“БОМЖ” эмиэ киһи ээ…
Ийэттэн-аҕаттан айыллан, күн сирин көрдөҕө…
Сайын буолан, киин куораппытыгар мээнэ сылдьар, ханна да түптээн олорбот, үлэтэ суох “бомжтар” элбээбиттэрин курдук элбииллэр. Ускул-тэскил сылдьар дьон ордук оптуобус вокзалын таһыгар “үөрүнэн” сылдьалларын, “Сайсары” ырыынакка бөх хаһа туралларын, атыы-эргиэн кииннэрин иннигэр умналыы олороллорун үгүстүк көрөбүт. Хомойуох иһин, “бомжтар” баһыйар өттүлэрэ сахалар, бэйэбит дьоммут, дьүһүн-бодо буолан сылдьаахтыыллар… Маннык курус көстүү олохпут биир тыын кыһалҕата буолар.
Түөлбэлээн мустар сирдэрэ – оптуобус вокзала
Бастакы тиийбит сирим умнаһыттар саамай мустар сирдэрэ оптуобус вокзала буолар. Умнаһыттаабыта ырааппыта сирэйигэр-хараҕар көстө сылдьар эдэрчи киһи харчы көрдөөн ынньаҕалаппатын диэн, хаһыаттан сылдьарбын этэн, суостаах соҕус көрүҥмүн киллэрэн туран, бүөмнээн кэпсэтиигэ ыҥырабын. Киһим, тоҕо эбитэ буолла, тута улгумнук сөбүлэстэ.
Итирик киһини бырастыы гымматтар
Гоша:
– Уус Алдан Тумулуттан сылдьабын. Бэйэм сылгыһыппын. Үлэлэтэн баран, харчы биэрбэтэхтэриттэн санаам түһэн сылдьабын. Горнайга тутуу тэрилтэтигэр, дьиэ тутуутугар 3 ый, олунньуттан ыам ыйыгар диэри үлэлээбит хамнаспытын биэрбэтилэр, албыннаатылар. “Адгезия” тэрилтэ, дьиҥинэн, хамнаспытын биэрбит эбит. Ону биһигини үлэлэтэ илдьэ барбыт киһи албыннаан кэбистэ. Бастаан үлэлиирбитигэр абаанса диэн кыра 10-20 тыһ. “айах бүөлээһин” курдук харчы биэрбиттэрэ. Үлэбитин күҥҥэ куубунан диэн кэпсэппиппит. Кууба – 4700 солк, ол эбэтэр булуогунан ааҕан таһаардахха, күн устата 60 булуогу ууруохтаахпыт. Аһылыкпытыгар хамнаспытыттан туталлар этэ.
– Ханна хонон, олорон сылдьаҕыт?
– Сайыҥҥы бириэмэҕэ ханна баҕарар хоно сылдьыахха сөп – дьиэ анныгар, хонууга да буоллун. Сороҕор оол-ол көстөр (автовокзал диэки ыйар) турбалар анныларыгар утуйабыт. Ол эрээри бырдаҕа сүгүннээбэт, ардах эмиэ мэһэйдиир.
– Хантан сылдьаҕытый?
– Үксүбүт илин эҥээрдэрбит – Уус Алдан, Нам, Покровскай, Майа, Чурапчы, Горнай…
Кэлбит-барбыт дьонтон харчы көрдүүллэр
* * *
Кэпсэтэ турдахпытына, сааһырбыт икки дьахтар ааһан иһэн: “Бүгүн аһаталлар үһү дуу?” – диэн ыйытан ааһаллар. Бадаҕа, бары бэйэ-бэйэлэрин үчүгэйдик “эн, мин” дэһэн билсэллэр быһыылаах.
– Ити ханна аһаталларын ыйыталларый?
– Нэдиэлэҕэ, холобура, субуотаҕа 2-тэ аһаталлар: сарсыарда 11-тэн уонна эбиэккэ 13 чааска. Бүгүн, чэппиэргэ, манна оптуобус вокзалын диэки, таксилар тохтуур сирдэригэр, онтон атын күннэргэ ол көстөр таҥара дьиэтин анараа өттүгэр искибиэргэ.
– Күҥҥэ иккитэ?
– Сарсыарда – атыттар, онтон эбиэт саҕана атын кимнээх эрэ кэлэн аһаталлар. Олор киэннэрэ олох дьиэ аһылыгын курдук – мииннээх, торуойдаах, кэмпиэттээх, сакалааттаах, үүттээх чэйдээх буолар.
– Төһө элбэх киһи кэлэн аһыыр?
– Буолунай.
– Ханнык күннэргэ кэлэн аһаталларый?
– Бэнидиэнньиккэ, оптуорунньукка кэлбэттэр. Чэппиэр, бээтинсэ, субуота күннэргэ кэлэн аһаталлар.
– Оччотугар аһаан абыраммыккыт дии.
– Дьэ, ким билэр. Туох диэххэ сөп эбитэ буолла. Баҕар, кинилэр итинник аһаппаттара буоллар, биһиги маннык сылдьыа, мустуо суох этибит.
– Дьиэ кэргэннээххин дуу?
– Суох. Тугум да суох. Ыал буолбатаҕым. Кэргэннээҕим, оҕолордооҕум буоллар, маннык сылдьыа этим дуо?
– Үчүгэй олоххо төннүөххүн баҕарбаккын дуо?
– Сөп бөҕө буоллаҕа. Чэ, эр киһи көнүөн сөп. Оттон дьахтар көнөрө уустук. Куһаҕанын талан эттэххэ, дьахтары балыыһаҕа симэн, күүс өттүнэн эмтээн, төнүннэриэххэ сөбө эбитэ буолуо эрээри, саарбах. Эр киһи 2-3 күн сытан, хаанын дэлби ыраастатан син үчүгэй буолуо. 20-25 саастаах эдэркээн баҕайы кыргыттар бааллар ээ. Бэҕэһээ хотуттан сылдьар 25-тээх кыыһы көрбүтүм, олох оҕо оҕотунан, дьиҥэр эттэххэ, мин оҕом кэриэтэ.
– Эн хастааххыный?
– 41 саастаахпын. Миигиннээҕэр саастаах дьон элбэх.
– Бэйэ-бэйэҕитин кытта билсэҕит дуу?
– Билсибэтэххинэ, хайдах сылдьыаххыный?
– Охсуһуу, ону-маны кыайан үллэстибэт түгэн диэн баар дуу?
– Охсуһуу диэн олох суох. Уоруу баар быһыылаах. Ол курдук, итирик киһи ыскамыайкаҕа утуйа сытар буоллаҕына – бүттэ. Тугун барытын “ыраастаан” кэбиһэллэр. Баҕар, кини учуонай буоллун, учуутал буоллун. Оннук киһи “киирэн биэриэн” эрэ наада.
– Куорат “оройуоннарынан” арахсыы диэн баар дуу?
– Баар – оптуобус вокзала, Бааһынай, Столичнай ырыынактар, 17-с кыбартаал, Сайсары диэбит курдуктарга арахсар. Мин Сайсары диэки баар дьоҥҥо “туора киһибин”, ылымматтар.
– Кыһыҥҥы тымныыга элбиигит дуу?
– Кыһыҥҥы өттүгэр биир Миисэ диэн киһи баар. Улахан Аан диэн дуу, Уулаах Аан диэн дуу дэриэбинэҕэ, ханна даҕаны барар сирдэрэ суох дьону илдьэн, хотон үлэтигэр хамнастаан үлэлэтэр. Онно буолунай киһи барар, бэйэтэ Санта-Барбара…
* * *
Сүгүн-саҕын кэпсэтиннэрбэттэр. Аттыбытынан эдэркээн уолаттар, кыргыттар кэлэн ааһаллар, эбиитин кулгааҕар тугу эрэ сибигинэйэллэр. Кимнээҕин туоһуласпыппар: “Иһээччилэр. Эдэркээн баҕайы оҕолор. Дьэ, итилэри аһыныахха сөп”, – диир.
– Бу дьон ортотугар, чахчы, үчүгэй суолунан сылдьыахпын баҕарабын диир дьон бааллар дуу?
– Бааллар бөҕө буоллаҕа. “Киһи” буолалларын туоһулуур докумуоннарын сүтэрэн, быстах суолга үктэммиттэр, чугас өйүүр-убуур киһитэ суохтар, элбэх буоллаҕа…
“Эдэрдэр” атаҕастыыллар
– Хантан сылдьаҕын?
– Горнайтан, Светлана Ф. диэммин. 4 оҕолоохпун. 3 улаханым – ыаллар, 7 сиэннээхпин. Кырам муусука оскуолатыгар искириипкэҕэ үөрэнэр.
– Сааһыҥ төһөнүй?
– Атырдьах ыйын 31 күнүгэр 55 сааспын туолуом.
– Хайдах маннык олоххо тиийэн хааллыҥ?
– Урут оҕонньорум иһэ-иһэ, оҕолорум көрөллөрүгэр миигин кырбыыр этэ. Туох баарбын барытын тосту охсон, бүттэлээх сирим суох.
Бэйэм дьиҥнээх ийэҕэ, аҕаҕа иитиллибэтэҕим. Маачаха ийэҕэ иитиллибитим, өлбүтэ. Төрөппүт ийэм тыыннаах. Бэйэм табаҕы олох тарпаппын. Ол эрээри, миигин бырастыы гын, билигин бу иһэ-аһыы сылдьабын.
– Ханнааҕы харчыгынан аһыы-сии сылдьаҕын?
– Биэнсийэлээхпин. 22 тыһыынчаны ылабын. Үйэм тухары ыанньыксыттаабытым, хара үлэҕэ үлэлээбитим. “Алмаасэргиэнбаантан” уолбар дьиэ туттарыгар анаан 100 тыһ. солк. кирэдьиит ылбытым. Ону 5 сыл төлөөн бүтэрдим.
– Төһө өр буолла, маннык сылдьыбытыҥ?
– Биир ый. Маҕарастан кэлэ-бара, киирэ-тахса сылдьабын. Бу олохтон сылайдым. Көнүөхпүн, киһи киһи курдук үчүгэйдик олоруохпун баҕарабын ээ, баҕарбат буолбатахпын. Үксэ сахалар маннык сылдьабыт, охсуһа-этиһэ. Эдэрдэрбит дьаабылар. Биһигини кырдьаҕастар диэбэттэр, сээкэйбитин былдьыыллар, охсуолууллар, этиһэллэр эҥин. Дьонтон харчыларын уораллар.
– Оттон маннык сылдьан хамсыкка эҥин хаптарбаккыт дуо?
– Мааскаланааччыбын, этэҥҥэбин, хаптара иликпин.
Мунан хаалан “Тирэхпин” кыайан булбакка сылдьабын
Ыстапаан Новиков диэммин, 68-пар бардым, сааһым ыраатта. Амма Эмиһиттэн сылдьабын. Бэйэм мэлэдьииспин, байаанньыппын. Дьокуускайдааҕы культпросветы үөрэнэн бүтэрбитим. Ыал буола сылдьыбытым, Уус Алдан Сыырдааҕар олорбутум. Биир кыыстаахпын, учуутал.
– Тоҕо маннык олоҕу таллыҥ?
– Соҕотох хааллаҕым дии. Амма Эмиһигэр дьиэбэр тиийбиппэр, социальнай үлэһиттэрэ интэринээккэ киллэрбиттэрэ. Билигин “Тирэххэ” олорбутум 3-4 ый буолла.
– Көҥүллүүллэр дуо, маннык тахсан сылдьаргытын?
– Бырааппын көрсө диэн бэҕэһээ тахсыбытым уонна сылдьабын, төттөрү киирэ иликпин. Быраатым Маяковскай уулуссаҕа олорор, сатаан булан тиийбэтэҕим. Бэйэм куораты олох билбэппин. Билэрим эрэ – оптуобус вокзала. Ол иһин манна кэлэн хаалан баран сылдьабын.
– Оттон “Тирэххэр” төттөрү барыаххын?
– Онно хайдах тиийэрбин, хаһыс оптуобус барарын билбэппин ээ, дэриэбинэттэн сылдьар буоламмын.
Орто дойдуга чороҥ соҕотохпун
Бааһынай ырыынагын тохтобулугар хара сарсыардаттан (11 чаас диэки) дьонтон харчы көрдүү сылдьар, арыгытын дьаара ааһа илик сааһырбыт дьахтарга чугаһаан кэпсэтэбин. Буоларын курдук, мааска диэн мэлиһээй. Ыарыы хаттаан “тиллибит” кэмигэр сэрэхтээх да буоллар, тэйиччи дистанцияны тутуһан туран, мааска нөҥүө кэпсэтэбин.
– Сарсыардаттан тоҕо “кур” сылдьаҕыный?
– Оҕонньорум өлбүтэ, харчым туохха даҕаны тиийбэт, олоҕум ыарахан.
– Оттон оҕолоруҥ, чугас дьонуҥ суохтар дуо?
– Кимим даҕаны суох. Эгэ, аймах кэлиэ дуо? Үстэ ыал буола сылдьыбытым даҕаны, таҥара оҕону биэрбэтэҕэ.
– Хас саастааххыный? Хантан төрүттээххиний?
– 60-нум. Таатта Ытык Күөлэбин. Людмила Васильевна Т. диэммин. Манна куоракка дьиэ арыандалаан олоробун. Бу көрөр улахан дьиэҕэ (ырыынак утары 16 этээстээх дьиэлэри көрдөрөр) консьержкалыыбын, икки күн үлэлиибин, икки күн өрүүбүн (кырдьык эрэ, сымыйа эрэ). Биэнсийэм – 10 тыһыынча, хамнаһым эмиэ оччо. Ол эрээри сүгүн-саҕын биэрбэккэ эрэйдииллэр.
– Уулуссаҕа маннык туруктаах сылдьан харчыгын былдьаппаккын дуо?
– Былдьатан буоллаҕа дии. Бу соторутааҕыта 5000-ны уордарбытым. Чэ, харчыта биэр эрэ, саатар, килиэп ылынарбар.
Утары уумматахпар: “Билигин баайдык-тоттук көстүбүтүҥ иһин…”– диэн ыыс-бурут хаарыйар тыллардаах ыыстаан барбытыгар, атахха биллэрдим. Кини күөх моҕойу “атас” оҥостубутугар тулатынааҕы дьон туох буруйдаахтара эбитэ буолла? Дьэ, буолан истэхпит…
Волонтёрдуун кэпсэтии
Оптуобус вокзалын аттыгар эбиэт аҕалан, ускул-тэскил сылдьар дьону аһата кэлбит волонтёр Анна Слепцовалыын кэпсэтэбин. Кыбыһыннарбын даҕаны, хайыахпыный, “марай-сарай” дьон быыһыгар кыбыллан, суруйар тиэмэбэр “бултаһа” сылдьар киһи сиэринэн, ас түҥэтэн бүтэрин кэтэһэбин. Хата, аламаҕай, кэпсэтинньэҥ эдэр кыыс буолан биэрдэ.
– Тугу дьарыктанар тэрилтэҕитий?
– Биһиги тэрилтэбит – “Путь Преодоления” диэн реабилитационнай кииммит Саха сиригэр баар буолбута 6-с сылыгар барда. Арассыыйа иһигэр маннык 15 киин тэриллэн үлэлиир. Бу кииҥҥэ аһыы утахха, норкуотукка ылларбыт, барар-кэлэр сирдэрэ суох, маны тэҥэ хаайыыттан тахсыбыт дьон реабилитацияны ааһаллар.
– Билигин төһө киһи олороруй? Хас ый олоруохтарын сөбүй?
– Билиҥҥитэ Дьокуускай куоракка 2 киин үлэлиир. Көмөҕө наадыйар дьон элбэх. Маннык дьон сайынын сылаас кэмҥэ аҕыйыыллар, кыһынын элбииллэр. Толору реабилитацияны 2 ый ааһаллар, ол эрээри сорохтор кэлэр-барар сирдэрэ суох буоллаҕына, өр буолуохтарын эмиэ сөп. Бүгүҥҥү туругунан 20 киһи олорор.
– Дьэ, бу дьоҥҥутун кытта хайдах, туох үлэ ыытылларый? Хантан булан ылаҕытый биитэр бэйэлэрэ кэлэллэр дуу? Баҕа өттүнэн кэлээччи баар дуу?
– Дьон бэйэлэрэ төлөпүөннээн билсэллэр эбэтэр аймахтара ыыталлар. Биһиги сүрүн үлэбит диэн, бастатан туран, олорор сиринэн хааччыйабыт. Араас туруктаах дьон кэлэллэр, олору аһатан-сиэтэн, сууйан-тараан бэттэх аҕалабыт. Хас биирдиилэрин кытта кэпсэтэбит. Туох кыһалҕалаахтарын кэпсииллэр. Үгүстэрэ олорор сирдэрэ суох буолар, докумуоннарын оҥортороллоругар көмөлөһөбүт. Хас биирдии киһи бэйэтин баҕатынан кэлэр, олорор усулуобуйаны кытта сөбүлэһэр. Холобур, дьахталлар дьиэ ис үлэтигэр ас астаан, оҕуруот аһын олордон көмөлөһөллөр, иистэнэллэр. Эр дьон эмиэ үлэ тэрэпиийэтин ааһаллар, дьиэ ис-тас үлэтигэр көмөлөһөллөр. Чугас дьоннорун-сэргэлэрин кытта сибээһи тутуһаллар.
– Хайдах дьон кэлэллэрий? Бомжтар, арыгыһыттар эбэтэр ханна да барар-кэлэр сирэ суох дьон дуу?
– Ордук арыгыһыттар уонна хаайыыттан тахсыбыт, ханна даҕаны кэлэр-барар сирдэрэ суох эр дьон кэлэллэр. Аймахтара тэйбит, кинилэртэн аккаастаммыт дьон элбэх.
– Саастарынан ылан көрдөххө…
– Улахан аҥаардара орто саастаах дьон, эдэрдэр да бааллар, холобур, 20-тэн үөһэ саастаахтар.
– Көнөр суолга киирэн, урукку олохторугар төннөллөр дуу?
– Реабилитацияны толору ааспыт киһи ордук үчүгэйгэ талаһар, өйдөнөр, чугас аймахтарын кытта билсэн, көнөр суолга турар. Хомойуох иһин, сорох урукку суолугар төннөр. Араас өйдөөх-санаалаах дьон барыта баар. Хас биирдиилэрин кытта тус-туспа үлэлэһэ сатыыбыт. Үчүгэй суолга турбут дьон, үгүстэрэ үлэлэригэр төннөллөр, чугас дьоннорун кытта уопсай тыл булан, этэҥҥэ сылдьаллар.
– Тэриллиэххититтэн төһө ускул-тэскил сылдьар киһи бу киин иһинэн ааспыта буолуой?
– Бу кэм устата бэрт үгүс киһи кэлэн аастаҕа, ол эрээри иккистээн төннөр дьон бааллар, суох буолбатахтар.
– Маннык олоххо тиийэллэрин сүрүн төрүөтэ туох эбитий? Биир эмэ уустук түгэни кэпсиириҥ буоллар.
– Улахан аҥаардара арыгы содулугар түбэһэллэр. Биир эдэр кыыс көмөҕө наадыйан кэлбитэ. Үлэтэ суох хаалан, оҕолорун былдьатан, кэргэниттэн, аймахтарыттан арахсан, олорор да сирэ суох хаалбыт этэ. Олоҕун ол уустук кэмигэр биһиэхэ кэлэн, реабилитация ааһан, олоҕун ыарахаттарын өйдөөн, көнөр суолга туруммута. Оҕолорун бэйэтигэр ылан, билигин этэҥҥэ олорор.
– Чэппиэр аайы оптуобус вокзалыгар “бомжтары” аһатар эбиккит.
– Нэдиэлэҕэ биир күн кэлэн, дьону аһатабыт. Маны тэҥэ көмөҕө наадыйар дьону ыйыталаһабыт, билсэбит. Итии чэй, торуой, килиэп бэлэмнээн аһатабыт.
– Бомжтар сорохторо: “Кэлэн аһатар дьон суоҕа буоллар, баҕар, маннык сылдьыа суох этибит. Бэлэми аһыыр буоллахпыт”, – дэһэллэр.
– Кэлэн аһатарбытыгар мэлдьи кэпсэтэбит, кыһалҕаларын ыйыталаһабыт. Мэлдьи сылдьар дьон бааллар, кэтэһэн сылдьар буолаллар. Маннык өйөбүл, алтыһыы, кинилэр олохторугар эрэл кыымын саҕар дии саныыбын. Киһиэхэ, дьиҥэр, кыра да көмө, болҕомто наада эбээт. Сүрдээҕин махтаналлар ээ. Олох бүппүт дьон буолбатахтар.
– Араас ыарыылаах дьон бааллара буолуо дии. Хайдах харыстанан үлэлиигитий, ордук, хамсык кэмигэр?
– Араас дьону кытта алтыһар буоламмыт, доруобуйабытын күүскэ көрүнэбит. Үлэһиттэр бары быһыы ылбыппыт. Эппитин-сииммитин, илиибитин мэлдьи сууна сылдьабыт. Үлэлиир, дьоммут олорор дьиэлэрэ хайаан даҕаны дезинфекцияланар. Реабилитаннар анаалыһы бары ааһаллар.
– Уулусса бомжтарын кытта алтыһаргытыгар сиргэммэккит, ыарыыга сыстыахпыт диэн саллыбаккыт дуо?
– Биһиги “контингеммыт” оннук буоллаҕа. Сиргэнэ оонньуу сырыттахпытына, ким кинилэри “сээн” диэн, киһилии сыһыаннаһыай? Онто да суох уопсастыбаттан туора көрүллүбүт дьон буоллахтара. Ханнык да түгэҥҥэ киһиэхэ киһилии сыһыан син биир наада. Оччоҕуна эрэ сөптөөх суолга туран, киһилии сиэри-майгыны ылыныахтара.
– Олох буорту буола илик эдэркээн уолаттар, кыргыттар бааллар дуу?
– Үгүс эдэр дьон аймахтарын кытта тапсыбакка, дьиэлэриттэн-уоттарыттан тэйэн хаалаллара улахан кыһалҕаҕа кубулуйар эбит. Тус кыһалҕаларын кытта соҕотоҕун, турар бэйэлэринэн хаалаллар. Оннук эдэр дьон бааллар.
– Улуустарынан ылан көрдөххө…
– Бүлүү, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү улуустарыттан элбэхтэр. Хотуттан сылдьар дьон аҕыйах.
– Туох аахсыйалары ыытаҕытый?
– Нэдиэлэҕэ биир күн “Светофор” маҕаһыыҥҥа баран, “Корзина помощи” диэн аахсыйа ыытабыт. Бу аахсыйа соҕотох ийэлэргэ, элбэх оҕолоох ыалларга ананар. Волонтёрдар дьоҥҥо кэпсээн, информацияны тарҕатабыт. Корзинабыт туолла даҕаны, сайаапка хаалларбыт дьоҥҥо олорор аадырыстарынан илдьэн биэрэбит. Кэнники кэмҥэ бу аахсыйабытыгар дьон-сэргэ көхтөөхтүк кыттан, маҕаһыыҥҥа турар корзинабытыгар бородуукта уурар дьон син элбээн эрэр, ол эбэтэр дьон кыһалҕатын чугастык ылынар дьон баар эбиттэр диэн өйдүүгүн. Ис сүрэхтэриттэн бородуукта уурар дьон “Дьоҥҥо көмөлөһөҕүт”, – диэн үөрэллэр, санааларын этэллэр. Көмө оҥоһуллар дьон үөрэллэр, махтаналлар. Онон, хайдах, туох таһымнаах дьоҥҥо көмөлөһөрбүтүттэн тутулуга суох, оҥорор дьыалабытыттан астынабыт.
– Дьон эһигини хайдах булан кэлиэхтэрин сөбүй?
– Социальнай ситимнэргэ “Путь Преодоления” диэн хантаактаахпыт, онон сибээстэһиэхтэрин сөп.
– Үлэлээбитиҥ син балачча кэм буолбут киһи быһыытынан кэтээн көрүүҥ, тус санааҥ?
– Ускул-тэскил сылдьыы – хайа баҕарар норуокка урут-уруккуттан баар. Сахаларга эмиэ тэнийбит көстүү, кэнники сылларга өссө элбии турар. Онон маннык араҥаҕа, саатар, кыратык да буоллар, көмөлөһөр, өйүүр-убуур, кинилэр инники олохторугар сырдыкка тардыһалларыгар үтүө санаа илиитин утары ууран көмөлөһүөх тустаахпыт. Маннык көмөҕө арыгыһыт, уулуссаҕа мээнэ эрэ сылдьар дьон наадыйаллар диэн буолбатах, маны тэҥэ кырдьаҕас, эдэр дьон, соҕотох ийэлэр эмиэ наадыйаллар эбээт. Киһи тус кыһалҕатын, эрэйин-муҥун кытта соҕотох хаалан, барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буоларын саҕа мөкү, ама, туох баар буолуой?! Онто да суох уустук олохпутугар бэйэ-бэйэни өйдөһүү, көмөлөсүһүү, олохторун ыарахан түгэнигэр илиибитин уунуохпутун наада. Оччоҕо дьон да санаата уларыйыа, инникигэ эрэллээх буолуо этэ.
Түмүк санаа
Бу суруйуу кэнниттэн миэхэ “Былаас бомжтар диэки хайыһыа дуо?” диэн ыйытык үөскүүр. Ускул-тэскил, үтүөх-батаах сылдьыы бу уопсастыба төбөтүн ыарыыта буолан, социальнай кыһалҕаҕа кубулуйбута мэлдьэх буолбатах. Сайын буолан, итии күннэр тураннар, бэйдиэ, мээнэ сылдьар “бомжтарбыт” кыһыҥҥы “арҕахтарыттан”, таас дьиэлэр тэхиниичэскэй этээстэриттэн оронон тахсан, ханна түбэһиэх олороллор, утуйаллар. Аны куруук өйдөөх буолбаттар, кур холуочук элбэх дьон аалыҥнаһар сиригэр, кыра оҕолор харахтарын далыгар сылдьаллар. Кинилэр ортолоругар араас сыстыганнаах ыарыылаах, социальнай өттүнэн сэрэхтээх дьон уопсастыбаҕа кутталы үөскэтэллэр.
Ол эрээри олох суолугар бүдүрүйбүт дьон ортотугар олоххо тардыһыылаах, киһи-хара буола сатыыр дьон бааллар. Онон, маннык дьону туора садьыйан кэбиспэккэ, былаас өттүттэн болҕомтоҕо ылан реабилитациялыыр үлэ, үлэнэн хааччыйыы курдук дьаһаллар ылыллыахтарын наада. “Бомж” эмиэ киһи ээ. Кини эмиэ ийэттэн-аҕаттан айыллан күн сирин көрдөҕө…Бэйэ кэр.
+7 (999) 174-67-82