Бүгүн, сэтинньи 17 күнүгэр саха норуотун улуу уола, Айыы ойууна Кондаков Владимир Алексеевич төрөөбүтэ 85 сылын туолар.
Кондаков Владимир Алексеевич
(17.11.1939—14.07.2009)
— Аар Айыы итэҕэлин Үрдүкү Үөрэтээччи. Айыы ойууна,
— медицинскэй наука доктора,
— профессор,
— суруйааччы, ССРС уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,
— ЮНЕСКО иһинээҕи Аан дойдутааҕы Норуот медицинатын ассоциациятын Чыпчаал үрдүк таһымнаах Айыы Эмчитэ,
— Профессиональнай гипнотизердар Аан дойдутааҕы ассоциацияларын чилиэнэ,
СӨ Ытык кырдьаҕастарын Сүбэтин чилиэнэ,
— Норуот эмчиттэрин ассоциациятын төрүттээччи, салайааччы. СӨ В.А.Кондаков аатынан Норуот эмчиттэрин ассоциациятын бочуоттаах президенэ,
— өр сылларга «Үрүҥ Аар Тойон» норуот медицинатын, итэҕэлин научнай-чинчийэр тэрилтэтин олохтуур, Аар Айыы итэҕэлин улахан алгыстарын, доммнорун, үҥүүлэрин-сүгүрүйүүлэрин, сиэрдэрин-туомнарын үөрэтэн, тус бэйэтэ ыытан, чуолкайдаан, «Аар Айыы итэҕэлэ» диэн 6 чаастаах үлэни суруйан, саха дьиҥ былыргы итэҕэлэ сокуонунан бигэргэтиллэр, араҥаччыланар төрүтүн оҥорбут Айыы ойууна,
— СӨ В.А. Кондаков аатынан Норуот эмчиттэрин ассоциациятын иһинэн үлэлиир норуот медицинатын, итэҕэлин Үрдүкү оскуолатын, институтун төрүттээччи, салайааччы,
— норуот эмтээһинин ньымаларын, кистэлэҥнэрин чинчийэччи, үөрэтээччи, олоххо киллэрээччи, эмтээһин, ойууннааһын, итэҕэл туһунан 30 тахса кинигэ автора. Үлэлэрин сүрүн туһаайыылара «Аар Айыы итэҕэлэ», «Ойууннааһын эйгэтин кистэлэҥнэрэ», «Куту-Сүрү эмтээһин» ньыматын кэлэр кэм Айыы эмчиттэригэр үүнэр-сайдар суоллары ыйар-кэрдэр суолталаахтар,
— чинчийээччи, суолу тэлээччи Айыы эмчитэ — Айыы ойууна В.А. Кондаков киһи-аймах норуотун медицинатыгар, культуратыгар киллэрбит сүрүн кылаата: саха Аан дойду айыллыытын уонна киһи туһунан ураты көрүүтүгэр олоҕуран, норуот эмтээһинин сайыннаран, эмтээһин чыпчаал үрдүк таһымын — Аар Айыылар көмөлөрүнэн Куту-Сүрү эмтээһин ньыматын олоххо киллэрбитэ,
— Айыы ойууна эрэ ыытар дьон-сэргэ олоҕор-дьаһаҕар улахан суолталаах алгыстары: «Ыһыах алгыһын», «Ийэ Айылҕаны алҕааһыны» суруйан хаалларда. Олоххо-дьаһахха ураты улахан суолталаах «Оҕо тардыыта», «Сүөһү тардыыта» сиэрдэр-туомнар кистэлэҥнэрин сэгэтэн биэрбитэ,
— уһулуччулаах Айыы эмчитэ Үрдүкү күүстэр көмөлөрүнэн араас уустук ыарыылары эмтиир ньымалары, Аар Айыыларга киирии алгыстары Айыы эмчиттэригэр хаалларда: энурез, логоневроз, фобия араас көрүҥүн, гипофиз аденоматын, арыгылааһынтан эмтииргэ, үөстэн, бүөртэн таас таһаарыыга суол-иис ыйан биэрбитэ,
— улахан публиканы кытта ситиһиилээхтик үлэлээбит гипнотерапевт Улуу Айыы ойууна Орто дойду олоҕо тупсан, айыы аймаҕа араҥаччылаах, Күн ууһун дьоно көмүскэллээх буоларыгар Үрүҥ Аар Тойонтон, Аар Айыылартан үҥэн-сүгүрүйэн көрдөспүт алгыстара өссө да үгүс сылларга күүстээх көмүскэл, арахсыбат араҥаччы буоллун!