Соторутааҕыта дэгиттэр дьоҕурдаах доҕорум, үтүөкэннээх киһи, ситиһиилээх спортсмен, талааннаах тренер, мындыр педагог, амарах аҕа туһунан кинигэни сүрэхтээһиҥҥэ сырыттым. “Легендарный тренер Анатолий Афанасьев. Тарбыйах титиигиттэн – аан дойду рингэлэригэр” диэн улахан кыыһа Дария Яковлева суруйбут 360 страницалаах, кытаанах тастаах, үгүс элбэх хаартыскалардаах кинигэни оҕолоро бэйэлэрэ үбүлээн, 1000 экземпляр тиражтаан Новосибирскай куоракка бэчээттэппиттэр.
Анатолий Иванович баай ис хоһооннох, таһаарыылаах үлэлээх олоҕу олорон ааспыта. Ол аҥаардас кини биографиятын даҕаны аахтахха, арылхайдык көстөр.
***
Афанасьев Анатолий Иванович – тренер по кикбоксингу.
Родился 20 марта 1949 г. в с.Эльгяй Сунтарского района Якутской АССР.
Кандидат в мастера спорта СССР по вольной борьбе (1971).
В юности успешно занимался вольной борьбой и борьбой хапсагай под руководством Н.М.Давыдова и П.Е.Алексеева. Серебряный призер первенства РСФСР среди юношей (1968, Нальчик). Победитель первенства ЦС ДСО «Спартак» (Куйбышев, 1973). Чемпион I Спартакиады на призы В.Манчаары по борьбе хапсагай среди юношей (1968).
Окончил музыкальное отделение Якутского педагогического училища № 1 (1971). В 1975-1976 гг. выступал в составе широко известного ВИА «Чороон».
С 1971 г. начал работать учителем музыки в Сунтарской СШ №1 и по совету директора школы С.А.Зедгенизева стал тренировать детей по вольной борьбе, затем с 1976 г. по боксу в Эльгяйской школе-интернате, с 1994 г. – по кикбоксингу (с 1995 г. – в Сунтарской СШ №1), с начала 2000-х гг. – по таэквондо.
Из числа его воспитанников вышли заслуженные мастера спорта России Оксана Васильева – заслуженный мастер спорта РФ, четырехкратная чемпионка мира по профессиональному женскому боксу; неоднократная чемпионка мира, Европы и России по кикбоксингу; Лидия Андреева – неоднократная чемпионка мира, Европы и чемпионка России по кикбоксингу, призер мира, неоднократная чемпионка Европы и России по женскому боксу; Мария Кривошапкина – четырехкратная чемпионка мира, неоднократная чемпионка Европы и России по кикбоксингу, призер мира и чемпионка Европы и России по женскому боксу; Александр Сидоров – мастер спорта международного класса, бронзовый призер мира, чемпион Европы и чемпион России по кикбоксингу и многие другие. Вместе со своим сподвижником Е.Е.Петровым воспитал победителей и призеров МСИ «Дети Азии» по таэквондо: 2000 г. – Ефимову Кюннэй (чемпион), Филиппова Кешу и Загоруля Сашу (III призеры), 2004 г. – Мырееву Татьяну и Васильеву Стеллу и др.
Пятеро собственных детей А.И.Афанасьева – Дьулустан (18.06.1979), Дария (29.09.1984), Ньургун (19.11.1985), Моника-Мока (10.07.1987), Паша-Пачита (4.02.1989) – являются кандидатами в мастера спорта по кикбоксингу, неоднократными победителями и призерами республиканских и всероссийских соревнований по этому виду единоборств.
Заслуженный тренер России (2003) и Республики Саха (Якутия) (2006). Награжден почетными знаками «За заслуги в развитии физической культуры и спорта в РС(Я)» и «За заслуги в развитии бокса РС(Я)» (2007). Почетный работник физической культуры и спорта РС(Я) (2011). Почетный гражданин Эльгяйского наслега Сунтарского улуса.
Скончался после тяжелой болезни 6 сентября 2012 г.
***
Кинигэ сүрэхтэниитэ Саха Национальнай библиотекатын Историческай саалатыгар ыытылынна.
Кинигэтин сүрэхтэниитин автор Дария Анатольевна бэйэтэ ыытта. Хомоҕой сахалыы тыллаах, нууччалыы суруйуутугар эмиэ баай тыллаах, ааҕааччы болҕомтотун тардар курдук умсулҕаннаах, бэйэтэ спордунан дьарыктаммыт буолан, аҕатын тренерскэй үлэтин ымпыгар-чымпыгар тиийэ, ханнык баҕарар спортан тэйиччи да киһи тутатына өйдүүр гына судургутук быһаарар, сороҕор күлүүлээх эбэтэр көрүдьүөстээх түгэннэринэн сэргэхситэр. Дария бу кинигэни суруйан таһаарбыт сыалын-соругун, матыыбын мустубут дьоҥҥо кэпсиирин былаһын тухары, олохтон эрдэ барбыт истиҥ ийэтин, айбыт аҕатын тустарынан ахтан, кинилэргэ махтанан ааста.
Үгүс элбэх мустубут дьон: бырааттара Сергей уонна Дмитрий Мироновтар, доҕоро Борис Федоров, иитиллээччилэрэ Ольга Павлова, Оксана Васильева, Зоя Исаева, спорт суруналыыстара Федор Рахлеев, Владислав Коротов, бииргэ үлэлээбит, өйөөбүт табаарыстара Валентин Саввинов, Александр Николаев, Наталья Жиркова, о.д.а. истиҥ тылларынан Анатолий Ивановиһы, кини олоҕун, үлэтин ахтан аастылар.
Анатолий Иванович 30-тан тахса сыл тренердиирин тухары наар кэмин урутаан, саҥаттан саҥа дьарыктары баһылыыр, аныгылыы эттэххэ, саҥаттан саҥа педагогическай технологиялары үлэтигэр киллэрэр уратылаах эбит.
Биһиги кинилиин ааспыт үйэҕэ көрсүбэтэх, чугастык билсибэтэх да буолларбыт, этэргэ дылы, олохпутугар “параллельнай куурустарынан” айаннаабыт эбиппит. Биллэн турар, ол 70-80-с сылларга Сунтаарга эрэ буолбакка, бүттүүн Саха сиригэр даҕаны Дьоппуон Толяны билбэт саха ыччата аҕыйах буолуо. Кини үгүс дьоҕурдаах буолан, араас эйгэҕэ көстөрө-биллэрэ. Дьиҥэр биир илиитэ иккиһиттэн лаппа кылгас буолан, инбэлиит аҥаардаах да буоллар, харса суоҕунан, сүрэҕин дьулуурунан спорка бастыҥнар ахсааннарыгар киирбитэ – хапсаҕайга бастакы Манчаары оонньуутун уолаттарга чемпиона, көҥүл тустууга аатырбыт Сахааччалыын биир тренергэ эрчиллэн, Россияҕа тиийэ ситиһиилээхтик тустан испитэ да, оһоллонон тохтуурга күһэллибитэ. Ол быыһыгар, бэртээхэй ырыаһыт, баянист буолан, ол кэмҥэ саха дьонун кутун туппут “Чороон” эстрада ансамблыгар киирэн ыллыы сылдьыбыта.
Онтон үөрэммит педучилищетын бүтэрэн, ырыа уонна музыка учууталын дипломун тутан, төрөөбүт Сунтаарыгар тиийбитэ. Анатолий Афанасьевы Сунтаар 1№-дээх оскуолатыгар үлэҕэ анаабыттара, онно дириэктэринэн үлэлиир мындыр педагог Семен Александрович Зедгенизев эдэр учуутал талаанын таба таайан, ырыа уруоктарын таһынан өссө көҥүл тустуу секциятын ыытарга этии киллэрбитэ. Дьэ итинтэн ыла Афанасьев үгүс тахсыылаах, ол быыһыгар эндирдээх тренерскэй үлэтэ саҕаламмыта.
Дириэктэр биирдэ тустуу саалатыгар киирэн, электропроигрыватель дуорааннаах тыаһын дьиктиргээбит, онтон кэлин бу эрчиллиини саҕалыыр саҥа ньыма буоларын өйдөөбүт. Ити курдук музыкант дууһалаах тренер бу идэтигэр үлэлиирин устатыгар музыканы спорду кытта дьүөрэлээн, оҕолору иитэр-үөрэтэр уонна сайыннарар ньыма гынан туһанан кэлбитэ. Сунтаарга, онтон төрөөбүт Элгээйитигэр боксаҕа тренердии сылдьан, аны сайыҥҥы лааҕыры күүскэ үлэлэппитэ. Дьарыктыыр уолаттара ситиһиилэнэн барбыттара. Ыаллыы Ньурбаҕа, Дьокуускай куоракка күрэхтэһэн, кыайталыыр, бириистээх миэстэлэргэ киирсэр буолбуттара. Ити кэмҥэ таптыыр доҕоро Зинаида Прокопьевна Федоровалыын бэлиэр ыал буолбут, биэс оҕолоох Анатолий Афанасьев хамнаһыттан быһа тутан, үөрэнээччилэригэр дьарыктанар форма, буокса тэриллэрин атыылаһара. Бэйэтин төрөппүт оҕолорун Дьулустааны, Дашаны, Ньургуну, Моканы уонна Пачитаны олох кыраларыттан – түөрт саастарыттан, атыттары кытта тэҥҥэ дьарыктыыра.
Таптыыр кэргэнэ олохтон барбытын кэннэ, Сунтаарга төттөрү киирэн кикбоксинг курдук саҥа көрүҥү атаҕар туруоран, үлэ үөһүгэр төбөтүнэн түспүтэ. Ол кэмнээҕи ыһыллыы-тоҕуллуу кэмигэр саҥа илиинэн-атаҕынан киирсиини өйүүр төрөппүттэр уонна үтүө санаалаах дьон, ол иһигэр “Лоҥкур” олохтоох бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Александр Николаевич Попов көмөлөрүнэн Бүлүү өрүс кытылыгар эмиэ сайыҥҥы лааҕыры тэрийбитэ. Оҕолорго чэбдик салгыҥҥа, кыахтарынан үлэҕэ уонна кытаанах бэрээдээккэ эбии күн аайы ыаммытынан үүт, хойуу сүөгэй уонна сибиэһэй эт аһылык, күҥҥэ үстүү дьарык, ол быыһыгар эмиэ музыка (бу сырыыга баальнай үҥкүүлээх) аптаах дьайыыны оҥорбуттара. Бу дьарыктарын ыытарын тухары Анатолий Иванович биир соругу толорорго дьулуһара – кини иитэр-үөрэтэр оҕолорун аҥаардас спорка ситиһиилэргэ туһулаабакка, эргиччи сайдыылаах буолалларыгар дьулуһара. Ол иһин тренировкаларга музыканы туһанара, ол иһин лааҕырга уолаттар кыргыттары кытаа үҥкүүлүү таарыйа, кинилэр кыргыттарга болҕомтолоохтук, дьоһуннаахтык сыһыаннаһарга үөрэтэрэ, тыа сирин оҕолоро буолан барыны бары сатыырга – мас мастаан, уу баһан, кулуһуҥҥа ас астанарга, сүгэнэн-өтүйэнэн-эрбиинэн туһанарга уһуйара. “Выживание” диэн аныгылыы эттэххэ квест-оонньуу тэрийэн, оҕолору булугас өйдөөх, тулуурдаах, хоһуун, куттаҕаһа суох буоларга эрчийэрэ.
Анатолий Элгээйигэ олорбут кэмигэр мин Тойбохойго оҕо дьиэтигэр үлэлээбитим. Иккиэн оҕо иитиитигэр үлэлээбиппит. Мин тулаайах эбэтэр төрөппүт бырааптара быһыллан, ийэ-аҕа көрүүтэ суох хаалбыт, онтон сылтаан ускул-тэскил сылдьыбыт, сүгүн-саҕын үөрэммэтэх, ол саҕана этиллэринэн ыарахан иитиилээх оҕолору кытта үлэлээбитим. Онно эмиэ Анатолий Иванович курдук, өр сылларга итинник оҕолору кытта эриһэн, бигэ өйдөбүлгэ кэлбитим – ханнык да оҕону аҥаардас уруокка үөрэтэн, билиини эрэ биэрэн дьиҥнээх киһини иитэн таһаарбаккын диэн. Онон иитии бары хайысхаларын дьүөрэлии тутан – үөрэҕи, бэйэни бэйэ көрүнүүнү уонна сайыҥҥы таһаарыылаах үлэни, булгуччу спордунан дьарыктанарга уонна художественнай самодеятельноска кыттарга, араас куруһуоктарга дьарыктанан компьютерынан, видео тиэхиньикэнэн сатаан туһанарга, эр киһи-дьахтар олоххо үөрүйэхтэригэр – дьиэ хаһаайыстыбатыгар үлэлэргэ, уолаттары “Дружба” эрбиинэн мас эрбииргэ, анньыынан анньан мууһу ыларга, саанан сатабыллаахтык туһанан бултуурга, илим үтэн балыктыырга, күһүн муҥхаҕа сылдьан үлэлэһэргэ, саас куйуурдуурга, тиэхиньикэни сатаан ыытарга; онтон кыргыттары ас астыырга, иистэнэргэ, баайарга, ыллыырга-туойарга-үҥкүүлүүргэ, харчыны сатаан туһанарга – барытыгар үөрэтэрбит. Итинник төгүрүччү дьарыктаах оҕо мэниктииргэ, бэрээдэги кэһэргэ, куһаҕан дьаллыкка ылларарга бириэмэтэ суох буолар, сыыйа сырдыкка-кэрэҕэ тардыһыыта күүһүрэр. Онтон мин 1995 сыллаахха Тойбохойтон Дьокуускайга барбытым.
Ол сыл Анатолий Иванович Сунтаарга киирэн үлэтин саҕалыыр, ол кэмтэн дьэ кини ииппит оҕолоро Саха сиригэр аатыраллар, үс бастыҥ кыыһын Москубаҕа дьарыктыы ыытан, сотору кэминэн аан дойдуну баһылыыллар, Саха сирин Сунтаар куоратын туругурдаллар. Ол саҕана мин спортивнай хаһыакка үлэлиир буоламмын, дьэ Анатолийдыын уонна кини иитиллээччилэрин кытта чугастык билсибитим, ситиһиилэрин уонна кыһалҕаларын туһунан элбэхтик суруйбутум. Хаста да Сунтаарга тиийэн, үлэтин билсибитим, дьиэтигэр сылдьыбытым. Кини чугас доҕотторун билсэр буоламмын, үс Россия үтүөлээх тренердэрин – буоксаҕа Артур Иннокентьевич Пахомовы, дьүлэй тустууктары Сурдлимпиада чөмпүйүөннэрэ оҥортообут Борис Прокопьевич Федоровы уонна Анатолий Иванович Афанасьевы үһүөннэрин таба тутаммын, хаартыскаҕа түһэрэн, ыстатыйа суруйбутум.
Ити кэмҥэ Сунтаарга үөрэх салаатын биир кэмҥэ үлэлээбит доҕорум Вадим Егорович Семенов салайара. Кини А.И. Афанасьев иитэр ньымаларын сэргээн, оҕо дьиэтин иитиллээччилэрин бэрээдэктэрин спорт уонна кытаанах диссипилиинэ көмөтүнэн кыайа тутуо диэн эрэнэн, Тойбохойго үлэлэтэ таһаарбыта. Анатолий Иванович бэйэтин үгэһинэн дьыалаҕа күүскэ ылсан, үлэлээн тигинэтэн барар. Оҕолору барыларын спордунан дьарыктыырга сорук туруорар, Мииринэй оройуонун алмаасчыттарыттан Удачнай куораттан арочнай тутууну көтүрэн аҕалан, спортивнай саала оҥотторбута. Дьэ ол гынан баран, мин 11 сыл устата олус тапсан, бэйэм ис-испиттэн дуоһуйан бииргэ үлэлээбит кэллиэгэлэрбиттэн аҕыйах киһи тоҕо эрэ Анатолий Ивановиһы ылымматахтара (тоҕотун мин ыраах сылдьар буолан сэрэйиэхпин эрэ сөп). Үлэлиир бырааппытын күөмчүлээтэ, сороҕор сокуону кэстэ диэн хаста даҕаны суукка биэрэн, кэлин тиһэҕэр уурайарга күһэйбиттэрэ. Анатолий сороҕор миэхэ эрийэн улаханнык хомойор уонна муҥатыйар ыккардынан этэрэ: “Петрович, дьэ дьонуҥ олох кыахпын ыллылар, миигин рецидивист оҥордулар – сууттан тахсыбаппын” диэхтиирэ. Ону мин доҕотторбор эрийэн, “көмөлөһүҥ, тоҕо сүгүн үлэлэппэккит” диирим да, ол туһалаабатаҕа.
Анатолий Афанасьев улахан энтузиаст, дэҥҥэ көстөр туруу үлэһит, мындыр педагог, талааннах тренер этэ. Кэмигэр күүскэ өйөөбүт, аһаахтыйбыт доруобуйатын эмтэнэригэр кыах биэрбит буоллар, өссө да үгүһү оҥороро хааллаҕа…
Спорт үрдүк чыпчаалларыгар тиэрдэр модун соругун толорор туһугар, итииллээччилэригэр олоҕун бүтүннүү анаабыт, кинилэр аҥаардас аат-суол, мэтээл эрэ туһугар дьулуспакка, олох бары хайысхаларыгар бэлэмнээх дьон буолан үүнэн тахсалларын туһугар туох баар дэгиттэр дьоҕурун толору ууран, сүрэҕин сылааһын анаан, өйүн-санаатын түмэн, оҕолорун тустарыгар ханнык баҕарар ааны аһан киирэр, сороҕор сүүрүгү да утары баран туран туруулаһар киһи этэ, мин доҕорум Анатолий Афанасьев.
Кини таптыыр, эрэнэр кыыһа Дария бу кинигэни аҕатын кэриэһин толорон, кини иннигэр мүччүрүйбэт иэһин курдук санаан, баар суох чугас киһитин олоҕун туох да кистэлэ суох барытын аһаҕастык кэпсээн, кинини билэр, ытыктыыр, сүгүрүйэр дьоҥҥо бэртээхэй бэлэх оҥордо. Атын маннык хабааннаах ахтыы кинигэлэриттэн уратыта диэн, бу кинигэ роман курдук тутуллаах. Дария көннөрү ахтыылары хомуйан, наардаан, сааһылаан эрэ кэбиспэтэх – кини аҕатын олоҕун саас-сааһынан арыйан, онно сөп түбэһиннэрэн ахтыылары киллэртээбит. Онтон мин 20-тэн тахса сыл устата редакторынан үлэлээн кэлбит, элбэх эдэр уонна олус эдэрэ да суох суруналыыстары кытта үлэлээбит, спорт бэчээтэ уонна күн сирин көрөр кинигэлэр туох да сыыһата-халтыта суох, дьоҥҥо өйдөнөр уонна кэрэхсэнэр тылынан суруллубут буолалларын ирдиир, туруулаһар киһи быһыытынан көрөн, Даша икки тылы туох да эҥкилэ суох баһылаабытыттан, олус үчүгэйдик суруйар дьоҕурдааҕыттан улаханнык үөрдүм уонна астынным, доҕорум оннугар кини оҕотун ситиһиитинэн киэн тутуннум. Уонна Дария Афанасьева-Яковлева айар аартыктара бу аҕатын үйэтиппит бэртээхэй кинигэтиттэн саҕалаан өссө да арылла турдуннар, инникилээх-кэскиллээх буоллуннар диэн алгыспын тиэрдэбин!
Олохтон барбытыгар доҕорум туһунан суруйбут ахтыыбын кэлин бэйэм сайтпар таһааран үйэтиппитим https://sakha-korotov.ru/2012/09/06/degitter-talaannaah-anatolij-afanasev/
Онтон мин бииргэ үлэлэһэр биир идэлээҕим уонна доҕорум Лена Томская Анатолий туһунан бэртээхэй киинэ устубута https://youtu.be/YvtyVaDlNV4
Ол туһунан эмиэ суруйбутум https://sakha-korotov.ru/2012/09/12/v-suntare-sostoyalsya-pervyj-pokaz-filma-o-vydayushhemsya-trenere-afanaseve/
Для приобретения книги обращаться по телефону +79142252815, есть доставка по центру города, а также можно купить в магазине «Me&My Home» в ТРК «Туймаада» и сети магазинов «Книжный маркет», цена – 1500 руб.