Арҕааттан анысхан тыал үрэриттэн хайдах көмүскэнэбит?
Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар
Баараҕай тутууларынан үлүһүйүү кэмэ кэллэ. Аар тайҕаны тоҕу солоон, тимир суол иһэр. Саха сирин соҕуруу өттүн быһа тэлэн, нефть, газ турбалара тардыллаллар, ол Тихэй океаҥҥа тиийэн, Кытай сиригэр уматык буола барыахтаах. Дьэ, били А.Е. Кулаковскай Саха сиригэр кэнэҕэһин элбэх дьон кэлиэхтэрэ, араас тутуулар барыахтара, онно төһө бэлэммитий, хайдах буолабыт диэн санааттан «Ойуун түүлэ» диэн улахан философскай айымньыны суруйбута. Кини суруйуутугар кэлэр дьону кытары кэпсэтэр, аахсар кыахтаах буолуохтаахпыт, онно бэлэмнэниэҕиҥ диэн саха норуотун ыҥырбыта. «Саха сирэ» хаһыат 2007 с. бэс ыйын 27 күнүгэр Бүлүү сирин биир чаҕылхай уола, үтүөлээх учуутал, улахан педагог И.А. Иванов «Туора садьыйыллар туруктаахпыт» диэн улахан ыстатыйаны суруйбута. Бу ыстатыйа улахан кэпсэтиини, өйдөтүүнү, дьүүллэһиини таһаарыа диэн күүппүтүм даҕаны, барыта им-ньим курдук. Экологтар суруйан көрдүлэр да, эмиэ улахан кэпсэтиһии суох. Иван Александрович: «Саха сирин кэлэр кэскилин туһунан дьоммут ыйдаҥардан көрөллөр дуо? Өйдөбүл өлбөөркөй быһыылаах», – диэн этиитэ сөптөөх диэххэ сөп. Ил Түмэн депутата Зоя Корнилова «Саха сирэ» хаһыакка 2007 сыл муус устар 27 күнүгэр «Бэйэбит туох дьоҕурдаахпытын, кыахпытын көрдөрөр кэммит кэллэ» диэн этиитэ дьону барытын толкуйдуурга, элбэҕи ырытарга ыҥырыах тустааҕа. Мин билэрбинэн санаа атастаһыыта, «төгүрүк остуоллар», наукабыт туһааннаах дьонун тылларын истии тэриллибэтэ. Кырдьык, дьоммут бу олус бөдөҥ бырайыактар тустарынан үһү-таамах кэриэтэ билэллэр. Бөдөҥ капиталистар Сибиир сирин баайа – бу Аан дойду баайа диэн лозунунан быраҕаттаммыттара ыраатта. Онон, кырдьык, сотору кэминэн сирбит баайын барытын омук капиталистара атыылаһаннар, кураанах оннун көрдөрөн кэбиһэр буоллулар быһыылаах. Аны туран, улахан баайдаах сирдэрбитин курдары омуктарга атыылаан кэбиһиини бопсор сокуоммут суох. Өскөтүн сокуон Россияҕа оҥоһуллар буоллаҕына, маннык сокуон суоҕа – баайы-дуолу ыскайдааһыҥҥа бэйэбит дьоммут манна улахан интэриэстээхтэрэ көстөн тахсар буолбатах дуо? Билигин бу кэлии дьон үлэлэрин-хамнастарын, айылҕаны алдьатыыларын аҥардас Айылҕа харыстабылын министерствота хонтуруоллуур, көрөр-истэр эбээһинэстээх буолан тахсар. Ол гынан баран айылҕабытын үлтү хаһар, садаҕалыыр, алдьатар, баһан ылар санаалаах кэлии дьон үлэтин-хамнаһын барытын хонтуруоллуур кыаҕа суох. Уонна сорох өттүгэр онно бырааба да тиийбэт курдук буолара буолуо. Ити дьон: «Биһиэхэ Россия көҥүллээбитэ, биһиги кинини эрэ билинэбит, эһиги манна ону-маны туорайдаһымаҥ», – диэтэхтэринэ көҥүллэрэ. Оттон общественность хонтуруолун киллэрэргэ эмиэ үп-ас, транспорт уонна чуолкай онно быраап бааллара наада буолуо. Онон, ити кыалла охсоро судургу уонна чэпчэки диэн этэргэ ыарахан. Бу хонтуруол боппуруоһугар уопуттаах экологтар көмөлөрө, Айылҕа харыстабылын, Доруобуйа харыстабылын, Үөрэх, Ыччат министерстволара, быраабы харыстыыр органнар бары бииргэ үлэлээтэхтэринэ, туох эмэ тахсыа диэххэ сөп. Ол да саарбах. Итилэртэн эмиэ ким эмэ Саха сирин баайын түргэнник баһан ылар дьулурҕаннаахтар кэккэлэригэр киирбит буоллаҕына, ол тойон көмөлөһөрө биллибэт. Аан дойдуга бу Сир айылҕатын харыстааһыҥҥа туһааннаах тэрилтэ баар буолуохтаах. Онно сахалартан ким эмэ тахса сылдьыбыта, кэпсэппитэ чуолкай биллибэт. Ити биир улахан алҕаспыт буоллаҕа буолуохтаах.
Эбиитин билигин бу баараҕай тутууларга ыччаппыт кыайан кыттар кыаҕа суох диэн этиилэри киһи хаһыаттан ааҕан дьиктиргиир. Ол аата улуу А.Е. Кулаковскай 95 сыллааҕыта эппитин, сэрэппитин, сүбэлээбитин үчүгэйдик долоҕойго ылан, салалтабыт олоххо киллэрбэтэҕэ көстөн тахсар. «Ойуун түүлэ», Кулаковскай сүбэлэрэ дии-дии үөрэтии барар, оттон ону олоххо практическайдык киллэрии туһунан ким да толкуйдаабат. И.А. Иванов саамай сөпкө: «Саха сирин 2020 сылга диэри сайдыахтаах барылыгар тыа сирин сайыннарыы тыл быһаҕаһынан да таарыллыбатаҕа мунчаардар», – диэн суруйуута саамай сөптөөх уонна бу барыл тоҕо манныга киһини олус дьиктиргэтэр.
Былыр-былыргыттан сахаларга «элбэх дьон иҥсэтэ түспүт, хараҕа хатаммыт сирэ-уота, дойдута эстэр» диэн этии баар. Бу иэдээннээх өйдөбүл. Онон ытык Саха сирин баайыгар-дуолугар Аан дойду халыҥ хармааннаахтара, үрдүк сололоохторо харахтарын уотун хатаабыттара – бу иэдээн! Саха сирин баайын-дуолун үрдүн, аннын биирдэ арыйбакка, үчүгэйдик, сыыйа туһаныахха баара. Сирбит баайа кимнээх эрэ хармааннарын хаҥатан баран, Ийэ айылҕабыт алдьанан, иһэр уубут киртийэн, тыынар салгыммыт саппаҕыран, булпут-аспыт эстэн, күөхпүт күрэҥсийэн, уйгу-быйаҥ эстэн, сүөһү-ас сүтэн, дьон доруобуйата айгыраан, омук быһыытынан симэлийэр кутталланан олорорбутун санаатахха олус ыарахан. Онон Саха сирэ анна арылынна, үрдэ үрэллэр кутталланна, былыр-былыргыттан сахаларга «анна арыллыбыт – алдьанар, үрдэ үрэллибит – эстэр» диэн муударай этии баар. Итини үчүгэйдик өйдүүр, ылынар наада этэ. Саха сирин алмааһынааҕар, небинээҕэр, көмүһүнээҕэр норуот духуобунай культурата, талаана лаппа үөһэ турар. Билигин олоҥхобут эрэ сүнньүнэн сыанабылы ылла. Оттон ойууннааһыммыт, былыргы итэҕэлбит, норуоппут медицината төрүт да сыаналана иликтэр. Бу эйгэҕэ сүрдээх элбэх кистэлэҥ уонна муударас баар. Дьиҥэр, ити дириҥи үөрэппэккэ, үрдүнэн, тыл-өс, көр-нар, ол-бу ойуу-бичик, оһуор, үҥкүү-битии, ырыа-тойук таһымыгар сылдьабыт. Ити олус дьара. Итинэн ырааппаппыт. Ити таһымынан сылдьан уонна онно аралдьыйан, сотору кэминэн айылҕабыт бүппүтүн уонна иэдээн буолбутун көрөн, биирдэ өмүрэрбит буолуо.
Саха сиригэр өссө уран рудата хостонор буолла. 2020 сылга уран хостооһуна сылга 5000 тонна буолуохтаах. Саха сиригэр биллэринэн, 320 000 тонна уран саппааһа баар. Ити Аан дойдутааҕы саппаас 6% буолар. Алмаас уонна күндү металлар геологияларын институтун директора Александр Смелов «ураны хостооһун туох да куттала суох» диэн журналистары кытта көрсүһүүгэ этиитин киһи өйдөөбөт. Урантан атом ылыллар, оттон атом киһи доруобуйатыгар куттала суох диэн этиини хайдах өйдүөххэ сөбүй. Ураны хостооһун айылҕаҕа, киһиэхэ, хамсыыр-харамайга барытыгар ураты кутталлааҕын туһунан биһиги экологтарбыт дьоҥҥо-сэргэҕэ сөпкө кэпсииллэр. Ол гынан баран киһи, общественность сыыһаны, кутталлааҕы утаран, туох да күттүөннээҕи ситиспэт буолбут кэмэ кэллэ. Дьон-сэргэ, наука дьиҥнээх этиилэрин салалта уонна промышленность ылыммат буолан тураллар. Билигин, хата, айылҕаны харыстаан, ону-маны туруорсар дьону сайдыыны, саҥаны, былааһы утара сылдьар киһи курдук көрөр буоллулар.
Онон айылҕаҕа, киһиэхэ, хамсыыр-харамайга кутталлаах кэмнэр үүннүлэр. Норуоппут, салалтабыт, өскөтүн, киһи-аймах инники кэскилигэр кыһанар буоллахтарына, туох эрэ суһал күүстээх дьаһаллары, сөбүлэһиилэри ылынар кэмнэрэ кэллэ.
Саха итэҕэлин Үрдүкү Таҥарата кимий?
Аар Айыы итэҕэлэ маннык өйдөбүллэри сөпкө өйдүүргүтүгэр ыҥырар
Аар Айыы итэҕэлин туһунан дьиҥнээх матырыйааллар архыыпка бааллар дуо?
Ойууттар тустарынан суруйуулар
В.А. Кондаков, «Аар Айыы итэҕэлэ». 5-с чаас. 204-238 с.
+7 (999) 174-67-82