Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театра Кулун тутар 28 күнүгэр 3 чаастан Софья Сергучева-Баранова “Биэс чаҕыл сулуспут” ахтыы-моно-испэктээкилигэр “Алампа” саалатыгар ыҥырар.
М. С. Щепкин аатынан театральнай үрдүкү үөрэх маҥнайгы студиятын 1955 с. бүтэрбит Саха театрын норуокка биллэр артыыскалара – Саха АССР норуодунай артыыската Александра ИВАНОВА, Саха АССР үтүөлээх артыыската Аксинья АДАМОВА, РСФСР үтүөлээх артыыската, СӨ норуодунай артыыската Анна КУЗЬМИНА, Саха АССР үтүөлээх артыыската Мария КАНАЕВА уонна Саха АССР үтүөлээх артыыската Татьяна МЫРЕЕВА – айар үлэлэрин уонна олохторун туһунан кинилэр көлүөнэлэрин кытта бииргэ үлэлээбит түгэннэриттэн Саха сирин үтүөлээх артыыската, М. С. Щепкин аатынан театральнай училище үһүс студиятын бүтэрбит Софья СЕРГУЧЕВА — БАРАНОВА эһиэхэ кэпсиэҕэ….
Билиэттэри театр кассатыттан уонна театр сайтыттан sakhatheatre.ru онлайн атыылаһыахха сөп.
Билсэр телефоннаргыт 34-13-31
Саха академический театр им. П.А. Ойунского 28 марта в 15:00 ч. приглашает в зале “Алампа” театра на моноспектакль-воспоминания Софьи Сергучевой-Барановой “Биэс чаҕыл сулуспут” (“Незабываемые звезды”).
Заслуженная артистка РС(Я) Софья Сергучева-Баранова в этот вечер расскажет Вам о жизни и творчестве легендарных выпускниц 1955 г. первой якутской национальной студии театрального училище им. М.С. Щепкина – народной артистки ЯАССР Александры ИВАНОВОЙ, заслуженной артистки ЯАССР Аксиньи АДАМОВОЙ, заслуженной артистки РСФСР, народной артистки РС(Я) Анны КУЗЬМИНОЙ, заслуженной артистки ЯАССР Марии КАНАЕВОЙ и заслуженной артистки ЯАССР Татьяны МЫРЕЕВОЙ.
Билеты продаются в кассе театра, а также онлайн билеты можете приобрести на сайте театра sakhatheatre.ru.
Справки по те. 34-13-31