Бүгүн эмиэ санаан кэллим, оҕо сааһым доҕоро Раябын

Муус устар 6 күнүгэр саха норуодунай артыыһа, ырыаһыт Раиса Захарова 70 сыллаах бэлиэ кунэ буолар. Бүгүн эмиэ санаан кэллим оҕо сааһым доҕоро Раябын, кини көрдөөх кэпсээнэ, хатан күлүүтэ, сөбүлээн ыллыыр ырыата. Кыра сыанаттан саҕалаан дьон –сэргэ ытыктыыр ырыаһыта буолбута. Тугу оҥордум мин киниэхэ анаан, дьон-сэргэ ытыктыыр ырыаһытыгар? Ити таптаан сылдьар сирбит “Аллея певцов – Ырыа ыллыга” Раиса Захароваҕа аналлаах Анал Ыскаамыайкаттан саҕаламмыта.

      Ол саҕана биһиги бары таптыыр ырыаһыппыт Раиса Захарова сырдык кэриэһин үйэтитэр туһугар, “Өйдөбүнньүк-ыскаамыйа” туруоруохха сөп эбит диэн санаа киирбитэ. Мин, Карл Маркс аатынан искибиэргэ хатыҥ мас чэчир анньан, үүнэн дьороһон туралларын сөбүлүү көрөн уонна А.Е. Кулаковскай аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Раиса өр кэмҥэ үҥкүү тыйаатырыгар солистыы сылдьан ыллаабыт-туойбут, бу искибиэргэ тахсан сынньанарын сөбүлүүр этэ диэн бэлиэтии көрбүтүм.

      Өйдөбүнньүк-ыскаамыйа туруораары, искибиэр ким бас билиитигэр баарын ыйытан КПРФ Саха сиринээҕи Өрөспүүбүлүкэтээҕи отделениятыгар утуу-субуу  хас даҕаны суругу ыыппытым. “Куорат бас билэр искибиэрэ, кинилэртэн көҥүллэт”, — диэн эппиэт суругу туппутум. Ол саҕана куорат мэрэ Айсен Сергеевич Николаев этэ, мин киниэхэ сайабылыанньа суруйан көҥүл ылбытым. Кини Строительнай уокурук оччотооҕу начаалынньыгар Сорочан аатыгар дьаһал ыыппыт этэ. В.А. Сорочан (1953-2020 с.с.) еврей эрээри бэрт истиҥник: “Раисаны билэбин, ырыатын куруук истэбин, киниэхэ анаммыт Ыскамыайканы үчүгэй эскизтаан оҥоруохпут”, — диэн эрэннэрбитэ санаабытын көтөхпүтэ.

      Ол сайын 2013 сыллаахха санаабытын ууран, силигин ситэрэн үөрүүлээх быһыыга-майгыга туруорбуппут. Сергей Зверев – Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ А.И. Алексеев уонна режиссера Светлана Бессонова сиэр-туом церемониятын толорон, тэрийэн ыыппыттара. Раиса дьүөгэлэрэ, бииргэ үлэлээбит истиҥник саныыр доҕотторо кэлэн, ахтан-санаан, ырыаларын ыллаан барбыттарын күн бүгүнүгэр дылы өйдүү, ахта-саныы саныыбын.

      Бу ааспыт сылларга ким даҕаны Раиса “Ыскамыайкатын” марайдаабатага, тыыппатаҕа. Итинник анал “Ыскамыайкалары”  туруоралларын Шотландияга Абердин куоракка, кэлин Нью-Йорка эмиэ баалларын көрбүтүм. Биһиги туруорбут “Ыскаамыйабыт”  дьоҥҥо тиийимтиэ, сахалыы тыыннаах. Икки өттүгэр вазоннарга таптыыр сибэккилэрин сыл аайы олордон көрө-истэ сылдьан, төрөөбүт сириттэн буор аҕалан эбэн эбии тыын киллэрэбит. Ыскаамыйа өйөнөрүгэр аатын-суолун, баар регалиятын, ыллаабыт ырыатыттан киниэхэ сөп тубэһэр хоһоон тылларын музыкальный лира иһигэр суруйбуппут. Ити барыта, уокурук начаалынньыга Сорочан, идеята этэ. Кэлин элбэх ырыаһыттарга, мелодистарга анаан өйдөбүнньүк ыскаамыйа туруорарга, Ырыа айааччылар союзтарын салайааччылара А.В. Егоров, С.И. Васильев дьаһайан тылын –өһүн, ис хоһоонун, регалиятын суруттараллар. Аны  А.П. Решетникова тэрийбит Музыка уонна фольклор музейа  хас “Ыскамыайка”  аайы “Куйаар код”  (QR код) оҥорон сыһыарар буолла. Онон ити “Ыскамыайкаҕа”  олорон эрэ телефону даҕайан ырыаһыт чугас дьоно талбыт ырыаларын истэллэр, ырыаһыты бу баардыы көрөн олорон, биографиятын кытары билсэллэр. Кэлин Савва Анатольевич Михайлов Строительнай уокурук начаалынньыга буолбутун кэннэ, хаттаан саҥа мэргэ С.В. Авксентьеваҕа суруйан бэрт элбэх ырыаһыттарга анаан ити курдук “Ыскамыайкалары” туруордубут. Ол курдук Христофор Максимовка, Марина Поповаҕа,  В.Т. Андросовка, М.П. Колесова-Расторгуеваҕа, А.Н. Варламоваҕа, В.Н. Ноевка анаан туруорбут ыскаамыйаларбыт дьон тохтоон, ахтан ааһар сирдэрэ буолла. Билигин кимиэхэ анаан, анал “Ыскамыайкалары”   туруорарбытын Саха Өрөспүүбүлүкэтин мелодистарын сойууһун нөҥүө быһаарабыт. Инникитин Ырыа айааччылар Саха сиринээҕи сойуустарын салайааччыта, Саха сирин норуодунай артыыһа А.В. Егоров “Стелла” оҥотторуон баҕа санаатын эппитэ, бырайыагын биллэр архитектор Н.Н. Алексеев оҥорон, куорат тутуутун Генеральнай былааныгар киириэхтээх. Оччого биһиги, хаарыан таптыыр ырыаһыттарбыт ааттарын үйэтитиэ этибит уонна баҕарбыт баҕа санаабыт туолуо этэ! “Ырыа ыллыгар” анал Ыскамыайкаларга олорон эрэ эдэр ырыаһыттар, ырыа айааччылар кинилэргэ арчылатыа, онтон чугас дьонноро ырыаларын истиэ, сибэкки дьөрбөтө ууран ахтан-санаан ааһыа этилэр. Билигин ырыаһыттарбыт Үбүлүөйдээх бэлиэ күннэрин бу Сквергэ, кинилэр талааннарыгар сүгүрүйээччилэр иннилэригэр ахтан-санаһан, ыллаан ааспыт ырыаларын талааннаах ырыаһыттарбыт толорон дьон биһирэбилин ылабыт.

     Муус устар 6 күнүгэр Раиса Яковлевна Захарова 70 сааһын бэлиэ күнүгэр аналлаах тэрээһин ыытыллар. Күнүс 11 чааска олорон ааспыт дьиэтин таһыгар, мемориальнай дуоскаҕа сибэкки дьөрбөтүн ууруу буолуоҕа. 12 чааска “Ырыа ыллыгар” ахтыы, талааннаах артыыстар Раиса Захарова толорон ааспыт ырыатын толоруохтара. Ыытааччылар — Саха НХИК ыытааччыта Георгий Белоусов, “Тэтим” араадьыйа эрэдээктэрэ Альбина Тарабукина. Баянистар Степан Васильев уонна Даниил Санников. Дьонугар сэргэтигэр анаан ыллаан ааспыт ырыаларын толоруохтара биллиилээх артыыстар Екатерина уонна Алексей Егоровтар, А.С. Адамова, Александр Дьячковскай – Саарын, Варя Аманатова, Степан Васильев, Айталина Седалищева – Айса, Анна Дьячковская, Светлана Журавель, Григорий Петров уонна биир дойдулаахтара. Тэрээһини Саха НХИК “Саҥа күн” көрөөччүлэргэ анаан устуоҕа.

      Күндү Дьокуускай олохтоохторо уонна ыалдьыттар, Раиса Захарова бэлиэ күнүгэр аналлаах тэрээһиҥҥэ, кини талааныгар сүгүрүйэн туран кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт.

Если вы увидели интересное событие, присылайте фото и видео на наш Whatsapp
+7 (999) 174-67-82
Если Вы заметили опечатку в тексте, просто выделите этот фрагмент и нажмите Ctrl+Enter, чтобы сообщить об этом редактору. Спасибо!
Система Orphus
Наверх