Тоҕо эрэ дьолломмут барыта, сору-муҥу эҥээринэн ааспыт эмиэ хараҥа халлааҥҥа ый тыктаҕына көмүскэтээри дуу, кэпсэтээри дуу, биир тылынан эрдийээри уонна тирэҕирээри ити кэми уһулуччутук ойуулууллар. Тапталлаахтар сүрэхтэрин кистэлин Ыйга сибигинэйэллэр. Ким да истибэтин курдук аттынан устар аҕыйах былыкка кыбыталлар быһыылаах. Эрэйдээх эрэ барыта эмиэ киниэхэ, Ыйга үҥсэргиир… Тоҕо буолуой?
Барар сир баҕана үүтэ буолбутуттан. Дьол долгунугар олорбут барахсан бу туругун үргүтэн кэбиһиэн баҕарбат, кистиир. Кыһалҕалаах эрэйдээх икки атахтаахха баран хайдах соҥнонуоҕуттан саллан. Ити кырдьык.
Олоххо эҥинэ элбэх ол-бу буолар да, “бүдүрүйбүт да көнөр” диэн түмүккэ кэллим. Инньэ диэхпин баҕардым, Евдокия Иринцеева-Огдо “Ыйдаҥа түүн” кинигэтин ааҕан баран. Чахчы сэһэн диэтэххэ ыар олох, уустук дьылҕа. Хата кэннэ үчүгэйиттэн долгуйбут сүрэх арыый да уоскуйар. Үөрэрим диэн, дьиҥнээх олоххо бу буолбут уонна билигин баар дьахтар олоҕо ойууламмыта, итэҕэй-итэҕэйимэ, киһини араас толкуйга тиэрдэр.
Аад айаҕар…
Ахсым сааска эдэр сылдьар кырдьык муора уута тобуккунан курдук сананыаҥ. Саас ылан истэҕин аайы, ордук оҕолоох-уруулаах буоллаххына, элбэх түгэҥҥэ сыыспыккын-таппыккын чарапчыланар буолаҕын. Ол иһин улаханнык саҥарыахтааҕар, кытаанахтык ыйыстар түгэниҥ элбиир. Бу да сырыыга сэһэн дьоруойа Ирина Кынтайаараба-Тэптиргээнэбэ көөчүктэнэ күлүмнүүр күндэлэс олоҕуттан хайдах чэпчэкитик үҥкүрүс гыммыта, эдэр сааһыттан уон кырбас сылын бэйэтинэн быһа баттаан ылан суох оҥорбута, хата, онтон өй ылан киһи бодотугар төннүбүтэ эттэххэ, кэпсээтэххэ дөбөҥ. Ити аад айаҕыттан бэттэх тардыспыт аҕыйах. Киһи киэбигэр киирбит кэмчи.
Ол да буоллар оннуктар бааллар эбит! Былыр кэргэнин кытта билсэр дьахтарым икки сылтан бэттэх быыс буллар эрэ ытаан-соҥоон төлөпүөнүнэн муҥун туонара быйыл тоҕо эрэ тохтоон хаалбыта. Мин “Пахай… муҥнаахтар буорайдахтара” дии санаабытым. Урукку кэмҥэ бэркэ бодоруһуох дьон ол билэр киһим ыалдьан бараахтаабыта отой ыраатта. Огдообото Мааса барахсан билэрдии сээкэйи кэпсэтэн төлөпүөннэһэр идэлээх этибит. Син икки кыыстарын улаатыннаран, үөрэх той ыраатан ньир-бааччы олорбуттара, куоракка көспүттэрэ. Онтон кыра кыыһа кэргэниттэн арахпыт, устунан иһэр-аһыыр буолбут. Мааса барахсан бастаан кистээн кэпсиирэ. Кэнники мөҥүттэрэ үксээн испитэ. Кыыс көнүөх быһыыта биллибэтэ. Киһи этэрин ылыммат буолбута ырааппыт, сиппит дьахтар үлэтиттэн уурайан, дьиэҕэ олорон аһыы утахха билиэн барбыта сүөргү этэ. Ийэ эрэйдээх аймалҕана аанньа буолуо дуо? Этэр тыла баранан…
Ый сырдыга баҕалаах!
Дьэ, онтум баара бэҕэһээ киэһэ Маасам төлөпүөннээтэ. Сүрэхпэр ыттардым, куһаҕаны биттэнним быһыылааҕа. Онуоха барахсаным чаҕаарыйан, тыла-өһө бэттэх кэлэн, кини да санньыар олоҕор сырдык сүүрээн киирбит ээ!
Ол барыта “Ыйдаҥа түүнтэн”! Аҕаһа ити кинигэни аҕалан күүһүнэн аахтарбыт. Иккиэн аахпыттар кэриҥнээх. Бастаан бугуһуйан, бууннаан, арааһы барытын тыллаһан, кыйаханан-тырыттан баран, кыыс муҥнаах нэдиэлэ кэриҥэ абааһытын утаҕар чугаһаабатах. Дьиэлээхтэрин барыларын (туохха эбитэй) буруйдаталаан, кэпсэппэт буола бэйэтигэр бүгэн сытынан кэбиспит. Онтон үс ый анараа өттүгэр туран, балыыһаҕа баран көрдөрүнэн, эмп анатан уопсай туругун көннөрүммүт. Кэм дьонун кытта чэйдиир-аһыыр буолбут. Биир сарсыарда туран аҕаһыттан:
—Үлэ буларбар көмөлөһүөҥ дуо?—диэхтээбит.
Үөрүүнэн буоллаҕа! Сирэйэ-хараҕа быдан сэргэхсийбит дьахтарга бэрт түргэнник көмөлөөннөр үлэ булбуттар. Инньэ гынан Мааса муҥнаах “эмиэ иһэн кэбиһиэ, үлэтин быраҕыа” диэх санаатыттан кыайан арахпакка, миэхэ өр кэмҥэ эрийбэккэ сылдьыбыт эбит.
Онон мин хараҕым кытта сырдаата. Ол эдэр дьахтар туохтан тэһэ кэйдэрэн урукку хаатыгар түһэргэ санаммытын билбит киһи дии саныыбын да, кэбис, Мааса бэйэтэ кэпсии илигинэ хайдах күөдьүтүөхпүнүй? Испэр-быарбар “бүдүрүйбүттэр бары көннүннэр, сүһүөхтэригэр уйдаран туран кэллиннэр” эрэ дииргэ тиийэбин.
Онон “Ыйдаҥа түүннэр” сотору үүнүөхтэрэ. Кытаатыҥ, кыһалҕаҕа иҥнибиттэр төлөрүтүнэргэ турунуҥ, бу туһааннаах дьылҕаны кырдьыктаахтык кэпсиир кинигэни булан ааҕыҥ диэн сүбэлиибин.
Бу сыылканан сакаастааҥ:
https://ayar.ru/catalog/knigi/khudozhestvennaya_literatura/sovremennaya_proza/yyda_a_t_n/
Анисим НЕУСТРОЕВ, биэнсийэлээх учуутал.