Биир тыынынан: Таптаһар сүрэхтэр үҥкүүлэрэ
Дьокуускайга “Таптаһар сүрэхтэр үҥкүүлэрэ» улахан айар киэһэ буолла
Кулун тутар 31 күнүгэр Арассыыйаҕа дьиэ-кэргэн сылын чэрчитинэн Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын балет артыыстара Саскылана уонна Эдуард Жирковтар бастакы айар киэһэлэрэ “Таптаһар сүрэхтэр үҥкүүлэрэ” өрө көтөҕүллэн, үөрүүлээх быһыыга майгыга буолла.
Үҥкүү курдук уустук, элбэх ирдэбиллээх, сыралаах, сындалҕаннаах үлэттэн тахсар ускуустубаны киһи барыта кыайан баһылаабат. Идэтийэн үҥкүүлүөххүн баҕарар буоллаххына оҕо сааһы билбэккэ кыра эрдэххиттэн эрчиллиэххин, үөрэниэххин, мэлдьитин сайдыаххын наада. Саскылана Үҥкүү тыйаатырыгар 2015, Эдуард 2016 сылтан ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Саскылана хореографическай училищеаҕа Наталья Семеновна Посельскаяҕа, Зинаида Николаевна Поповаҕа уһуйуллубута. Эдуард Култуура уонна ускуустуба кэллиэһигэр Алена Гаврильевна Павловаҕа уонна Станислав Николаевич Степановка. Бу сыллар устата кинилэр иккиэн үҥкүү үөһүгэр сылдьаллар, буһан-хатан, оруол, уобарас бөҕөтүн арыйан, элбэхтик айаннаан, үҥкүүһүт идэтин, тыйаатыр ис үлэтин сүрэхтэринэн-быардарынан биллилэр. 2021 сыллаахха олохторун холбоон, дьиэ-кэргэн буолан, алаһа дьиэ тэринэн, уол оҕолонон, саха куттаах биир дьоһун ыал буоллулар. Кинилэр наар бииргэ сылдьаллар, биир көрүүлээхтэр, бэйэ-бэйэлэригэр көмө, күүс буолаллар. Эдуард үҥкүүлүүрүн таһынан үҥкүү туруорар. Киниэхэ Саскыланата мэлдьи үҥкүүтүн тупсарар, байытар, чочуйан биэрэр, академия киллэрэр. Үҥкүүһүт барыта туруорааччы хайдах да буолбат. Бу бэйэтэ эмиэ туспа суол-иис. Онон иккиэн айаллара сүрдээх кэскиллээх.
Айар киэһэни иилээн-саҕалаан Александр Максимов ыытта. Режиссерунан Наталья Кралина үлэлээтэ. Бастакы түһүмэххэ 2017 сыллаахха Арассыыйа биир биллиилээх үҥкүү туруорааччыта Георгий Ковтун “Үрүҥ Күн Оҕолоро” этнобалетыттан Саскылана партнерынаан Сергей Алексеевтыын Ийэ Бөрө уонна Таастимир оруолларын маҥнайгы хартыынаттан быһа тардан көрдөрдүлэр. Бу сүрдээх ыарахан, уустук, элбэх хамсаныылаах, мөхсүүлээх, киириилээх-тахсыылаах, үөһэнэн-аллараанан көтүҕүүлээх, ыстаныылардаах адажионы табыллан толордулар. Кырачаан артист Николай Алексеев (Тимир Уол) либреттонан Ийэ Бөрө уонна Таастимир оҕолоро. Ону тэҥэ Лена Алексеева-Ким (Удаҕан дьахтар) бу хартыынаны бука бары премьераҕа курдук бэрт итэҕэтиилээхтик көрдөрдүлэр. Ити кэннэ “Аллараа дойду” көстүү саҕаланна. 2017 сыллаахха Эдуард бу хартыынаҕа аан бастаан доҕорунаан Василий Колосовтыын Хара Хаан Ойуун солуута суох дьоннорун толорбуттара. 2019 сылтан Эдуапдка эрэнэн Хара Хаан уолун Хара Суор оруолугар анаабыттара. Дьэ, бу быыстала суох эрчимнээх үҥкүү. Сотору-сотору хайа тааска сүүрэкэлээн ытын да ытын, өрө мөхсүү, тиргиллии. Эдуард ону барытын ааһан иһэн оҥорор, кини кыаҕар наһаа барсар.
Бу умнуллубат кэрэ киэһэҕэ Эдуардаах Саскылананы үөрэммит кыһалара Аксения уонна Наталья Посельскаялар аатынан балет оскуолатын үөрэнээччилэрэ Таьяна Попова уонна Алексей Ноговицын Джованни Скарамуццино “По тонкому льду» айымньынан уонна Аграфена Макарова аатынан Култуура уонна ускуустуба кэллиэһин устудьуоннара сахалыы “Дэгэрэн” үҥкүүнү толорон эҕэрдээтилэр.
Саскылааналаах Эдуард Аан дойду үҥкүүлэриттэн илин дойду омуктарын үҥкүүлэрин сөбүлээн толороллор. Бу айар киэһэлэригэр Эдуард бэйэтэ туруорбут “Калмык” норуот үҥкүүтүн, иккиэн “Истиэпкэ көрсүһүү” монгол үҥкүүтүн бэрт үрдүк таһымнаахтык, уохтаахтык, сэниэлээхтик толордулар. Саскылана бэйэтэ “Саяны” Тувинскай национальнай муусука уонна үҥкүү тыйаатыр репертуарыттан баар суох муҥутуур чыпчаал үҥкүүлэрин “Звенящая нежность” бэрт имигэстик, ис киирбэхтик толордо. Илин омук үҥкүүлэрэ кинилэргэ тас көрүҥнэригэр, дууһаларыгар, иэйиилэригэр чугас диэн сыаналыыбын.
Эдуард бэйэтэ туруорбут үҥкүүлэриттэн “Тургутуу” эр дьон бөлөҕөр саҥалыы күүстээхтик, эрчимнээхтик көһүннэ. Уолаттар барахсаттар баардарынан-суохтарынан түһүнэн кэбистилэр. Аныгы хайысхалаах “Притяжение” үҥкүү иэйиилээх, деми классика, эдэр үҥкүүһүттэргэ сүрдээҕин барсар.
Бу кэрэ түгэҥҥэ тыйаатыр көмүс пуондатыттан Геннадий Баишев, Дора Филиппова “Ыйдаҥалаах түүн”, Ангелина Лукина “Сээдьэ” үҥкүүтүн көрөөччү бэрт чугастык, сылаастык ылынна.
Үһүс түһүмэҕи “Кыл Саха” төрүт дорҕоон бөлөҕө Владимир Ксенофонтов “Ыһыах” сюитатынан уонна “Сахалыы матыыптар” айымньынан аста. Бу бөлөх уон сыл устата кылыһах кырыымпаны сөргүтэн, үлэ бөҕөтүн көрсөн, айымньы элбэҕин оонньоон, дьону-сэргэни үөрэтэн, толорооччулар күрэхтэрин тэрийэн, аан дойдунан тарҕатан улахан билиниини ылыан-ыллылар, сахалыы тыыны, куту-сүрү, дорҕоону киллэрдилэр.
Хас биирдии айар киэһэҕэ биир идэлээхтэр доҕотторугар үгэс быһыытынан кэнсиэркэ кытталлар. Бу да киэһэ үгүс элбэх талааннаах Василена Шарина хомуска сыыйа тарта, “Сээдьэ” ырыатын ыллаан дьиэрэттэ. Аркыастыр артыыһа, “Кыл Саха” бөлөх кыттааччыта Дьулустаан Никифоров кылыһах кырыымпаҕа “Ситим” айымньыны иэйэн-куойан толордо.
Эдуардаах Саскылана доҕотторо-атастара элбэх. Бу долгутуулаах түгэҥҥэ эстрада ырыаһыттара Айгылаан уонна Санита Ай бэйэлэрин хиттарыттан биирдии ырыаны көрөөччүгэ бэлэх ууннулар. Биир дойдулаахтара, Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Александр Дьячковскай Ырыа Саарын бэйэтин муусукатыгар “Саҥа күрэх” ырыаны көрөөчүлэргэ анаата.
Бу кэрэ бэлиэ түгэҥҥэ биир идэлээхтэрэ элбэх киһи мустан кэнсиэркэ сырыттылар, бэйэлэрин санааларынан үллэстилэр: Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Дмитрий Артемьев: “Чурапчы ытык сириттэн төрүттээх биир дойдулаахтарбын бастакы айар киэһэлэринэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин. Эдик, Саскылана биир идэлээх, биир дьиэ кэргэн буолан үҥкүү курдук ускуустуба ыарахан көрүҥэр хорутуулаахтык саҕалаабыттара хайҕаллаах суол. Эдикка кини кыаҕар уонна талааныгар эрэнэн “Бохсуруйуу” этнобалекка өр сыл устата толорбут оруолбун Сээнэгэйи туттарбытым. Эдэр артыыстарга айар аартыктара арыллан истин диэн алгыс тылбын аныыбын. Тапталгытын харыстаан, чөл туруктаах сылдьан Саха норуотун үҥкүүтүн өрө тутуҥ, сайыннарын”.
Саха норуодунай артыыһа Афанасий Афанасьев: “Күндү эдэр кэллиэгэлэрбин Саскыланалаах Эдуарды бастакы айар киэһэлэринэн истиҥник эҕэрдэлиибин. Үҥкүү элбэх сыраттан тахсар. Бэйэлэригэр барсар үҥкүүлэри толородулар. Эдуард үҥкүү туруорарын наһаа сэргээтим уонна кини соҕуруу Москубаҕа эбэтэр Санкт-Петербурга режиссура балета туруорааччы үөрэҕэр киирэн үрдэтинэрэ буоллар диэн баҕа санаабын этэбин. Үҥкүүһүт үйэтэ кылгас. Түргэн баҕайытык ааһан хаалар. Онон бириэмэни сүтэрбэккэ туттан-хаптан хаалыҥ диэн баҕа санаабын этэбин”.
Саскылана уһуйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Зинаида Попова: “Саскылана Эдуардыын айар үлэлэригэр хорсун хардыыны оҥордулар. Эдуард туруорбут үҥкүүлэрэ ис хоһоонноохтор. Көтөрдөр, таптаһар эдэр дьон, саха бухатыырдара үҥкүүлэри толорооччулар бэрт итэҕэтиилээхтик, бэйэлэрин истэригэр киллэрэн толордулар. Балет артыыстара бары тэҥнэр, ис турукка киирэллэр, үҥкүүлэрэ тугу кэпсиирин барытын сөпкө көрдөрөллөр. Толоруулара үрдүк таһымнаах. Репетитордар бэрткэ да бэлэмнээбиттэр. Видеоконтент нүөмэрдэри күүһүртэ. Көрөөччү наһаа элбэх. Наһаа үөрдүм. Үөрэнээччибинэн Саскылананан киэн тутуннум. Өссө да саҥа үҥкүүлэри, кэрэни, дьолу баҕарабын”.
Аграфена Макарова аатынан Култуура уонна ускуустуба кэллиэһин хореография салаатын уһуйааччыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ: “Саскыланалаах Эдуард технически ыарахан үҥкүүлэри толордулар. Бэлэмнэрэ үчүгэй, тыыннара уһун. Эдик бэйэтэ үҥкүү туруорара дьэ кэрэхсэбиллээх. Кинилэр биир идэлээхтэрэ, биир дьиэ кэргэн буолаллара айар үлэлэрэ сайдарыгар, инники баралларыгар төһүү күүс буолар. Биир долгуҥҥа сылдьаллара аһара бэрт. Инникитин бу баҕа санааларын ыһыктыбакка үрдүктэн үрдүк үрдэллэргэ тахсалларыгар баҕарабын. Иккиэн тутуспутунан соҕуруу үөрэнэллэрэ буоллар, наһаа кэскиллээх буолуо этэ. Аан эрэ бастаан ыарахан буолуон сөп, онтон баҕалаах буоллахтарына тугу баҕарар кыайыахтара уонна ситиһиэхтэрэ”.
Эдэр үҥкүүһүттэри Саскылананы уонна Эдуарды Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска сайдыытын министиэристибэтин профессиональнай искуство салаатын салайааччыта Туяра Николаевна Тарабукина,Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ Александр Иванович Алексеев, Чурапчы улууһун култуура салаатын салайааччыта Петр Егорович Гуляев, Чурапчы улууһун Болтоҥо нэһилиэгин баһылыга Сергей Николаевич Ефремов, Чурапчы улууһун Одьулун нэһилиэк депутатата, Саскылана аймаҕа Анна Романовна Аржакова, Аграфена Макарова аатынан култуура уонна ускуустуба кэллиэһин наука салаатын солбуйааччыта Оксана Егоровна Сундупова, икки өттүттэн төрөппүттэрэ, аймах билэ дьоно, бииргэ үөрэммит, бииргэ алтыһар доҕотторо-атастара эҕэрдэлээтилэр.
“Таптаһар сүрэхтэр үҥкүүлэрэ” айар киэһэ биир тыынынан түмүктэннэ. Үҥкүү абылаҥар ылларбыт, айар куттаах үҥкүүһүттэр Саскылана уонна Эдуард ыра санаалара туолан, бастакы сыалларын ситистилэр. Инникитин кинилэргэ баҕарабыт үгүс алгыстаах гостуруоллары, дьон сүрүн долгутар, үөрдэр, соһутар сонун туруоруулары, дьэрэкээн элбэх үҥкүүлэри, дириҥ ис хоһоонноох оруоллары, уобарастары!
+7 (999) 174-67-82