Балаҕан ыйын 18-23 күннэригэр 2023 с. Карачаево – Черкессия өрөспүүбүлүкэтин киинигэр, Черкесск куоракка, иккис сылын ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы «Төрөөбүт тыл уонна төрөөбүт литэрэтиирэ бастыҥ учуутала» күрэс түмүктүүр түһүмэҕэ буолла. Саха сириттэн Горнай улууһун А.Н.Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учуутала Кэскилээнэ Лукина кытынна. Кини бу саас Дьокуускай куоракка С.Н.Донской-II аатынан үөрэҕи сайыннарар, идэни үрдэтэр үнүстүтүүт тэрийэн ыыппыт II Өрөспүүбүлүкэтээҕи төрөөбүт тыл учууталларын күрэҕэр кыайыылаах аатын ылан, бүтүн Арассыыйа таһымыгар Саха сирин чиэһин көмүскүүр улахан эппиэтинэһи сүкпүтэ. Киниэхэ күүс-көмө, сүбэһит буолан Дьокуускай куорат С.Н.Донской-II аатынан үөрэҕи сайыннарар, идэни үрдэтэр үнүстүтүүтүн аатыттан Светлана Липтова арыаллаата.
Кэскилээнэ «Төрөөбүт тыл уонна төрөөбүт литэрэтиирэ бастыҥ учуутала» күрэс кэтэхтэн уонна истэн ыытыллыбыт 4 түһүмэхтэригэр барытыгар үрдүк таһымнаахтык кыттан 72 учууталтан, финалга тахсар 7 Россия бастыҥ учууталларын ахсаанын иһигэр киирдэ. Кини кэтэхтэн түһүмэххэ (“Медиавизиткаҕа”) кыттааччы идэтин, төрөөбүт тыл учууталын быһыытынан тус ураты «буочарын”, оскуолатын үлэлиир-хамсыыр хайысхатын уһаабыта 3 мүнүүтэҕэ эрэ көстөр видеоролик оҥорон ыыппыта куоластааһын түмүгүнэн 3 миэстэ, онтон уруогун видеотыгар куоластааһын түмүгүнэн 2 миэстэ буолбута.
Салгыы истэн буолар күрэх түһүмэхтэригэр төрөөбүт тыл учууталлара үрдүк маастарыстыбаларын көрдөрөр түгэннэрэ үүммүтэ. Ол курдук маҥнайгы түһүмэх икки тургутуулааҕа: бастакы тургутууга 15 мүнүүтэ устата төрөөбүт тылынан үөрэтиигэ-иитиигэ учуутал тус уопутун көрдөрөр, үлэтин ис хоһоонун сатаан сааһылаан, систиэмэлээн кэпсиир, уратытын арыйар кыаҕар туһуламмыта («Методическая мастерская”) уонна иккиһэ 35 мүнүүтэҕэ төрөөбүт тылын көмөтүнэн уруок ыытыы этэ. Бастакы түһүмэх кэнниттэн 72 кыттааччыттан лауреат үрдүк аатын ылбыт 15 эрэ учуутал салгыы күрэстэһэллэригэр кыах бэриллибитэ. Кэскилээнэ Вячиславовна ити түһүмэхтэри ситиһиилээхтик ааһан 15 иһигэр киирэн лауреат үдүк аатын ылбыта. Салҕыы иккис түһүмэххэ аны Черкесск оҕолоругар кылаас чааһын үрдүк таһымнаахтык ыытан түмүктүүр түһүмэххэ 7 кыттааччыны кытта финалга күөн көрсүбүтэ. Кини финалга маастар кылаас ыытан көрдөрбүтэ. Бу күрэскэ Кэскилээнэ үрдүк маастырыстыбата, элбэх билиитэ, киэн көҕүстээҕэ бары өттүнэн дэгиттэр талааннааҕа көһүннэ. Ону тэҥэ кинини өйүүр, көмөлөһөр бөлөҕө туһааннаах кэмҥэ сөптөөх сүбэтэ-амата, өйөбүлэ, элбэҕи быһаарда.
Онон кыыспыт Сахабыт сирин аатын ааттатыан ааттатта, элбэх кыттааччы, дьүүллүүр сүбэ биһирэбилин ылыан ылла. Бу курдук улахан таһымнаах күрэххэ бэлэмнэнэн, кыттыыны ылан, Саха сирин ааттатан, бүтүн Арассыыйатааҕы «Төрөөбүт тыл уонна төрөөбүт литэрэтиирэ бастыҥ учууталын» түһүлгэтигэр баран үрдүк ситиһии кынаттанан кэлбит бөлөх халыҥ хамаандатыгар С.Н.Донской-2 аатынан үөрэҕи сайыннарар, идэни үрдэтэр үнстүтүүккэ, Горнай улууһун үөрэҕин салалтатыгар, А.Н.Осипов аатынан Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.