Банан, виноград, ананас — Өктөмҥө үүнэр

Мария Иванова Чапаево сэлиэнньэтин олохтооҕо, оҕо эрдэҕиттэн үүнээйини көрө-харайа үөрүйэх буолан, оҕуруотчут идэтин талан билигин нэһилиэкпит биир сүрүн тэпилииссэтигэр үлэлии сылдьар.

Аҕыйах сыллааҕыта бу ыраахтан дьэндэйэн көстөр, уоттаах-күөстээх икки тэпилииссэ СӨ Наука аччыгый академиятыгар бэриллибитэ. Бастакы тэпилииссэҕэ оҕуруот аһа, иккискэ дьэрэкээн сибэкки арааһа үүнэн турар. Хас тиэргэн, ыал аайы үүнэр үүнээйилэртэн ураты, араас декоративнай дьиэ сибэккилэрэ, мастара, банан, виноград, оннооҕор, астаммыт ананас кытта баар.

— Манна үлэлээбитим үһүс сылым. Бу турар сибэкки арассаадалара тэрилтэбит ис, тас өттүн көҕөрдүүтүгэр бараллар. Дьиэ сибэккилэрэ үксүлэрэ үөрэнэр куорпуска тураллар. Маны таһынан оҕолор остолобуойга сииллэригэр оҕурсу, помидор, араас битэмииннээх үүнээйини үүннэрэбит. Кыһынын биир эрэ тэпилииссэҕэ мастары, дьиэ сибэккилэрин көрөбүт-харайабыт. Үүнэйилэр бары көннөрү тупсарыллыбыт буорга олороллор, ону барытын манна нэһилиэк иһиттэн ылабыт, — диэн Мария тэпилииссэтин көрдөрө-көрдөрө кэпсиир.

Марияны кытта манна эмиэ бэйэбит олохтоох уолбут Вадим Лиханов үлэлиир. Кини Дьокуускай куоракка анал үөрэҕи бүтэрэн баран, дойдутугар кэлэн үлэлии сылдьар эдэр киһи.

— Мин үүнээйини, оҕуруот аһын үүннэрэрбин олус диэн астынабын. Холобур олордубут сибэккилэрим улаатан, тыыллан бардахтарына, оҕуруот аһа элбэх өлгөм аһы биэрдэҕинэ, үлэм туһаҕа таҕыстаҕына, барыта түмүллэн миэхэ олохпор күүс-көмө буолан санаам уоскуйар, дууһам сынньанар. Үлэбин онон сөбүлээтим, — диэн үөрэ-көтө Вадим кэпсиир.

Түмүккэ, эдэр оҕуруоччуттар бары ааҕааччылары сайыммыт кэлэн иһэринэн эҕэрдэлээн туран, өлгөм үүнүүнү ылалларыгар баҕа санааларын тиэрдэллэр уонна аҕыйах сүбэ биэрэллэр: арассааданы, кыаллар буоллаҕына, буорга олордор ордук; быйыл кураан дьыл үүнэр, онон элбэх ууга-хаарга наадыйар култууралары ыһартан туттунуҥ; маҕаһыыҥҥа атыыланар араас уоҕурдууларынан үлүһүйүмэҥ, хотонтон, бэйэ гиэнэ ордук барсар; үүнээйигэ үөн ыспыт буоллаҕына анал үөрэхтээх киһиэхэ сүбэлэтиҥ.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх