Билии күнүгэр — ураты кылаас чааһа
Бүгүҥүттэн оҕолор саҥа үөрэх дьылын саҕалаан, оскуола аайы Билии күнүгэр анаммыт араас ис хоһоонноох уруоктар буоллулар.
«Аныгы үйэҕэ үрдүкү кылаастарга туох туһунан кэпсэтэллэр эбитий?» диэн ис-испиттэн интэриэһиргээн, анаан учууталтан бэйэтиттэн көҥүллэтэн, 10-с кылааска кылаас чааһыгар сырыттым. «Мин уонна инники кэскилим» диэн киһини кэрэхсэтэр ис хоһоонноох кылаас чааһын быйыл 36-с сылын нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлиир Мариана Кусатова ыытта.
Мариана Ивановна 1987 сыллаахха СГУ педагогическай факультетын РОЯШ-82 бөлөҕүн бүтэрэн баран, таптыыр идэтинэн үлэлии сылдьар. Быйыл кини 17-с оскуолаҕа учууталлаабыта 14-с сыла. Үлэлээбит кэмин устата биэс выпуһу таһаарбыт. Кини үөрэппит оҕолоро нуучча тылын 98 баалга туттараллар. Мариана Кусатова туйах хатарааччылардаах. Ол эбэтэр нуучча тылын уонна литературатын үөрэтэр биэс эдэр исписэлиис үөрэнээччилэригэр дириҥ билиини биэрэргэ дьулуһа сылдьаллар.
Мариана Ивановна бүгүн ыыппыт кылаас чааһыгар сылдьан баран, бу маннык көрсүһүүнү оскуола аайы тэрийиэххэ наада эбит диэн санааҕа кэллим. «Ол туох уратылаах кылаас чааһый?» диэн ыйытыы үөскүөн сөп. Учуутал үөрэппит оҕолоро — билигин дойду киин куораттарын ааттаах-суоллаах үрдүк үөрэх кыһаларын устудьуоннарын кытта бүгүн үөрэтэр оҕолрун кытта көрүһүннэрдэ. Ыччаттар оскуолатааҕы сылларын аҕыннылар, бүгүҥҥү күҥҥэ хайдах үөрэнэ сылдьалларын кэпсээтилэр. Бу устудьуоннар бары бүддьүөккэ киирэн үөрэнэ сылдьаллар эбит. Ол аата хайдахтаах курдук билиилээх оҕолоруй!
«Биһиги Мариана Ивановнаҕа үөрэммит буолан, нуучча тылын уонна литературатын холкутук 94, 96 баалга туттарар этибит» диэн, этэргэ дылы, устудьуоннар «ааһан иһэн» бэлиэтииллэр. Биллэн турар, бу оҕолору кылааска олорооччулар олох иһийэн олорон болҕомтолоохтук иһиттибит. Оҕолор харахтара умайбытын көрүөҥ этэ!
Дмитрий Яицкайы учуутала кылаас иннигэр таһааран баран, «көрүҥ, оҕолор, бу эдэр киһи — мин үлэм түмүгэ. Кини ХИФУ ньиэп уонна гаас салаатыгар 5-с кууруска үөрэнэр. Хайдахтаах курдук талааннаах кылаас этэй! Хас биирдиилэрин күн бүгүҥҥэ диэри өйдүүбүн. Билигин үөрэхтэрин бүтэрэн, бу күннэргэ эдэр исписэлиис буолан, араас тэрилтэлэргэ үлэҕэ киирдилэр. Үгүстэрэ дойду киин куораттарыгар олохсуйдулар», — диэн билиһиннэрдэ Мариана Ивановна үөрэтэр оҕолоругар.
«Биһиги кылааспытыгар ХИФУ-га олох киириэм суоҕа диир биир киһи баара. Ол ыччат бүгүн эһиги иннигитигэр кэлэн турабын. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, туох идэни таларбын билбэт этим. Нуучча тылын 91 баалга туттарбытым. Онтон бүддьүөккэ киирээрибин бу идэбин талан баран, үөрэнэн истэҕим аайы олус сөбүлээн испитим. Үөрэнэр кэмим устата дойду ньиэби уонна гааһы хостуур тэрилтэлэригэр үгүстүк сырыттым. Билигин кыһыл дьупулуомҥа «баран эрэбин». Нуучча тылын уонна литературатын сэргээҥ, элбэхтэ ааҕыҥ. Мариана Ивановнаттан үгүһү ылбыт буолан, миэхэ билигин үөрэнэрбэр олус чэпчэки. Төһөлөөх элбэхтэ дакылаат суруттарар, ырытыннарар этэй! Ол билигин олус туһалаата. Дакылааттарбын өрүү анаалыстыыр, ырытар буоламмын, өрүү араас куонкурустарга кыттабын. Ол онтум үөрэхпэр бэркэ туһалыыр, — диэн кэпсээтэ Дмитрий Яицкай.
Тамара Егомина Владивосток куоракка туризм уонна менеджмент идэтигэр үөрэнэр эбит. Быйыл кини 3-с кууруска үөрэнэр. «Наһаа кыахтаах оҕолор үөрэнэллэр. Өскө эн баалыҥ 4,7 да буоллаҕына даҕаны, уопсайга кииримиэххин сөп. Оннук куонкурустаах. Онон мин наар туйгуннук үөрэнэр буолан, бастыҥ уопсайга олоробун. Оҕолор, билиҥҥиттэн үөрэххитигэр олох туйгуннук үөрэнэ сатааҥ«, диэн сүбэлээтэ бастыҥ устудьуон. Мариана Ивановна оҕолорго Тома Егомина хайдахтаах курдук литератураны сөбүлүүрүн холобурдаата.
Дмитрий Федоров Санкт-Петербургдааҕы экэнэмиичэскэй факультекка үөрэнэр эбит. «Мин ахсыс кылаастан олох Санкт-Петербурга эрэ үөрэнэбин» диэн бигэ санааны ылыммытым«, — диэн кэпсиир ситиһиилээх устудьуон. Мариана Ивановна үөрэтэр оҕолорун кытта «профтур» диэн дойду киин куораттарыгар сылдьар үгэстээх эбит. Онтон кэлэн баран, оҕолор үөрэхтэригэр олох атыннык сыһыаннаһаллар, билиигэ-көрүүгэ тардыһыылара үрдүү түһэр эбит.
«Ол иһин быйыл эмиэ төрөппүттэри кытта эрдэттэн кэпсэтии ыыттым — оҕо оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр сайдыылаах куораттарга сылдьан, үөрэх кыһаларын эрдэттэн билиэхтээх» диэн. Онон бу оҕолорум кылаас чааһыгар кэлэн, саҥа үөрэх дьылын, нууччалыы эттэххэ, «мотивациянан» саҕалаатылар. Кылааһым оҕолоро бэркэ чуумпуран олорон болҕомтолоохтук иһиттилэр, бу маннык көрсүһүүлэри үгүстүк ыытар былааннаахпын«, — диэн санаатын үллэһиннэ уопуттаах учуутал.
— Киһи олоҕун устата холобур оҥостор учууталлардаах буолар. Мин 17-с оскуолаҕа үс оннук учууталлаахпын. Кинилэртэн биирдэстэрэ Мариана Ивановна. Ол иһин бүгүн үөрэммит оскуолабар анаан кэлэн таптыыр-ахтар учуталларбын көрсөн, оскуолатааҕы кэммин санаан бардым. Мин билигин хоһоону олус табыллан ааҕар буоллум. Маныаха нуучча тылыгар үчүгэйдик үөрэммитим олус туһалаата. Мариана Ивановнаҕа махталым муҥура суох, — диэн Мариана Кусатова туһунан бүгүҥҥү көрсүһүүгэ кыттыыны ылбыт Хабаровскайдааҕы суол-иис сырыытын университетыгар»Информационная безопасность» диэн ураты идэни баһылаары үөрэнэ сылдьар Егор Герасимов учууталынан киэн тутта санаатын үллэһиннэ.
Мариана Кусатова кылаас чааһыгар бэрт интэриэһинэй холобуру аҕалла. Кини бэйэтин кылааһа — нуучча литературатын олус сөбүлүүр ураты кылаас эбит үһү. Санаан көрүҥ, оскуоланы бүтэрэр сылларыгар бу оҕолор учууталларыгар анаан «Война и мир» айымньыттан театрализованнай көстүүнү оҥорон бэлэх ууммуттар. Дьэ, дьикти ураты бэлэх буолбаат!
Онон бу матырыйаалбын ааҕан баран, оскуола олоҕор кыра да түгэҥҥҥэ киирэн ылбыт буоллаххына, күндү ааҕааччым, ол аата Мариана Кусатова курдук учууталлар оҕону билии дойдутугар эрэллээхтик сирдээн истэхтэрэ…
+7 (999) 174-67-82