Site icon SAKHALIFE

Биһиги Васябыт ыраас-сэмэй сэбэрэтэ куруук биһиги сүрэхпитигэр…

Күндү коллегабыт, эрэллээх доҕорбут, талааннах мелодист, Оркестр артыыһа Василий Дмитриевич Эверстов туһунан ахтыы

Биһиги Васябыт диэн таптаан ааттыыр чугас үөлээннээх доҕорбут, ытыктыыр коллегабыт, Саха Өрөспүүлүкэтин култууратын туйгуна Василий Дмитриевич Эверстов бу күн сириттэн соһуччу курэммиттэ номнуо 1 сыла буолла. Саха үнүстүрүмүөннэрин национальнай оркестрын талааннаах муусукаанын,  өрөспүүлүкэҕэ киэҥник биллибит «Чурапчылар ыллыылар» бырайыак ааптарын Василий Эверстовы кытта биһиги  бастаан Дьокуускай куоракка орто анал үөрэх кыһатыгар Музыкальнай училищеҕа,  салгыы  үрдэтинэн  Улан-Удэ Илин Сибиирдээҕи култуура институтутун оркестровай кафедратыгар,  бары  бииргэ устудьуоннаан,  онтон  үөрэхпитин бүтэрэн тэҥҥэ тутуспутунан, Үнкүү тыйаатырын Оркестрыгар артыыс быһыытынан үлэ кыһатын саҕалаабыппыт.

     Василий устудьуон кэмнэриттэн өрүү үөрэ-күлэ сылдьар, куруут мичээрдээн-дьээбэлэнэн оркестр репетициятыгар чэпчэкитик дугуйан киирэн кэлэрэ харахпытыгар бу баар курдук. Кини  олус чэнчис-ыраас, үөрэх да үлэ да өттүгэр лоп-бааччы сыһыаннаах, ылсыбыт дьыалатыгар бэриниилээх, эйэҕэс майгылаах, үтүө-мааны киһи этэ. Үөрэнэ сылдьан талан ылбыт үнүстүрүмүөнүн балалайканы сөбулээн, дьарыктанан, соҕуруу ыытыллар анал күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттан кэлэрэ. Бу үнүстүрүмүөҥҥэ уһуйбут, үөрэппит учууталын Каженкина  Анастасия Васильевнаны ис сүрэҕиттэн бэриниилээхтик  ытыктыыра. Василий Дмитриевич ситиһиилээх «струнник» оркестр артыыһа буола үүнэригэр, кини гитараны эдэр эрдэҕиттэн хомоҕотук баһылаабытын биир сүрүн төрүөтүнэн буолбута сабаҕата суох. Василий Айымньы киэһэтигэр, оркестр мусукааннарын ааттарыттан концертнай гитара бэлэхтээбиппитигэр олуһун үөрбүтэ, махтаммыта.  

      Айар куттаах доҕорбут гитаратын ыһыктабакка олоҕун аргыһа оҥостон үгүс ырыа кэрэтин айбыта. Ол курдук «Кэрэ саас» диэн авторскай  хомуурунньугар отучча ырыата киирбитэ. Бу ырыалар иһирэх мелодияларыгар дьэнкэтик көстөр, арылыччы иһиллэр, кини Ийэ дойдутугар дириҥ таптала, төрөөбүт төрүт түөлбэтигэр маанылаах Чурапчытыгар  барҕа махтала, Күн-күбэй Ийэтигэр сүгүрүйүүтэ, Саха сирин айылҕатын көстөр кэрэтин хоһуйуута, Эр сүрэх истиҥ иэйиилээх тапталын ырыата.

      Василий Эверстов «Чурапчылар ыллыыллар» диэн авторскай бырайыага, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан култуура дьиэтин киинигэр, Улуу Туймаада ыһыах хочотун концертнай площадкаларыгар, Олонхо театрын концертнай саалыгар, Чурапчы култууратын дьиэтин киинигэр хаста да төхтөрүйэн хатыланан туруоруллан ааспыттара. Бу бырайыак кэнсиэрдэрэ тохтообот үтүмэн ытыс таһыныылаах, көрөөччү биһирэбилин ылыан-ылбыт, дьон-норуот сөбүлээн көрбүт, үрдүк таһымнаах сүҥкэн бэрт тэрээһиннэр этилэр. Бу манна ылламмыттара Василий айбыт үгүс үтүө ырыалара: «Сырыттым төрөөбүт алааспар», «Дойдум дьонугар», «Чурапчы», «Кэрэ саас», «Эйиэхэ мин ырыа бэлэхтиэм», «Ыһыахха», «Ньургуһун» уо.д а.

      Саха национальнай үнүстүрүмүөннэринэн доҕуһуолунан ыытыллар, Василий Дмитриевич тэрийэр түмсүү-кэнсиэртэригэр, төһүү күүс-көмө буолбуттара,  Оркестр уус-уран салайааччыта, сүрүн дирижера  Николай Петров, дирижер Анюта Иванова, ырыа оркестровкаларын тиһэн оҥорбут оркестр муусукааннара Афанасий, Анна Томскайдар, Валерий Ноенохов, Егор Федотов, биир дойдулаахтара  Үҥкүү тыйаатырын артыыстара Дмитрий Артемьев, Семен Кузьмин, Саргылана Тарабукина.

       Күндү коллегабыт, эрэллээх доҕорбут, талааннах мелодист, Оркестр артыыһа биһиги Васябыт ыарыыга ылларан күн сириттэн соһуччу туораабыта тула өттүбүтүн курустук кураанахсытта, сүдүтүк суохтатта. Кини сырдык мөссүөнэ, ыраас-сэмэй сэбэрэтэ куруук биһиги сүрэхпитигэр сырдык кыымынан сыдьаайа тыгыа, айбыт кэрэ ырыалара кэлэр көлүөнэ тухары ыллана туруохтара.

Бииргэ үөрэммит, үлэлээбит доҕоро Валентина Колесова уонна С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үҥкүүтүн тыйаатырын кэллэктиибэ.                                                                                  

Exit mobile version