Арылы Дуйдаах добун түһүлгэҕэ кыттыаҕа
Быйыл түүрк улуу хоһоонньута Юнус Эмре өлбүтэ 700 сыла бэлиэтэнэр. Ол быһыытынан ЮНЕСКО кинини аан дойду таһымыгар кэриэстиир туһунан быһаарыыны ылыммыта. Оттон Түүркүйэ баһылыга Реджеп Тайип Эрдоган 2021 сылы «Юнус Эмре уонна түүрк тылын сыла» диэн биллэрбитэ. ТЮРКСОЙ тэрээһининэн сайын Истамбулга ыытыллыбыт «Gel Gör Beni» («Кэл, көр миигин») быыстапка киэҥ сэҥээриини ылбыта. Балаҕан ыйыгар Казахстаҥҥа Юнус Эмре хоһооннорун түүрктүү-казахтыы хомуурунньугун дойдулар ыккардыларынааҕы түүрк академията үрдүк таһымҥа сүрэхтээн билиһиннэрдэ. Арассыыйаҕа ыытыллар тэрээһиннэри Юнус Эмре аатынан Москубатааҕы институт сүрүннэһэр.
Сорук быһыытынан, улуу хоһоонньут олорбут сылын ахсаанынан, барыта 81 дойдуга тэрээһиннэр ыытыллыахтаахтар. Ол чэрчитинэн, алтынньы 12-15 кк. Узбекистан былыргы Хива куоратыгар «Түүрк эйгэтин хоһоонньуттарын көрсүһүүтэ» диэн түһүлгэ түстэниэҕэ. Онно суруйааччылар Азербайджантан, Арассыыйаттан, Казахстантан, Кыргызстантан, Түүркүйэттэн, Узбекистантан, Македонияттан кэлэн кыттыахтара.
Итинник добун түһүлгэҕэ кыттаары, анал ыҥырыыны тутан, Саха сириттэн суруйааччы, тылбаасчыт, эмчит Мария Решетникова-Арылы Дуйдаах барда. Киниэхэ алгыстаах айаны баҕарыаҕыҥ!
Сэҥээрбит дьон номоххо киирбит хоһоонньут туһунан «Юнус Эмре: голос любви», «Юнус Эмре: путь любви» диэн киинэлэри аан ситимҥэ булан көрүөхтэрин сөп.
+7 (999) 174-67-82