билигин кини — санаатын толору этинэр гына бэйэтин эрчийбит, эр киһи, уол оҕо дьулуурдаах модун санаатын бүтүн олоҕунан бигэргэтэр эр бэрдэ.

🌈Көрсүһүүгэ кэлбит «Түмэн» ыччат түмсүүтүн кыттыылаахтара: «Иван Игнатьевич, эн айымньыларыҥ биһигини төрөөбүт сахабыт омугун таптыырга, кининэн киэн туттарга үөрэтэллэр, сахабыт кэскилин туруулаһарга сирдииллэр» — диэн уу сахалыы чоргуйбуттара бу көрсүһүү чыпчаала буолла дии санаатым.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх